Далан

Тулаайах оҕо


Скачать книгу

даҕаны, соһоллорун хоту дэллэрийэн испитэ. Кинини чугас баар суон баҕаналарга үс сиэл быа туора тардыллыбыт холомоҕо илдьэн аан утары туруоран кэбиспиттэрэ. Уол уонна холомо икки ардыгар куоллараан тахсар гына, икки аҥыы силэлээн сэлэлии туруммуттара. Тугу эрэ улаханы күүтэрдии, айдаан-куйдаан соҕотохто нам барбыта, бары холомо дьиэлин диэки хайыспыттара. Даҕанча кинини эмискэ төйүппүт үгүс киһи күйгүөнэ ах баран, дьэ, өйүн-төйүн булуммута уонна эмиэ туох буолаарай диирдии, холомо аанын кэтэспитэ. Кини холомоттон сулбу ыстанан тахсыах тугу баҕарар күүтэрэ: өйүн-төйүн булунан, эһэтэ кинини эрчийэрин саҕанааҕы курдук, бары иҥиирэ-ситиитэ барыта күүрэн дыгынаан бэлэм турбута.

      Оттон холомо иһигэр буоллаҕына туох эрэ тыаһа сири түгэҕинэн дириҥник, иччилээхтик ньиргийэрэ, ким эрэ суордуура, таҥалайын таҥсыйан чаҥыргыыра. Онтон эмискэ киһи олус улаханнык кыламмыта, холомо тирии дьиэлэ тэлэллэ түспүтэ уонна баһыттан атаҕар диэри кыа хааҥҥа түһэн тахсыбыттыы, кыһыл киһи, үҥүүтүн биитэ кылбайбытынан, ньылбы ойон тахсыбыта. Суордуу кылана-кылана өрүтэ көтүөлээбитинэн үс сиринэн тардыллыбыт үс өркөнү быһыта түспүтэ, сэлэлии турар дьон кэккэлэрин кэрийэ сүүрбүтэ. Онтон холомо ааныгар утары туох да сэбэ-сэбиргэлэ суох соҕотоҕун чороллон турар Даҕанчаҕа ойон тиийбитэ. «Быһыыта хоһуун буолар киһи таҕыста, ол аата кини батаһын хаанныырга миигин анаабыт буоллахтара», – диэн санаа уол төбөтүгэр күлүм гынар кэмигэр холомоттон ойон тахсыбыт киһи ыстанан кэлэн уолу үҥүүнэн аспыта. Хоһуун сэбэ-сэбиргэлэ суох хам-бааччы турар киһини, үтэһэҕэ үөлэр собо курдук, мэнээк үөлэн кэбиһиэм дии санаабыт бадахтааҕа – туох баар күүһүнэн сытыы уһуктаах үҥүүтүнэн уолу хара быарга өтөрү түспүтэ. Ол эрээри кураанах салгыны супту анньан, туруйалаан тиийэн үҥүүтүнэн лоһугурас таас былаастаах кыһыл кумаҕы батары саайбыта. Бакамда сиэнин аһарарга кыра оҕо эрдэҕиттэн үөрэппитэ таах хаалбатах этэ – тумат хоһуунун биилээҕиттэн кэбэҕэстик халбарыс гынан биэрээт, сыыһа туттан туруйалаабыт киһини эт сутуругунан эҥил баска охсон ньиргиппитэ. Ол кэннэ ходуллубут оттуу умса барбыт киһиттэн үҥүүтүн сулбу тардан ылбыта – Даҕанчаҕа туматтар кыргыһар-өлөрсөр илбистээх хааннара уһуктубута, ити буоллаҕына хаан – хааҥҥа! Үгүстэн үгүс охтуо, аҕыйахтан аҕыйах охтуо! Кини таах туран биэриэ суоҕа!

      – Чугаһаан холоон көрүҥ эрэ! – үҥүүтүн өрө тутан туран үөгүлээн бытарыппыта, кыргыһыыга ыҥырар уордаах хаһыы чуумпурбут алардар үрдүлэринэн дуораһыйбыта: – Алакыы! Алакыы! Алакыы!

      Хоһууннара таба тутуннаҕына Даҕанчаны үҥүү-батас оҕунуоҕа оҥостон, кини хаанынан түһэхтэрин суунаары бэлэм турбут туматтар уол хаһыытыттан чугурус гына түспүттэрэ. Суох, кинилэр соҕотох киһиттэн толлон чугуруйбатахтара. Кыргыһыыга буспут-хаппыт, өлөллөрүнсүтэллэрин утуйарга холуур сэрииһит дьону дьулатар уустук этэ; кинилэр бу кимэ биллибэт уол туматтардыы хаһыытаабытыттан уонна ордук кинилэр кыргыһыыга киирэргэ ыҥырар үөгүлэриттэн соһуйан тохтуу биэрбиттэрэ. Онтон-мантан өмүрбүт-соһуйбут хаһыылар иһиллитэлээбиттэрэ:

      – Тугуй бу? Хайдах-хайдаҕый?!

      – Тумат