Далан

Тулаайах оҕо


Скачать книгу

суох күөх торҕону тэнитэ тарпыт курдук, күөх дуолга кубулуйуута, үтүмэн үгүс күөллэрэ ууллан күлүмүрдэһиитэ көтөр кынаттаах бииһэ төрүү-ууһуу Айгыр Силик Айылҕа барахсан төрдө-төбөтө көстүбэт, уһуга-уҥуоргута биллибэт өлбөт-сүппэт Улуу Эргиирин толоро ол онно көҥү түспүттэрэ. Көтөр кэлиитэ өрүс эстэн күрүлүүр-барылыыр кэмигэр аҕыйах хонук устата буолара. Түүннэри-күнүстэри өй мэйдээҕи тулуппат кус-хаас саҥата улам намыраан, билигин, Даҕанча устар кэмигэр, букатын чуумпурбут этэ. Ол да буоллар Түҥкэтэх өрүс тардыытыгар, кини элгээннэригэр, ууларыгар хаалбыт кус дэлэйэ, тыаһа-ууһа суох соҕотоҕун иһэр киһини бөрүкү улахан куттал дии санаабаттара, киниттэн букатын да үргүбэттэрэ. Даҕанча өйүөтэ бүппүтэ быданнаабыта, ол иһин кинилэртэн эмистэрин тааһынан быраҕан, маһынан эпчиргэлээн ылан үөлэн сиирэ. Ол гынан баран өрүс кытыытынан айанныыр олус ыарахан этэ: талаҕа олус хойуута, сылбаҕа олус үксэ. Онуоха эбии кини хаста да халаан уутун баһыгар тахсыбыт балыгы бултаһа сылдьар эһэлэри көрөн аһартаабыта. Даҕанча ыран, сылайан иһэн арҕахтан аччыктаан тахсыбыт кыыллары ырааҕынан тумнан ааһыталаабыта.

      Өрүс мунньубут сылбахтарын таһыгар биирдэ кураанах маһы хомуйан кутаа оттон, кус үөлэн сии олорон уол олус бытаанын, ити курдук айаннаан сири үөтэлэппэтин туһунан санаабыта. Ол олорон эһэтин сүбэтин өйдөөн ылбыта. Кини таһыгар баар сылбахха өрүс сүүрүгэ уонунан, сүүһүнэн да буолуо, сылларга муспут эгэлгэ үгүс маһа кыстанан сытара. Сааскы кыдьымах үлтү солоон, ньылбы кыһыл этин эрэ хааллартаабыт, булгурута сынньыталаабыт этэ.

      Даҕанча аһаан бүтэ охсон, ойон туран аттыгар кыстана сытар сылбахтан сөп буолуо диэбит тиитин талан ылбыта уонна үҥкүрүтэн ууга киллэрбитэ. Дүлүҥ кинини уйбута буолан баран эргичиҥнии сылдьара. Даҕанча, эһэтэ сүбэлээбитин курдук, иккис дүлүҥү киллэрэн бастакытыгар талах сигэнэн эпсэри баайбыта. Дүлүҥнэр кинини уйбуттара уонна мөхсүбэт буолбуттара. Даҕанча уһун ураҕас ылан үөс диэки анньыммыта. Кини бастаан бытаан сүүрүктээх өрүс салаатынан устубута. Барбахтыы түһэн баран уол, эр ылан, улам иһирдьэ сүрүн үөскэ киирэн барбыта.

      Сүрүн үөскэ сүүрүк күүстээх этэ, уол олорон иһэр дүлүҥнэрин хабан ылан түргэн-түргэнник элэгэлдьиппитэ. Кытыыга, сылбах кыстаммыт арыыларыгар, чычаас кумах чаардарга сыбаан кэбиһээри гыннаҕына, Даҕанча уһун ураҕас маһынан анньынара. Ол эрээри ураҕас тиийбэт сиригэр кэллэҕинэ, дүлүҥнэри сүүрүк хайа талбытынан тутара, араастаан түҥ-таҥ эргичиҥнэтэрэ. Эрэй киһини үөрэтэр, уол сылбахтан сааскы көмүөл мууһа тырыыҥкалаабыт маһыттан хайа тардан ылан эрдии оҥостубута. Билигин онон салайан, дириҥ да сиргэ талбытынан устар буолбута.

      Даҕанча өрүс устун устарга үөрэнэн, кини майгытынсигилитин билсэн истэҕин аайы симилэҕи, аабылааны кэтэн сатыы айанныырдааҕар ордугун өйдөөбүтэ. Биллэн турар, түргэн сүүрүккэ түөрэккэй дүлүҥ үрдүгэр айанныыр кутталлааҕа. Даҕанча, эдэр хорсун киһи, кутталлаах да буоллар түргэнин ордорбута.

      Күүстээх сүүрүк бурууларга эриллэ-бурулла, мастар саҕаларыгар охсулла,