Иван Андросов-Айанньыт

Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 1 чааһа


Скачать книгу

түспүт, күрэҥсийбит сүүмэхтэри кулгаахтарын кэннигэр кыбыта аспыта.

      – Олор! Этэр тылбын өйдөөн-дьүүллээн иһит… Уһун сыллар тухары, дуоҕа тутааччынан сылдьан, кырыктаах кыргыһыыларга кыттыбытыҥ, быһылааннаах айаннарга эр санааҕын көрдөрбүтүҥ элбэҕи этэр, – сис туттан, төттөрү-таары хаамыталаат, олбоҕор олоро түспүтэ. – Бу кэпсэтиибитин, эн биһиккиттэн ураты, иэгэйэр икки атахтаах билиэ суохтаах… Эн боотурдаргын, чаҕардаргын илдьэ бу сиртэн күрээн бараҕын. Өйдөөтүҥ дуо, күрээн! Туймаада олохтоохторугар эн мин аппын төлүүр кыаҕа суоххуттан, хаан халыйыаҕыттан куттанан күрүүгүн…

      Туоҕа Боотур ити тыллартан соһуйан, өрө көрө түспүтэ. Тугу эрэ этиэхтии өгдөҥөлөөн эрдэҕинэ, Тыгын Тойон сапсыйан кэбиспитэ.

      – Хаан-уруу, оҕо, аймах диэни, үчүгэй кэмҥэ диэри, тэйиччи туттахпына сатанар кэм үүннэ… Иһит, үүрдэ дии санаама… Үөһээлэр, соруйан аппын өлөртөрөн, уһуну-киэҥи анаарар, кэскиллээх санааҕа үтэйдилэр. Саас ылан эрэр. Кэлии-барыы да ыараата. Онно эбии, чугас диэбит сорох дьонум баайга, сиргэ дураһыйталыах курдуктар. Атааннаһыы, арахсыы, хаан тохтуута түмсүүгэ, илгэ-эйэҕэ тиэрпэт. Ол эрээри аҕам Мунньан Дархан урааҥхай сахалары бииргэ түмэр ыра санаатын ыһыктыбаппын… Дьэ, ол инниттэн саҥа сирдэри баһылаан, олохсуйан, баайы хаҥатан, уруу-аймах кэҥэтэр кэм кэллэ.

      Бүтэһик, кистэлэҥ сорудахпын толоруо диэн бүк эрэнэн олоробун. Эдэр-сэнэх, кыанар эрдэхпинэ Кыйаар диэн ааттаах бэрт бултаах-алтаах, үтүмэн элбэх саарба кыыллаах Сыа дойдуга сылдьыбыттааҕым… Онно бараҕыт. Кэнэҕэскитин Кыйаар дойдуга олохсуйан, Тыгын Тойон бииһин-ууһун салгыыр, урааҥхай саха төрүттэрэ эһиги буолуоххут. Ааппын ааттатыаххыт, сирбин-уоппун кэҥэтиэххит, саха бииһин элбэтиэххит… Манна күүһү-уоҕу мунньунарга, сэби-сэбиргэли, куйаҕы оҥорторорго Кыйаар саарбата төһүү күүс буолуо. Муммут-тэммит, кыаммат-түгэммэт кыра-хара дьон сир аайы бааллар. Кинилэри түүрэйдээн, куттаан буолбакка, илинэн-эйэнэн тардаҥҥын, аҕа уускун хаҥатаар.

      Маннык сорудаҕы истиэм эрэ диэбэтэх Туоҕа Боотур харааччы буккуллан хаалбыта. «Тугу-тугу иһиттим… Букатын барабыт дуо? Сылгынан төлөөбүтүм көнө буолбатах дуо?» – диэн санаалар охсуллан ааспыттара. Итииргээн, балаҕантан чэбдик, сөрүүн салгыҥҥа тахса охсуон баҕарбыта.

      – Бараҕыт! Кистии-саба тэриниҥ, – Туоҕа Боотур тугу саныырын таайбыттыы Тыгын Тойон чиҥэтэн биэрбитэ. Кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, эһэ тэллэххэ тиэрэ нараһыйан иһэн, эрчимнээхтик ойон турбута. Тэлгэнэн сытар тириитин арыйа баттаан, кыра тирии саппыйаны хостоон таһаарбыта.

      – Бээрэ, умна сыстым, – нөрүйэн турар Туоҕуга лиһирдээн кэлэн, суон моонньугар тирии саппыйаны кэтэрпитэ. – Маны бэйэҕиттэн араарымаар. Хочоҥ буора уонна биһиги аҕа ууһун бэлиэтэ – биһилэх. Үөс сиртэн саха сирэйдээхтэр күүстэринэн өттөйөн, күнүҥ хараҥардаҕына көрдөрөөр. Биитэр көмө көрдөһөргөр туһалыа. Төһө даҕаны кырытыннардаллар, суон сураҕым дуораһыйдаҕа, уһун илиим тиийимтиэтин истэ-билэ сырыттахтара. Көмөлөһүө…