Мин үөрүүбүттэн киһибэр испиискэ, кыра чэй, табах биэрдим. Сарсыарда халлаан сырдыыта турдубут. Мин эргэ соҕус эрээри, бүтүн, бэртээхэй этэрбэстэри кэтэн кэбистим. Хаатыҥкаларбын таһааран күрдьүк аттынааҕы тиит төргүү мутугун төрдүгэр үөһэ тииккэ сыһыары уурталаатым. Салгын охсон сараҕыйдыннар, кэлэн иһэн ылыам дии санаатым. Онтукаларбын силлиэ түһэрбитин аҥаарын бөрөлөр быһыта хадьырыйталаабыттар. Күнүс эрдэ Лөгөнтөйгө мэҥитэн тиийдибит. Киһим аҕатын илдьитин кэпсээтэ. Быйыл Сиридикээн баһынан, Буйуҥданан бөрө үөрэ олус хойдон табаны улаханнык аймаабыт. Ол иһин оҕонньор Тааҥычааҥҥа күрэммит. Онно төһө да мэччирэҥэ мөлтөҕүн иһин, табаларбын быыһыам диэбит. Лөгөнтөй ол бөрөлөргө айанан бултаһарыгар көрдөспүт. Эһиил өссө элбээтэхтэринэ табаларбыттан эстэбин диэн илдьиттээбит. Эрэйин кэнники саныа үһү. Мин эмиэ Лөгөнтөйгө кыһалҕабын барытын кэпсээн биэрдим. Лөгөнтөй олорбохтоон баран: «Этэ суох өлүүһүгүт. Оҕонньор сыҥааҕа ыарахан буолуохтаах. Арай мин барсыыһыбын», – диэтэ. Чэйдээт да, айаннаатыбыт. Ол күн түүннэри айаннаан Байбаакааҥҥа тиийдибит. Лөгөнтөй оҕонньору үчүгэйдик билэр эбит. Онон эрэйэ суох тылбытын ылынан түөрт табаны биэриэх буолла. Лөгөнтөйдүүн бөрөлөрү хайа сатанарынан чуҥнаһар табыгастааҕын кэпсэтистилэр. Булка сылдьарыгар биир олох сыарҕалаах табаны анаата. Онон сарсыарда түөрт эттээх табаны холбонон төннөр буоллубут. Ону баара, ол түүнүгэр буурҕа саҕаланан үс күн хаайтаран сыттыбыт. Тааҥычаан үрэҕэр кыһыннары өрө тыга турар итии уу тахсар сүүрээнэ баар эбит. Кини муус үрдүнэн халыйар сиригэр оҕонньор балаакка оннун саҕа сиргэ аппа хастаран уунан толорторбут. Үрдүнэн балаакка тардан баран онно киирэн угуттанар, сөтүөлүүр эбит. Илиим, атаҕым дьарҕатын сыл аайы манна эмтиибин диир. Лөгөнтөй биһиги эмиэ эмтэннибит. Били мантан барарбар ууну кэһэммин атаҕым бэрбээкэйдэрэ сүһүөхтэринэн дьаралыйан ыалдьаары гыммыттара угуттанан абыранным, тута оһон хаалла. Буурҕа уурайан, бүгүн сарсыарда эрдэттэн айаҥҥа туруммуппут. Аара кэлэн иһэн эн суолгун, хоммут сиргин көрбүппүт. Кэннигиттэн эккирэтэн көрөн баран, сиппэтэхпит, – Сафейка буруйдаммыттыы доҕорун бу кылгас кэм иһигэр кыырыктыйбыт баттаҕын көрүтэлээтэ.
Саас. Хаар ууллан, үрэхтэр уулара киирэн, сир-дойду уһуктан, араас көтөр үөрэ хотоол ууларыгар, үрэх хомолоругар үөмэхтэс буолбут. Кырдал кырыс сирдэр, сууйуллубут күөх сукунаны тиирэ тарпыт курдук, сырдык сибиэһэй өҥүнэн күн сардаҥатыгар көҕөрүмтүйэ толбоннуран көстөллөр. Мас-от тиллэн, симэһинэ ситэн, силигилии симэнэр кэрэ кэмэ кэлэн эрэрин кэтэһэн турардыы, үнүгэһэ үүнэн, хатырыга хаҥаан, сымала сытынан аҥылыйан, сыһыыны, хонууну бүтүннүү тунуйбут. Миитэрэй сөрүүн салгыны түөһүн муҥунан ыйырбахтаан ылла. Наҕыл хаамтарыынан Сиридикээн төрдүнээҕи киэҥ хомо сыырын таҥнары киирдэ. Хомо чычаас налыы уутугар араас кус үөрэ мустан аһыы, көччүйэ сылдьара. Күн уотугар көмүс куорсуннар кустук араас өҥүнэн күлүмүрдэһэ оонньууллар. Элбэх кус уҥуоргу кытыы бадарааныгар тахсан, төбөлөрүн кынаттарын анныгар кистээн утуйа сыталлар. Сорохтор