саамай үчүгэйэ – перемена эбит. Билигин чуораан тыаһаатын кытта Кыталык Кыыс уонна кылаас оҕолоро бары сүүрэн кэлэн миигин кытта кэпсэтиэхтэрэ, оонньуохтара. Оо, хаһан перемена буола охсор! Чуораан тыаһаатын кытта:
– Оҕолоор, бары оргууй аҕай турдубут уонна оргууй аҕай кылаастан таҕыстыбыт! Кылааска ким да хаалбат. Оонньуу сылдьан алҕас Ваняҕа кэтиллиэххит да, кини өлөн хаалыа. Оччоҕо эһигини милициялар хаайыыга угуохтара! – диэтэ учуутал. Оҕолор бары мин диэки соһуйбуттуу көрө-көрө, атахтарын төбөтүгэр үктэнэн, кылаастан тахсан бардылар. Учуутал: «Мин кэлиэхпэр диэри кылааска ким да киирбэт!» – диэт, ааны таһыттан хатаата.
Күүтүүлээх, элбэҕи эрэннэрэр переменам миигиттэн кылаас оҕотун барытын тэйиппитэ, атын оҕолорго ырааҕынан тиийбэппин өссө төгүл бигэргэппитэ. Ити түгэнтэн ыла, оскуоланы бүтэриэхпэр диэри, оҕолорго: «Мин эмиэ син биир эһиги курдукпун, киһи аҥаара буолбатахпын, киһибин», – диэн дакаастыы сатаабытым. Ол дакаастыырбар бастакы көмөлөһөөччүнэн, мин дьолбор төрөөбүт, маҥнайгы учууталым Любовь Григорьевна Прокопьева-Попова буолбута. Уруок кэнниттэн оҕолору атаараат, Любовь Григорьевна, убайдарым кэлэн ылыахтарыгар диэри, миэхэ күүстээх санаалаах дьон тустарынан араас кинигэлэри ааҕан биэрэрэ, кинигэ геройдарын холобур оҥороро:
– Бу Спартак диэн ыарыһах оҕо дьарыктанан-дьарыктанан күүстээх бухатыыр, гладиатор буолбут. Кэлин Рим восстаниетын баһылыгынан талыллыбыт. Эн эмиэ дьарыктан, улааттаххына Спартак курдук буолаар, сөп дуо?
– Сөп, Спартак курдук дьарыктаныам! – мин норуоппун кытары бүтүннүү уот кутаа буолбут Римы ылан эрэр курдук сананабын, гиипсэм иһигэр быччыҥнарым күүрэллэр.
– Бу Саша Суворов атаҕа ыалдьан икки сыл устата оронтон турбатах оҕо, дьарыктанан-дьарыктанан улаатан баран, туох киһи буолан тахсыбытый?
– Нуучча улуу полководеһа Александр Суворов генералиссимус диэн аан дойдуга саамай кылаабынай генерал буолбут.
– Эн эмиэ Саша Суворов курдук дьарыктан. Ыарахантан куттаныма, чаҕыйыма. Тугуҥ эрэ табыллыбатаҕына, бэринимэ. Санаабыккын ситиһэ үөрэн. Улааттаххына Суворов курдук күүстээх санаалаах, өйдөөх, хорсун буолаар, сөп дуо?
– Сөп, Александр Суворов курдук полководец буолуом, – мин хас да тыһыынча саллааттаах армиялаах Альпа хайаларын уҥуордаан, Измаил курдук бөҕө кириэппэһи ылан эрэрдии сананабын.
Дьиэбэр туох да атын дьарыгым суох буолан, үөрэхпэр үчүгэй этим. Сотору кэминэн ааҕар-суруйар буолбутум. Любовь Григорьевна түргэнник ааҕыыга кыайыым иһин хайҕаабыта уонна «Горячий камень» диэн Аркадий Гайдар кинигэтин бэлэхтээбитэ. Ону ааҕан бүтэрээт, учууталбыттан ыйыттым:
– Любовь Григорьевна, ити кинигэҕэ суруллубут итии тааһы хантан булуохха сөбүй? Почта таһыгар сытар таас эмиэ итии ээ. Аркадий Гайдар ол тааһы суруйбута буолуо дуо?
– Ваня, эн итии тааска тоҕо наадыйдыҥ?
– Мин ити кинигэҕэ суруллубутун курдук итии тааһы, хайдах эмэ гынан сыылла сылдьан, хайа чыпчаалыгар таһаарыам, алдьатыам уонна бэйэбэр саҥа олоҕу көрдүөм