барыта сабыс-саҥа сууммут, ыраастыйбыт, кирэ-хаҕа барбыт этэ. Ааһар тыалтан илибириир мутуктартан ыраас бөдөҥ таммахтар сиргэ түһэллэрэ. Сир сымнаабыт, ууну испит таба муоҕа үктээтэххэ дыгдаҥнас буолбут этэ. Салгын дьикти үчүгэй сытынан аҥылыйара: онно баара саҥа тыллан эрэр мутукча сыта, Даҕанча быһааран билбэт салгыҥҥа тарҕаммыт эҥин араас сыта-сымара. Арай кини дьирикинэйдэрдии сытымсах таныыта итини барытын олус сөбүлээн этигэр-хааныгар иҥэрэрэ. Сымнаабыт мутуктар атах анныгар тостубакка имиллэллэрэ эрэ, Даҕанча сөрүүн, хойуу таммахтары сүгэн турар мутукчалары, сэбирдэхтэри сэрэнэн тумнан, тыаһа суох аргыый аҕай үктэнитэлээн, үөһэ чурбукаҕа ыттыбыта.
Айан көтөрө тохтоон ааһар бэлиэ сири чуо булар, эмиэ ол кэриэтэ Даҕанча таас чомчоҕойго тахсыбыта. Кини, хайа өргөһүгэр тахсан, барар сирин үөһэттэн таҥнары көрбүтэ. Ол көрдөҕүнэ бииртэн биир дьикти көстүү арыллан нэлэһийбитэ: сааскы тумарык быыһынан ырыых-ыраах сиртэн сир арыллан, дьааҥыттан дьааҥылар дьапталлан, үрэхтэн үрэхтэр үөскээн муҥура-уһуга биллибэттик эҥсиллэн-эҥээттэн, чуораадыйан-тунааран соҕуруу, күн аннын диэки түһэн бара турбуттара. Харах ыларынан Баай Хара тыа барахсан хараҥа күөх кэрискэтэ хайалар сирэйдэрин күөх торҕонон саба бүрүйэн турара. Улуу Дьааҥылар быыстарыгар кыһыҥҥы силлиэлэр типпит, уулбакка сытар хаар хомурахтар кылбаһаллара. Хайалар синньигэс аппаларынан күнтэн күүс ылбыт күйгүөрбүт сүүрээннэр аллара тэбинэн күн уотугар күлүмнүү оонньууллара, аллараа киирэн добун үрэхтэргэ кубулуйан дэбилийэ-долгуйа усталлара. Үрэхтэр хочолоругар хайыы үйэҕэ хаар ууллан, сыһыы-хонуу көҕөрөн эрэрэ. Күөх мууһунан күлтэччи көрөн олорор күөллэр кытыылара уу буолан күн уотугар күлэ-оонньуу дьиримнэһэллэрэ. Ирбит сииктээх буортан күөх от бытыгыраабыт, оттон кырдалларга ньургуһун аппыт этэ. Үрэхтэр өнньүөстэрин кэрийэ симсэ үүммүт талахтар бүөрдэрэ бөскөйө тыллан тунаарыйан көстөллөрө. Сылаас кэм, тот кэм, үгүс аһылыктаах өҥ кэм кэлэн иһэрин биллэрэ, олортон дьикти үчүгэй саас сыта тарҕанара.
Таастан тааска охсуллан барылыыр-бирилиир күрүлгэн, чыычаахтар ырыалара, кыыл-сүөл саҥата-иҥэтэ кыһыҥҥы улук ууттан уһуктан эрэр Айгыр Силик Айылҕа барахсан айдаана барыта тиллии, тыыннаах буолуу кэрэ дьикти ырыата-тойуга, үҥкүүтэ-битиитэ буолан Даҕанча дууһатын толорбута, кутун-сүрүн сүүйбүтэ.
Сааскы кэрэ кэм – үөскэх тыллыыта, олох туругуруута өлүү-сүтүү диэни экчи мэлдьэһэрэ. Күн көрөн чаҕыллан турдаҕына, сэбирдэх тыллан сипсиһэн эрдэҕинэ, тыын быстара, олох сарбыллара ама хайдах сатаныай?! Ол хайдах да санааҕа баппат, олоххо дьүөрэлэспэт, ону кут-сүр ылыммат. Даҕанча үүнэн-тыллан эрэр этэ-хаана айылгылаах кэмҥэ сөп түбэһэн үөрүү-көтүү, өрө көтөҕүллүү кинини тиирэ киэптээбитэ, кини ханна, тугу гына баран иһэрин таһы умнубута.
Даҕанча сүгэһэрин устан, этиҥнээх ардах кэннинээҕи дьикти ыраас салгыны түөһүн муҥунан эҕирийэ тыынан, олоро түһэн сынньанарга санаммыта. Ол эрээри кэннин диэки эргиллээт, сонно тута ойон турбута: тоҥ биис илкээнитин