Иван Андросов-Айанньыт

Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа


Скачать книгу

да диэбит иһин, күрээн барабыт. Онон туора кулгаах истиэ-билиэ суохтаах. Кими даҕаны күүһүлээбэппин. Оҕону-дьахтары, кырдьаҕастары эмиэ илдьэ барбаппыт. Тыгын Тойон дьахтары, оҕону, кырдьаҕаһы тыытыа суоҕа. Бэркэлээтэҕинэ үлэһит оҥостуо… Үрүҥ тунах ыһыах буолар түбүгэр уонна ыһыах кэмигэр кыргыһыыттан, хаан тохтуутуттан туттунуо, онон эккирэтиннэриэ суоҕа. Онтон от үлэтэ, кыстыкка бэлэмнэнии ыга анньыа турдаҕа… Онуоха диэри биһиги ыраатыахпыт. Саҥа сирдэри баһылыырга айдарыылаах дьоммут Лүксүрээн, Хаан Илбис хайаан даҕаны барыстахтарына сатанар. Тиийэн туох-хайдах олорорбут кинилэртэн тутулуктаах…

      – Сөпкө эттиҥ, – Лүксүрээн убаҕас бытыгын имэринэ, Хаан Илбис таһыгар тохтообута. – Хаан Илбис, аатыҥ ааттанар, улахан ойуун аатырар сириҥ онно буолуо. Эн биһиккиттэн биирбит дьабыммытыгар уруттаан аттанарбытыгар үөһээ үтэйсэрбитигэр көмөлөһүстэхпитинэ сатанар… Манна хаалардыы сананан олорор буоллаххына, улаханнык сыыһыаҥ. Ким да эйигин улахан ойуунунан билиниэ суоҕа, сотору кэминэн илбис иҥэртэрэр эдэр ойуун иннибэр барыгылдьыйар… Дьэ ону бэйэҥ бил.

      Хаан Илбис дэгдэс гына түспүтэ. «Бары иһиттигит дуо?» диэбиттии, тула көрөн мэлээриҥнээт, тоҥхоҥнообута.

      – Мин барсыбатахпына, сатаммат буоллаххыт, – дии-дии ымаҥнаабыта.

      – Биилэрим! Аҕа ууһум бас-көс дьоно, мин биир көрдөһүүлээхпин, – диэбитинэн үгэн өрөгөй сааһыгар сылдьар эрээри оҕолуу сирэйдээх, түргэн-тарҕан туттуулаах Кырамай Боотур туран кэлбитэ. Ыас хара будьурхай баттаҕын бааммыт үрүҥ-хара өҥнөөх гына кылтан өрүллүбүт быатын төлө тардан, илгистэн ылла, дьону кэриччи көрө тоҥхолдьуйбута. – Дьэ, мин Тыгын Тойонтон тэйиэхпин баҕарбытым ыраатта. Онон бу кэпсэтиини олус үөрэ иһиттим… Түүллээхпин-биттээхпин бары даҕаны билэ, истэ сырыттаххыт. Аҕыйах хонуктааҕыта маныаха маарынныыр бэрт дьикти түүлү түһээбитим. Чэ, ону кэпсии барбаппын. Эһигиттэн көрдөһөөрү гынабын… Мин боотурдарбын, чаҕар дьоммун барытын көһөрөн барабын. Ону таһынан биир мөрүөн сүөһүнү үүрдэриэм. Куттанымаҥ, эһиги ахсым айаҥҥытыгар боҕуу буолуохпут суоҕа. Сүөһүлэри кэннибититтэн чаҕардарым үүрүөхтэрэ. Сыстаҥ диэн сүрдээх суолдьут уоллаахпын. Ол уол, тахсыбыт сирбитин торумнаатаҕына, булан тиэрдиэҕэ. Мин эһигини кытта тэҥҥэ барсан иһэн, түүлбэр маарынныыр сиргэ олохсуйа хаалабын. Кэннигититтэн эккирэтэр күннээх буоллахтарына, мин чупчурҕан охпуттан орпуттара тиийиэхтэрэ… Ол эрээри, түүл-бит бэрт үчүгэй этэ. Холоонноохпун көрсөн, оҕо төрөтөн төлкөлүүр, аймах-уруу тэринэр, хороҕор муостааҕы хотолдьутар, сыспай сиэллээҕи сырыырҕатар сирим онно баар эбит. Эһиги даҕаны мин олохсуйа хаалбыт сирбиттэн оннук ыраах кый баһа дойдуга тэйбэккит буолуо. Билсэ-көрсө, күүс-көмө буола туруохпут буоллаҕа…

      – Инибитин биһиги билбэтэхпитинэ ким билиэй? – Туоҕа Боотур Кырамайга кэлэн, санныттан кууспута. – Сөптөөх санааҕа кэлбиккиттэн үөрэбин. Ойохтонон, оҕолонон-урууланан, биһиги аҕа ууһу тэнитэр үтүө буоллаҕа. Инибит көҥүл санаатын бохсубаппыт. Ханна таптыы көрбүт сиргэр