Иван Дьячковский

Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн


Скачать книгу

кэбис, бээ, сурукпун төттөрү ыла охсон, сүрэхпин хайаан да уоскуттахпына сатаныыһы! Инньэ гынан сурукпун, чуораан тыаһыан иннинэ тиийэн, төттөрү ыллым. Ити кэнниттэн, сурукпун Кыталык Кыыс кинигэтигэр, суумкатыгар, сонун сиэбигэр уура сатаабытым да, сырыы аайы сүрэҕим тыаһын тулуйбакка, төттөрү ыларым. Күн бүгүнүгэр диэри, ол сурукпун кыайан биэрбэккэ сылдьабын.

* * *   

      «Убайдарым туох ааттаах өр буоллулар! Саатар, бырааттарым бааллара буоллар, чэй куттаран аҕалтарыам этэ. Бэлэһим дэлби хатта. Чэ, кэбис, кинилэри кэтэстэххэ, киһи утатан өлүүһү! Оһох үрдүгэр көстөн турар чаанньыкка хайдах эмэ тиийэр инибин», – дии санаат, онтон-мантан тутуһан, бэрт эрэйинэн тиийэн чаанньык тумсуттан уу омурда турдахпына, таһырдьаттан уолаттар кутуллан киирдилэр:

      – Хайа, Ваня! Эйигин ким манна аҕалла?

      – Суох, бэйэм кэллим.

      – Ээ, сымыйалаама! Эн сатаан хаампаккын буолбат дуо?

      – Кыратык хаамабын ээ, – диэт, кэлбитим курдук айаннаан, төттөрү ороммор тиийэн сыттым.

      – Хаамар эбит буолбат дуо! Биһиги ону билбэккэ, оскуолаҕа сүгэн илдьэбит-аҕалабыт, – дэстилэр.

      Нөҥүө сарсыардатыгар: «Биһиги эйигин өйүөхпүт, бэйэҥ хаамаар», – диэтилэр, өйөөн оскуолабар илтилэр. Мин, Нуучча Уйбаан, убайдарым кэпсэтиилэрин нууччалыы тылбаастаан бараммын, биирдэ өйдүү сатыырым. Ол саҕана сорох сахалыы тыллар хастыы да суолталаах буолалларын билбэт этим. Ол иһин сыыһа-халты өйдүүрүм элбэҕэ:

      – Бүгүн саамай кылгас күн.

      – Братья сказали: «Сегодня самое короткое солнце».

      – Бүгүҥҥүттэн күн уһаатар-уһаан иһиэҕэ.

      – «С сегодняшнего дня солнце будет расти».

      – Сотору сайын кэлиэ, үөрэнэн бүтүөхпүт. Оонньуохпут аҕай!

      – Придёт лето. Учиться не будем. Будем только играть.

      – Чэ, үчүгэйдик үөрэн. Быаҕын баайдыбыт, – диэт, убайдарым бэйэлэрин оскуолаларыгар тэбиннилэр.

      … Уруокка олорон көрбүтүм, күн кырдьык даҕаны кылгыаҕынан кылгаабыт, сиэстэрэ Света кэпсиир колобогун курдук буолбут. Убайдарым кэпсииллэринэн, сотору уһуоҕа, ол аата ньолбойуоҕа, төбөлөнүө, кулгаахтаныа, илиилэниэ, атахтаныа, түргэнник улааттаҕына, маҥнайгы кылааска – биһиэхэ кэлиэҕэ. Кими кытта олордуохтарай? Миигин кытта олордор буоллахтара дии. Паартаҕа мин эрэ соҕотоҕун олоробун. Хата, бэрт, биһигини переменаҕа таһыттан хатаан кэбистэхтэринэ, ону-маны кэпсэтиэхпит аҕай! Оонньуохпут. Арба да аҕам биһигини киэһэ аайы «күн утуйа барда, утуйуҥ» диир, мин күнтэн ыйытар эбиппин «хайдах ороҥҥо утуйаҕыный, суорҕаныҥ хайдаҕый?» диэн.

      – Любовь Григорьевна, ити буоллаҕына Ваня эн быһаараргын истибэт!

      – Кини билигин тугу да өйдүө суоҕа уонна «2»-ни ылыа!

      – Оччоҕуна биһиги «Звездочкабытын» түһэн биэрэр! – кыргыттар айдаардылар. Онуоха Любовь Григорьевна:

      – Оҕолоор, Ваняны тыытымаҥ! Кини ийэтэ өлбүтүн билэҕит буолбат дуо? Ийэтин санаабыта буолуо, – диэн сибигинэйдэ.

      – Суох,