Далан

Тулаайах оҕо


Скачать книгу

уҥа салаа диэки салайбыта.

      Уҥа салаа киэҥ уонна чычаас этэ, онон-манан харгылар эрилкэй долгуннарынан кэрэлэнэ сыталлара. Даҕанча кумах кытыыга чугаһыах буолан иһэн уһун уктаах атараны туппут дьэрэкээннээх таҥастаах киһини көрө биэрбитэ. Соһуччута бэрдиттэн уол, анньынан иһэр ураҕаһын ыһыктан, олоро түспүтэ. Дьэрэкээннээх таҥастаах киһи эмиэ соһуйбута, тугу эрэ улаханнык хаһыытаан сатарыппыта. Даҕанча, киһи хаһыытыттан ходьох гынаат, ойон турбута уонна ураҕаһынан харса суох үөс диэки анньынан барбыта. Кытыытааҕы киһи кини хаһыытыгар хардарбакка, туох да саҥата суох, куотан эрэр киһини эккирэтэрдии туттубута. Оччотооҕу кэмҥэ куруутун да оннук буолара: куотан эрэри эккирэт, эккирэтэртэн куот. Куотан эрэр киһи хайаатар да туох эрэ куһаҕаны оҥорбутун дуу, оҥороору сылдьарын дуу курдук.

      Уһун атаралаах киһи өссө улаханнык хаһыытаабыта, сонно тута тыаттан биэс-алта киһи сулбу ыстанан тахсан кытыынан төттөрү-таары сүүрэкэлэспиттэрэ. Даҕанча сыгынаҕын хаҥас арыы диэки салайан харса суох анньынан испитэ. Күүстээх сүүрүк чугаһаабыта буолан баран, иннигэр кэтит баҕайы харгы кэрэлэнэ сытара. Онно сүүрүк үллэ-үллэ түһэрэ, кумаҕы ытыйан будулутара. Даҕанча кытыыга сырсыакалаһар дьон уу сэптээхтэрэ буолуо диэн куттаммыта, оччоҕо дүлүҥэ кумахха олордор эрэ ситэн ылаллара чуолкай этэ. Ол эрээри кытыы дьон кинини уунан эккирэппэтэхтэрэ, сыгынаҕа чаарга олорботоҕо, харгыны мүччү түһэн, үөс сүүрүккэ оҕустаран түргэн-түргэнник элэгэлдьийбитэ. Кытыытааҕы дьон кыһыыларыгар ыраатан эрэр уолу оҕунан ытыалаабыттара – биэс-алта ох кэлэн Даҕанчаны сыыһа-халты түспүттэрэ. Ох саа далыттан тахсаат, Даҕанча сыгынахха хатаммыт түүлээх оноҕоһу ылан кытыы дьоҥҥо көрдөрөөрү үөһэ ууммута, ортотунан тосту туппута уонна ууга киэр илгибитэ. Ол кэнниттэн бэйэтин үҥүүтүн ылан, үөһэ ууна-ууна, күөмэйин муҥунан үөгүлээбитэ:

      – Муҥур илиилэр! Тумат хоһуунун эһиги кыайан тутуоххут дуо? Алакыы! Алакыы! Алакыы!

      Тумат уолун өрөгөйдөөх хаһыыта ой дуораана буолан кытылтан кытылга охсуллан бара турбута.

      Даҕанча дьирикинэйдэри көрсүөҕүттэн бэттэх бэркэ сэрэнэн, тула өттүн кыраҕытык кэтэнэ испитэ, эһэтин сэрэтиитин, дьэ, өйдөөн, сыгынаҕар абырҕалынан, отунан-маһынан хахха оҥостон саһан айаннаабыта. Күнүһүн кини ол хаххаттан тахсыбат этэ, онно сытан бэркэ болҕойон икки кытыыны кэтэһэрэ.

      Өрүс уҥа өттүнэн сотору-сотору үрдүк мырааннар ыга үтэн кэлэллэрэ. Кинилэр утарыта киэҥ нэлэмэн хонуулар көстүтэлиир буолбуттара, онно, хаҥас кытылга, Даҕанча хаста да ыраах буруону көрүтэлээн аһартаабыта. Киэһээҥҥи чуумпуну аймаан, ол диэкиттэн туох эрэ кини билбэт сүдү улахан кыылын хаһыыта иһиллитэлээбитэ. Ол хаһыы дуораана мыраантан мырааҥҥа охсуллан ынырыга сүрэ бэрдэ, Даҕанча куйахата түрүтэ тардан ылбыта. Кини тайах-таба, эһэ-бөрө хаһыыларын эндэппэккэ билэрэ. Оттон бу хайаларын да хаһыытыгар маарыннаабат, өссө улахан, суостаах этэ. Баай Хара тыаҕа эҥин дьикти кыыллар баар буоллахтара дии санаабыта уол.

      Халааннаан