Иван Дьячковский

Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн


Скачать книгу

бары ыллыы-туойа, үҥкүүлүү сылдьаллар. Онтон улахан, туруйаҕа майгынныыр көтөрдөр кэлбиттэрэ. Көтөллөрүгэр моойдорун токуруталлар. Кинилэр күл өҥнөөхтөр. Саһархай тумустаахтар, кэтэхтэригэр хара синньигэс баттахтаахтар. Кынаттарын уһун куорсуннара харалар.

      – Мин билэбин, ол мас туруйалара – эһирдэр, – диэтэ Боря.

      – Ол сахалыыта эһир, нууччалыыта «серая цапля» диэн көтөр, – быһаарда барыны бары билэр уолбут Лёня.

      – Ньургуһуннары тоҕо үргээтигит? Аһыммаккыт дуо?

      – Ээ, онно ньургуһун элбэх. Дьиэбитигэр илдьэн дьоммутун үөрдүөхпүт.

      – Кэрэ тыыннааҕар эрэ кэрэ. Эһиги дьоҥҥутун үөрдүөххүтүн баҕарар буоллаххытына, кинилэри айылҕаҕа илдьэн, үүнэн турар ньургуһуннары көрдөрүҥ, – диэт, олбуорбар киирдим.

      Ол күнтэн ыла Быллараат диэн күөл аттынан күн аайы ааһар буоллум. Төһөнөн дьиэбиттэн тэйэбин да, соччонон кыталык үҥкүүтүн көрбүт кытылым чугаһыыра күүспэр күүс эбэр, санаабын бөҕөргөтөр. Суруктаах тайах маһым күнтэн-күн аайы иннин диэки сыҕарыйдар-сыҕарыйан истэ.

      Бүгүн уҥуоргута көстүбэт бурдук бааһынатын кытыытыгар кэллим. Ыам ыйа ортолоһон, лаппа сылаас. Бэҕэһээ хаалларбыт тайах маспын туура тардаат, саҥа хорутуллубут бааһынаҕа үктэнээт, икки атахпынан батыллан хааллым. Хас да чааһы быһа астаһан, сыралаһан, сыыллан кэриэтэ бадараантан тахсан, тайах маспын бэҕэһээҥҥи сирбэр төттөрү туруордум. Бу киэҥ нэлэмэн бааһынаны кыайан туоруо суохпун. Бүгүн тайахпын биир да хардыыны сыҕарыппатым. Хата батыллан өлбөтөхпөр баһыыба диэн ытыы-ытыы дьиэбэр төнүннүм. Олбуорбар хортуоппуй оҕуруотун көрөммүн сэргэхсийдим. Хата манна бааһынаҕа сатаан хаамар буоларга үөрэниэм диэн санаам чэпчээтэ. Күн аайы, күҥҥэ хаста да, хортуоппуй оҕуруотун тэпсэн аҕабыттан мөҕүллэрим. Сынньаммакка эрэ оҕуруоппун төттөрү-таары туоруур буолаат, эмиэ бааһынабар тиийбитим. Ол күнтэн ыла тайах маһым бааһына ортотун    диэки айаннаан барбыта.

      Бааһынаны уҥуордуу сатаабытым төрдүс ыйа бүтэн эрэр. Бу кэм устата бааһынам өҥө бэсиһин уларыйда: бастаан саҥа хоруллан кугас, онтон бурдук быган от күөх, ол кэнниттэн улаатан, маҥхайан көстөр буолбута, онтон туораахтанан саһарбыта, билигин сэлиэһинэй ситэн-буһан, туорааҕа тохторо чугаһаан, кытаран көстөр. Бааһына кытыытыгар төһөнөн чугаһыыбын да, соччонон тиийэ охсор баҕам күүһүрэн истэ.

      «Бүгүн хайаан да бааһынам уҥуоргу кытыытыгар тиийиэм» диэн санаабын толороору, төһө да сылайдарбын, инним диэки баран истим. Сылайан, утатан, итииргээн, илиим-атаҕым сап-салыбырас буолла, хаппыт буорга умса баран түстүм. Дьиэбэр төннөр күүс-сэниэ ордорумматахпын диэн акаарыбыттан кэмсинэ санаатым. Атырдьах ыйын бүтэһик күнэ диэтэххэ, күммүт суоһаабыта сүрдээх дии! «Таммах уу көмүстээҕэр күндү» диэн дьэ манныгы этэн эрдэхтэрэ. Бүгүн дьиэбэр кыайан төннүбэтэхпинэ, аны уонча хонугунан, бурдук быһааччылар мин манна хатаччы хатан сытарбын булан ылыахтара уонна: «Оо, бу Дьуона оҕонньор уола эрэйдээх тугу көрдөөн манна кэлэн быстараахтаабытай? Били почтаҕа саҥа начальник кэлбитэ