аһыллан, тымныы салгыны бүрүнэн, үс киһи күлүкүчүйдэ. Инники киирбит киһи кырыаламмыт дуулаҕатын туура тардына, Тыгын Тойон диэки аҕыйах хардыыны оҥороот, аҥаар атаҕар тобуктуу түстэ. Манабыл боотурдар аан икки өттүгэр тураат, үҥүүлэринэн ааны бүөлүүрдүү харсыһыннара, туора-маары туттулар.
– Тыгын Тойон, аҕа ууһум бас-көс дьонугар уруй! – диэбитинэн Адырыыс Боотур дуулаҕатын сүрэҕэр диэки тута, төбөтүн төҥкөтөн ылла. Хараарбыт сирэйигэр саба түспүт баттахтарын икки өттүгэр силэйэн, иһэлийбит иэдэстэрин быыһынан, харахтара кылахачыһан ыллылар. Тыгын Тойон кылгас сонун эҥээрин нэлбэгэйдээн олорон, аа-дьуо эргиллэн, сиһин көннөрө, ньилбэктэригэр тайанна.
– Туох омолуйардаах кэлэн олороҕун? Күлүк Боотур бэйэтэ тоҕо кэлбэтэ, биитэр миигин кырытыннаран, аанньа ахтыбат буолла дуу? – Тыгын Тойон суостаахтык сыыгынаата.
– Туох диэн эттэҥий, Тыгын Тойон. Өлүү-сүтүү аргыстаах, хомолто кэпсээннээх кэлэн олоробун… Тумус киһибитин Күлүк Боотуру араҥастаан, кэлбэт сиригэр атаарбыппыт… Туоҕа Боотур… – диэн эрдэҕинэ Тыгын Тойон бардьыгынаан тоҕо барда. – Тохтоо!!! Ылыҥ эрэ, бу таҥнарыахсыты соҕотохтуу хаайыҥ! Кими даҕаны киниэхэ чугаһатымаҥ! Саҥарар, хаһыытыыр түгэнигэр үөлэн кэбиһээриҥ, баһын быһа дайбаарыҥ… Бэйэҕит эмиэ тыла, кулгааҕа суох буола ньимийиҥ! Кэпсэппиккитин, тугу эмэ истибиккитин билиэм даҕаны, баскытын бэйэм быһа далайыам! – диэн бөтүөхтүү, эргэлээх харахтара кэҥээн, суптурута көрүөлээтэ.
Баар дьон бу уордайан бардьыгынааһынтан соһуйан, өрө ходьох гына түстүлэр. Ойуун өмүрэн татакайдыы, ньилбэктэрин таһына, төбөтүн булкуйа, ис хоһооно суох бэбигирээтэ. Манабыл боотурдар ойон кэлэн, Адырыыска саҥарар түгэни биэрбэккэ, окумалларыттан өрө тардан туруоран, аан диэки дэллэриттилэр. Тимирэй Боотур батаһын сыыйа тардан ылаат, боотурдарын кэннилэриттэн тилиргэччи хааман тахсан барда. Балаҕан иһигэр уу чуумпу бүрүүкээтэ.
– Тоҕо ньимилийдиҥ! Түүлүҥ-битиҥ ханнаный? Тугу сымыйанан көрүүлэнэн: «Күлүк Боотурдаах кыайыы көтөллөөх иһэллэр», – диэн дардырҕаабыккыный? – Тыгын субу туруохтуу өрө өгдөҥөлүү, силэ бырдааттыы бобуллаҥнаата.
Ойуун куттаммыттыы, кэннинэн чинэриҥнии, талах олоппоһун түҥнэри көтөн талҕаланна.
– Оттон… Тыыннаах курдуга ээ… – диэбитинэн, сыҥаһа оронтон убаһа тириититтэн тигиллибит кулуугун харбаан ылаат, таһырдьа дьөгдьөрүйдэ.
Тыгын Тойон өрө уһуутуу, сүрэҕин тутта, бүк түһэн эппэҥнээтэ. «Туоҕа Боотурдааҕы көрсүбүттэр эбит. Дьоҥҥо кэпсээбэтэ ини… Бээ, сарсын соҕотохтуу ыҥыран истиллиэ. Суолун устата сэһэн-тэппэн оҥостон кэлбит буоллаҕына, таҥнарбыт диэн, өлөттөрөн кэбиһэрим дуу… Ол эрээри, тумус боотурдар, атыттар даҕаны сөбүлүөхтэрэ суоҕа. Онто даҕаны суох: «Туоҕа Боотурдаах күрээбиттэр, тумус боотурдаах сүппүттэр, Тыгын Тойон кырдьыбыт…» – диэн саҥа-иҥэ хойдон эрэр быһыылаах. Арай ыарыйдым диэн, ойуун буллаттара ааттаан, кэлбэт сиригэр атаардахпына… Хата, ити сөп быһыылаах», – санаатыгар хоруй булан, өрүтэ тыыммахтыы, сиһин тутта кэдэриҥнээтэ. «Туоҕа Боотурдаах