Иван Андросов-Айанньыт

Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа


Скачать книгу

өттүнэн силэйбэхтии, Лүксүрээн оҕонньор нүксүччү туттан, тайахха тэптэрэн туран кэлбитэ. – Саҥа туран эрэр уол субай хаанын тоҕон, буруйу-сэмэни боруостуом дии саныыгын дуо? Онто даҕаны суох элбиэхтээҕэр аҕыйыы турабыт… Тыгын Тойон илинэн-эйэнэн сахалары түмэ сатыыр ыһыах ыһар кэмигэр кыргыһыы көрдөөн тииһээри гынныҥ дуо? Хаалары дьэбэлэйдээмэ…

      – Лүксүрээн кырдьаҕас, этиитин эттиҥ гынан баран… – сороломмут эриэн холто сонун дьагдьайбыттыы сөрүү тардына, Хаан Илбис ньуолбардаан саҥара туран, тоҥхолдьуйбута буолбута. Одоҥ-додоҥ тиистэрдээх айаҕын аллаччы атан, ньылаҥныы ымайбыта эрээри, сүүрэлээбит кыараҕас харахтара тымныынан кылахачыһаллара. – Үөһээттэн анаммыт айыы дьөһөгөй оҕотун субай хаанын хаан эрэ суурайар буолла… Дагдаҕар Боотур сөпкө этэр. Биһиги диэтэх дьон, Тыгын Тойон илиитэ тиийэ илик тэйиччи сириттэн хайа эмэ аҕа ууһун имири кырган, иэһи төлүүргэ тоҕоостоох кэм кэллэ бадахтаах. Түүл түһээн түҥүлүйдэхпинэ, айан аартыга арыллар буоллаҕа үһү…

      – Ойуумсуйума! Эн саҕа түүллээхтэр-биттээхтэр манна да баарбыт, – Хаан Илбис быһа түспүтүн сөбүлээбэккэ, Лүксүрээн тиэрбэс курдугунан эриличчи көрбүт харахтарын кырыытынан кынчыаттыы, этэрбэһин оһуттан былаайаҕы хостоон таһаарбытыгар, Хаан Илбис ньыкыччы түһэн, кэтит көҕүстээх Дуораан Уус кэннигэр түспүтэ. Лүксүрээн былаайаҕын батас курдук үөһэ ууна салгыы саҥарбыта:

      – Иэс, иэс төлөнүөхтээх! Тыгын Тойон сахалары түмэ сатыыра хайҕаллаах, ол эрээри атын улуус аҕа баһылыктарыгар, кини үрдүк аатыгар, баайыгар күлүк түһэрбиттэри кытта эйэлэспэтин көрдөрөөрү кырыктанан турдаҕына көҥүлэ. Мантан инньэ иэһин көрдөөн, сүгүн олордоро саарбах. Онто да суох, отун оттоон, маһын мастаан биэрэрбит таһынан, саарба эккирэтиитигэр эт-тирии баранна… Иэһи төлөөн, сүөһү көрөөччү, сылгы манааччы буоларбыт хааллаҕа. Оҕолорбут, сиэннэрбит сирдэнэн-уоттанан, сүөһүлэнэн-астанан бүтэр уһукка тиийэр муҥмут буоллаҕа дуу… Чэ, ол эрээри түүл-бит үчүгэй. Бас-көс киһибит Туоҕа Боотур, эн этиигинэн, эн ыйыыгынан буолуохтун, – Лүксүрээн былаайаҕын утары ууммутунан нөрүйбүтэ.

      Туоҕа Боотур дьонун эргиччи көрө, аа-дьуо туран, сис туттан хаамыталаабыта:

      – Ыл эрэ, Дагдаҕар Боотур, ураһаны эргийэ сүүрэн киир эрэ. Эһигиттэн ураты икки кулгаахтаах мин этэрбин истибэтэр ханнык…

      Дагдаҕар Боотур даллах гынан эрэрэ баара да, икки атаҕар дьирэс гына тура түспүтэ. Аҕыйахта атаралаан, таһырдьа ойбута. Өтөр буолбатаҕа, сүүрэн киирэн, кэҕис гынаат, олоро түспүтэ. Туоҕа Боотур хаамарын тохтотон, өссө биирдэ дьонун эргиччи көрбүтэ, тыастаахтык өрө тыыммыта:

      – Биһиги мантан барабыт! – диэбитигэр бары суугунаһа түспүттэрэ. Лүксүрээн туруохтуу өгдөҥнөөн иһэн, олбоҕун көннөрө умса нөрүйбүтэ.

      – Ситэри истиҥ! Тыгын Тойон кытааттаҕына, кырыктаннаҕына эрэ бүтүн аҕа уустарын түмэ тардар, тылын иһитиннэрэр буоллаҕа. Үс саханы үмүрү тарда сатыыра кэлэр көлүөнэлэргэ үчүгэйтэн атыны аҕалбатын билэн эрдэҕэ… Биир тарбах күүһэ дуу, биэс тарбах ыга тутуллубут сутуруга дуу…