Иван Андросов-Айанньыт

Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа


Скачать книгу

үллүктэнэн, кэтит үрэхтии субуллар. Томтор сыырыттан чараас тумарыкка сууланан, ындыылаах аты сэтиилэммит аттаах үс киһи аллара түһэн, күөрэйэн эрэр күнү көрдө-көрбүтүнэн, кылабачыйар хаар кырпайдаах тумарык утахтарын түөстэринэн тэлэн, тыыннара бурҕачыйа, хаамтаран хоочугураттылар. Лүксүрээн ойуун куобах түүтэ бэргэһэтин көхсүгэр түһэрэн, ыыс араҕастыйбыт уһун, убаҕас баттаҕа күкээриҥнии, атын хардыытыгар сөп түбэһиннэрэн, дүҥүрүн оргууй охсо, суол тэлэн инникилээтэ. Кэнниттэн дуулаҕалара, күһэҥэлэрэ тымныыттан барбах килбэҥнэһэ, тэһииркээбит аттарын хантаччы тарда, боотурдар тамаһыттылар. Хаалбыт дьон сыыр үөһэ тоҕуоруһан, аттаахтар чоҥуорбут ойуурга киириэхтэригэр, дүҥүр тыаһа тымныыга баттатан, симэлийэ сүтүөр диэри соҥуоран, туран хааллылар. Төбөлөрүн хоҥкутан, өлбүт киһини тиһэх суолугар атаарардыы, ис туруктарын аймалҕаныгар хам баттаттылар.

      «Лүксүрээн бу дойдуну булуоҕуттан, биһиги туспутугар санааҕа-онооҕо ылларан, кырдьыбыт ээ. Бүтэһик айаным диирэ, хайдах-туох сылдьаахтыыр… Бэйэм барбаккабын…» – Туоҕа Боотур өрө тыынан ылла. Хаста даҕаны хаһыытаан, дьонун төннөрүөхтүү, салгыны эҕирийэ уһуутаталаан ылла.

      Лүксүрээн хайа күн атын үрдүгэр олоруоҕуттан биир кэм, ис-хоһооно суох кигинийэ туойа айаннаппыта. Иһиллэр-иһиллибэт тойук араастаан охсуллар күрүлгэн суккуллар тыаһыныы, быстыбакка энэлийэрэ. Тойук үссэнэр эрэ кэмнэригэр уонна утуйар чуумпуруу иннинэ тохтоон ылара. Түүнүн ынчык икки, энэлийии икки ардынан салҕанара.

      Биирдэ сарсыарда аһыы олорон, Бэлэс Боотур аргыый ыйытта:

      – Кырдьаҕаас, айаммыт былаһын тухары ити туох туһунан туойар буолаҕын?

      Лүксүрээн хатыҥ уруттан кыһыллан, харатыҥы кыһыл өҥнөммүт, үрдүгэр харыйа иннэлэрэ, отон сэбирдэхтэрэ дагдайа сылдьар убаҕаһы үрэн бурулута, аргыый саҥарда:

      – Күн сиригэр олорбут олоҕум тойуга…

      Айаннаабыттара бэһис күннэрин киэһэтигэр уҥуоргута борук-сорукка симэлийэ сүппүт улахан эбэ кытылыгар тахсыбыттара.

      – Кэллибит. Бу эбэ уҥуор бааллара, – диэбитинэн уһун айан устата биир тылы саҥарбакка испит Нүһэрги Боотур кэһиэҕирбит күөмэйин чөллөрүтэ, ыстанан түһэн, кырыарбыт атын муннун сууралаата. – Хайыыбытый?

      – Аргыара суох сиргэ, ойуур иһигэр тохтуоҕуҥ. Сарсын сырдаатаҕына ыҥырсан көрүөхпүт, – Лүксүрээн атын эргитэн, кэлбит сирдэринэн төттөрү хаамтарда.

      – Бэрт сөп. Мантан түүн аны эбэни туораары муна сылдьыахпыт. Хата, хонорго анаммыт курдук, чугас улахан бэстэр түөрүллэ сыталлара. Кулуһуннуурга даҕаны мас баардыҥы быһыылааҕа, – Бэлэс Боотур атын соруйа, Лүксүрээни ойоҕоһунан бидилитэн, иннигэр түһэн, сиэллэрэн сикситтэ.

      Нүһэрги Боотур үүт тураан эбэ киэҥ киэлитин кыҥастаһа турбахтыы түһээт, атын сиэтэн, дьонун батыһан бадьаалаата.

      Үс муннуктуу түөрүллэн сууллубут сыгынахтар ортолоругар тэттик ураһаны туруоран, хаардаах кумаҕынан хайдылар. Ис өттүгэр харыйа лабааларын тэлгэттилэр,