Далан

Тулаайах оҕо


Скачать книгу

көрдөххө, сымнаҕас, нэс быһыылаахтара, таба-тайах курдук, тэһии буолбатах этилэр, эһэ курдук, киҥнэрэ да суоҕа. Даҕанча били эһэтэ киниэхэ кэпсиир, саталлаах саха урааҥхайдар сүөһүлэрэ – ынах диэн буоллаҕа, оччоҕо тумулга олохсуйан олорооччулар кинилэр буоллахтара диэн таайбыта. Кини олус сонурҕаан өссө сыныйан көрөөрү, ынахтарга сыыллан ыкса киирбитэ. Чугаһаан баран арааран көрбүтэ манна улахан ынахтар, кыракый оҕолоро да бииргэ сылдьаллара. Тэйиччи олус күүстээх көрүҥнээх кыыл күлтэйэн турара. Ол күтүр баһын ньолбоччу туттан баран иһин түгэҕиттэн мэҥийэн алардарга, мырааннарга ыраах дуораһыйан охсуллуор диэри айаатаан лаҥкынаппыта. Даҕанча соһуйан, икки кулгааҕын саба туттан, хараҕын быһа симэн сиргэ умса түспүтэ. Кэмниэ-кэнэҕэс хараҕын аспыта кыыла кини диэки, туох буола сылдьар киһиний диэбиттии, кынчарыйбыттыы көрөн баран тэйэ хаампыта. Даҕанча онтон уоскуйуох курдук буолан, бу дьикти кыыллары эмиэ көрө-истэ сыппыта. Даҕанча манна, дьэ, билбитэ били кини уйулҕатын көтүппүт хаһыы бу саха урааҥхайдар иитэр кыылларын хаһыыта буоларын.

      Сонурҕаабыт уол ол курдук сыттаҕына, сип-синньигэс атахтардаах, чаҕылыччы көрбүт эп-эриэн ынах оҕото тиийэн кэлбитэ, кинини ыкса чугастан көрөөрү Даҕанча онно сыыллыбыта. Кини бары туттунуута барыта ынахтаах саха урааҥхайдар киэннэриттэн букатын атынын, сүөһүнү сиргэтиэхтээҕин хантан билээхтиэй? Ынах, киһи курдук хаампат, сиринэн сыыллар харамайы көрөөт, сиргэнэн өлөрүнэн орулаабыта уонна оҕотун быыһыы ыстаммыта. Ынах орулуурун кытта сүөһүлэр бары чөрбөс гына түспүттэрэ, ордук сэргэхтэрэ, сымсалара – борооскулар, тиҥэһэлэр саба сырсан кэлбиттэрэ, сиргэ хаптайан сытар Даҕанчаны төгүрүйбүттэрэ. Даҕанча ыксаабыта, кэннинэн сыылаҥхайдаабыта. Ол икки ардыгар ыарахан-ыараханнык сүүрэн, ынахтар ыадалыһан кэлбиттэрэ, сиргэ сытар киһини муостарынан үөлээри дугдуҥнаспыттара. Били эйэ нэмнээх чуумпу кытылы эмискэ сүөһүлэр орулаһыылара, сиргэнэн сырсан тигинэһиилэрэ толорбута.

      Уһуктаах төбөлөөх дьиэлэр диэкиттэн ыттар үрбүттэрэ, дьоннор саҥалара аймаласпыттара. Даҕанча айдааны тарпытын, алдьархай буолбутун билбитэ: ойон туран, дьоҥҥо көстүмээри, бөкчөйөн баран ынахтар быыстарынан тыаҕа түспүтэ. Кини кэнниттэн сүөһүлэр, үүрдүбүт, кыайдыбыт оҥостон, эккирэтэн тиҥинэспиттэрэ. Даҕанча кинилэртэн куотан талахтары-үөттэри ортотунан харса суох иннин диэки ыстаммыта. Сотору сүөһүлэр кэнники хаалбыттара, ол эрээри кинилэри аны ыттар солбуйбуттара. Ыттартан куотар уустугун Даҕанча сэрэйэрэ. Ол гынан баран кини быыһаммыта: чалыгыр уулаах таас үрэҕи кэһэн туораан, үөһэ тыаҕа тахсыбыта. Саҥаларыттан иһиттэххэ, ыттар, үрэххэ кэлээт, тохтоон хаалбыттара, дьон даҕаны хаһыытаспахтаан баран ах барбыттара. Кинилэр, бадаҕа, ханнык эрэ тыа кыыла сүөһүнү тарда киирэн баран куотта дии санаабыттара.

      Даҕанча соһуччу түбэспит быһылааныттан быыһанан баран уоскуйан биэрбэтэҕэ, тыа үөһүгэр киирэн суон тиит төрдүгэр олорон, туохха сыыспытын аттара санаабыта: биллибэт-көстүбэт