буолуо диэн, бүк эрэнэн олоробун эрээри, дьону итэҕэтэр, көрдөрөр гына тугу эмэ дьаһанныгыт дуо?
Адырыыс итини истэн, кымыһыгар чачайа сыһа, хахсайан ылла. Уу-хаар буолбут хараҕынан Тыгын Тойону көрө, дьабадьытынан ньалҕарыйбыт хоргуну ытыһын таһынан сотто, кэпсээн добдугуратан барда.
– Ол баҕайыны ир суолун ирдээн, хааннаах таныарбытын толорон, иэмэхтээх кулгааҕын быһан ылбытым… Көрдөрөр, кэпсиир баҕабын Дагдаҕар Боотур уонна Дуораан Уус ылан хааллылар. Туохха туттаары гыммыттарын билбэтим. «Туматтары бэйэбитигэр тардарга», – дииллэрэ. Дуораан Уус: «Мин ойууннааҕар күүстээхпин. Тыгын Тойоҥҥо бэйэм кэпсиэм», – диэбитэ. Сити курдук, – Адырыыс, буруйдаммыттыы өрө тыына, төбөтүн төҥкөттө.
– Чэ, сөп, тылгын итэҕэйэбин. Эн миэхэ тыыннаах дьон, Туоҕа Боотурдаах, тустарынан омолуй. Хайдахтарый, хайа диэки олохсуйдулар? – Тыгын чороонтон кымыс ыймахтыы, киһитин сирэйин кэтээтэ.
– Хатыыстыыр үрэхтэн күн тахсар сирин диэки, ат үс-түөрт күннээх тура айанныыр сиригэр, ортотугар булгунньахтаах улахан сыһыыга олохсуйан эрэллэр. Икки силбэһик хотонноох уонна туспа эмиэ балаҕан туттубуттар. Сураҕа, кинилэртэн чугас соҕус Мукучу Хоһуун диэн, уруккута эн боотур киһиҥ, олохсуйан, сүөһүлэнэн, сылгыланан олорор үһү. Ол киһи аҕыйах хоһууннардаах билсэ кэлэ сылдьан, ыһыах ыстарбыт этэ. Күрэскэ кыайтаран, үс сүөһүнү кытта биир оҕус биэриэх буолбут. Онтукайдарын аҕала бараары хаалбыттара. Олохтоох туматтар, тигии сирэйдээхтэр, атын даҕаны урдустар үгүстүк кэлэллэр-бараллар эбит. Туоҕалаах сирдэрин-уоттарын көмүскээн, кыргыһан аҕыйаабыттар. Быстыбыт-ойдубут аҕыйах ыал дьон, көмүскэл көрдөөн, сыстыбыттар.
Арба даҕаны, ойуун диэбиккэ дылы… Кэпсиирдээх эбиппин. Мантан барсыбыт Хаан Илбис ойуун, били эн аккын атылыннарбыт Туйах уол көмө көрдүү баран истэҕинэ өлөттөрөөрү, хантан эрэ сыстыбыт тыла суох уолу быһахтаан ыыппыт этэ. Биһиги түбэһэ кэлэн, Туйаҕы быыһаабыппыт… Ол тыла суох уол Туйаҕы өлөрбүтэ буоллар, Туоҕа Боотурдаах имири кыргыллаллара хааллаҕа, – Адырыыс Боотур өҥнөн кэпсиирдээҕин дьэ өйдөөн, төбөтүн өрө көтөхтө.
Тыгын Тойон итини истэн, эрчимнээхтик ойон турда. Адырыыс соһуйан, тиэрэ мэтэрийэн иһэн, эмиэ туран кэллэ. Тыгын Тойону утары көрөн иһэн, тулуйбакка умса көрө нөрүйдэ.
– Ол иһин сэрэйэр, сэрэхэчийэр этим… Ыһыахха сүппүт боотуру бэрт түргэнник суоллаан булбута. Итиннэ туох эрэ баар. Чэ, бээ, биллэн иһиэ… Иһит эрэ, Адырыыс! Туоҕа Боотуру көрсүбүтүҥ туһунан кимиэхэ даҕаны быктарбатыҥ ини? Кырдьыгы эт! Кэпсээбит буоллаххына, син биир хаһан эрэ иһиллиэҕин билэн эрдэҕиҥ…
– Иэгэйэр икки атахтаахха айахтата иликпин. Эйиэхэ эрэ иһитиннэрдим. Туоҕа Боотур сэрэппитэ…
– Итэҕэйэбин. Олор, кэпсэтии баар, – дии-дии Тыгын Тойон сүрэҕин туттубутунан, уһуутуу тыына, олоро түстэ. – Манна олох-дьаһах кэминэн. Өлүү-сүтүү ханна барыай, кырдьаҕастар күн-түүн аҕыйаан иһэбит… Дьэ, мин ыалдьан, моһуогуран олоробун. Ааттаах-суоллаах ойууннарым кыайбакка, чугастан-ыраахтан