оҥоһуута буоллаҕа. Ол гынан баран киһи барахсан Аламай Маҥан Күн сырдыгын аҕыйах да кэмҥэ көрөн ааһаахтыыр! Ол мутугунан быраҕар муҥур үйэлэригэр сорохтор үтүөнү-үйэлээҕи, сырдыгы-сыаналааҕы оҥорон бараллар… Оттон Бакамда кэнниттэн хаан өс хааллаҕа. Ол хаан өс төһө өр барыай? Төһөлөөх ыччат дьон сырдык тыыннарыгар туруой?
Иккис түһүмэх
Кэриими ситэрэ
Тоҥ биис чуоһа
Аҕыс иилээх-саҕалаах, атааннаах-мөҥүөннээх Аан Ийэ дойдуга уол оҕо барахсан ортотунан курданан, уһугунан дугунан сылдьарын усталаах туоратыгар оччоттон баччаҕа диэри эрэй бөҕөнү эҥээринэн тэлэргэ, муҥ бөҕөнү муннунан тыырарга ананан айыллар буоллаҕа эбээт. Оччоттон баччаҕа диэри уол оҕо барахсан күн күбэй ийэтин көмүс күөмчүтүттэн, киэҥ киэлититтэн төлө көтөн тахсан күөх окко күөлэһийэ түһүөҕүттэн Орто Дойду олоҕор оннун булуор диэри киһи-хара буолар кэриимин ситэрэ кини охсордоох-оҥкулаах Орто Аан Ийэ дойдуну уһаты-туора сыыйбахтыа турдаҕа, киэҥ сирдэри тилэҕинэн тэнитиэ, айдам аартыктары атаҕынан аймыа буоллаҕа. Ол да иһин саталлаах саха урааҥхайдар уол оҕо ат кулун үс дойду кэриимин ситэрэн, үс төгүл саадаҕын курданан эрэ баран олоххо оннун булунар, киһи-хара буолар дииллэрэ. Ол сылдьан кини уораҕайдаах санаалаахтары кытта умсарсыа, кырыктаах санаалаахтары кытта кыдыйсыа, өһүөннээх өйдөөхтөрү кытта өлөрсүө. Ханна тиийэн улуу дойду урдустарыттан, дириҥ дойду дьилбиттэриттэн боҕуттан уһун уҥуоҕа урусхал, кылгас уҥуоҕа кыдьымах буолуоҕун ким билиэй? Ким инникитин тымтыктанан көрбүтэ баарай?
Даҕанча үс үрэх тардыытын араарар үрдүк сискэ тиийэн кэлбитэ. Тыа ортотугар ала-чуо үрдээн турар чурбука тэллэҕэр тиийэн кэлиитигэр лиҥкир мастаах түҥ тыаҕа тула чуҥкунуур чуумпу сабардаабыта, сымнаҕас ыарахан эһэ дэпсэлии тууйа, ыга баттаабыта. Тугу эрэ күүппүттүү, көтөр кынаттаах айдаана хам барбыта, сүүрэр атахтаах эмиэ кирийэн ылы-чып саспыта.
Эмискэ тыал түспүтэ. Хам бааччы турбут тииттэр уһуктаах төбөлөрө иэҕэҥнээн ыһаллан-бураллан ылбыттара, хойуу лабаалар сапсынан барбыттара – түҥ сис куугунуу, иҥиэттэ түспүтэ, Баай Хара тыа иһин түгэҕиттэн ынчыктаан, ыҥыранан ылбыта. Салгыҥҥа хаппыт мутуктар, кур туораахтар көппүттэрэ. Күрүс тыал балаһата сиртэн кураанах сэбирдэхтэри хабан ылан эргичитэн кулахачыппыта.
Былыттар улам харааран, ыаһыран, халлаан ортотугар мустан барбыттара. Күн орто борук-сорук буолбута. Онтон бөдөҥ таммахтар түһэн тобугураппыттара.
Эмискэ халлааны хайа суруйан, намтаабыт уулаах былыттарга чаҕылҕан чаҕылыйбыта. Этиҥ бастаан, кыракый чай таастары лачыгырата оонньуурдуу, уулаах адаархай былыттары аргыый имэрийтэлээн ылбыта – кыра-кыратык чачыгыраан көрүтэлээн баран тохтотолоон хаалбыта. Онтон эмискэ күүрэн кэлбитэ: күрбэ таастары хайаттан төкүнүтэлээн кэбиспиттии, былыттан былыкка лүһүгүрүү сүүрбүтэ. Бэйэтиттэн бэйэтэ тэптибиттии улааттар-улаатан, халлаантан хайаны сиргэ сууллары аспыта аллараа түһэн ыараханнык тэйиэккэлииринии, сир дьигиһийиэр, бары-барыта өрүтэ эккирии