Адырыыс онно сөп түбэһиннэрэн, тэһиинин ыытан биэрбитэ. Миҥэ барахсан кулгааҕын ньылатан, аттар барбыт суолларынан түһүнэн кэбиспитэ. Кыра талахтары күөнүнэн тоҕута түһүөлээн, охтубут мастары үрдүнэн көтүөлээн, уҥуоргута дьирбиилэнэн көстөр толоон кытыытыгар биирдэ баар буолбуттара. Атын хантаччы тарда, иҥэһэтигэр туран, хараҕа ылар-ылбат сиринэн икки аттаах киһи айаннатан иһэллэрин көрбүтэ. Атын ол диэки салайаат, туос бөтөрөҥүнэн түһэрбитэ. Аттаах дьон тугу даҕаны билбэккэ сэлбэйэ айаннатан иһэр буоланнар, икки ардылара түргэнник чугасаһан барбыта. Адырыыс быһымах айанын бытаарпакка, саадаҕыттан ох саатын эһэ охсон ылан, ыҥыырын ойоҕоһугар бааммыт кэһэҕиттэн икки муҥур оноҕоһу сыыйа тардан таһаарбыта. Биирин ох саатын сүнньүгэр ууруна, иккиһин уҥа ыырааҕын быыһыгар кыбыта аспыта. Тэһиинин ыһыктан, атын арҕаһыгар хаптайыаҕынан хаптайан, ох саа бэргэнигэр киирбитэ. Кэнникилээн иһэр киһи көхсө бөгдьөйөн көстөр буолаатын кытта, ыҥыырыгар тиэрэ мэтэрийэ, оноҕостоох кирсин тардан, эйэҥэлэтэн иһэн, ыытан кэбиспитэ. Оноҕос киһи көхсүгэр тыастаахтык сааллаат, тэйэн, туора көппүтэ. Киһи соһуйан: «Һук» – диэн саҥа таһаараат, умса баран, атыттан сууллан түспүтэ. Бастаан испит киһи соһуйан, атын хантаччы тарда эргилиннэрэ, хаһыытаан тоҕо барбыта:
– Ытыма, ытыма-аа! Адырыыс Боотургун дуо?! – атын бэдьэҥэлэтэн иһэн, ыстанан түһэн, аргыһыгар сүүрбүтэ.
Адырыыс аатын истэн соһуйан, атын хантаччы тарда, тохтото сатаан туора-маары тардыалыы, дьон таһыгар мэҥитэн кэлбитэ. Кимнээхтэрин билээри, хараҕын бүлтэччи көрө, ыга астарбыта.
– Адырыыс Боотур, уоххун-кылыҥҥын уҕарыт. Биһиги Туоҕа Боотур биитэ Кырамай Боотур дьонобут. Бу эйигин ыҥырар, батыһыннарар дьүһүммүт… – диэбитинэн, бастакы боотур сүрэҕин тутта нөрүйэн ылбыта.
Охтубут боотур төбөтүн илгистэ, түөрт атахтанан бөкчөҥнүү, тэмтээкэйдээбитинэн туран кэлбитэ.
– Күһэҥэм туһалаатаҕын… Хомуруйда быһыылаах, аттан сууллуохха диэри кытаанах охсуу буолла… – дии-дии аҕылаан мэҥийэ, саҕынньаҕын устан, Адырыыс Боотурга көхсүн көрдөрдө.
Төгүрүк күһэҥэ куйах хабыллар хаба ортотунан хомуллан иһирдьэ киирбитэ күлүктэнэн көстүбүтэ.
– Муҥур оноҕоһунан дэгэпчилээбиппэр үөр! Кимҥитин-туоххутун хантан билиэмий, кыылбын өлөрөн, эккирэтэн ыл диэбиттии, оноҕоспун тииккэ саайбыт баҕастааххыт! Ааппын ааттаабатаххыт буоллар, иэҥҥитин хастаан туран, ээххитин этиттэрэрим хааллаҕа… Кыылым аҥаарын, тириитин аҕалыҥ! – Адырыыс бардьыгынаан тоҕо барбыта. – Кырамай Боотур, Туоҕа Боотур диэтигит дуу, сирдээҥ оччоҕо…
– Биэрэн-биэрэн. Түөлбэбитигэр тиийдэхпитинэ, тириитин ыраастаан, куурдан баран тиксэриэхпит, – бастакы боотур киһитигэр көмөлөһөн, атыгар тахсарыгар үтэн биэрбитэ. – Чэ, барыаҕыҥ, мантан чугаспыт, – диэт, ыҥыырыттан тутуһаат, иҥэһэтигэр атаҕын тумсун даҕаны кэтэрпэккэ, ыҥыырын үрдүгэр биирдэ баар буолбута.
– Кырамай Боотур мин кэлэрбин