Айталина Никифорова

Былдьаама, дьылҕам, тапталбын


Скачать книгу

ылыналлара. Учууталлара тэрээһин үлэтигэр иккиэннэрин бииргэ суруйаллара. Петя математикаҕа уһулуччу дьоҕурдааҕа тута биллибитэ. Кини Лиза уруогун ааҕарыгар наар көмөлөһөрө. Онон кыыс эмиэ математика тутулун өйдөөн, бу предмеккэ биэскэ үөрэнэр буолбута. Иккиэн оскуола, кэлин оройуон чиэһин көмүскээн, математика, физика олимпиадаларыгар кытталлара. Петя өрөспүүбүлүкэ таһымыгар бастыыр буолан, оскуола баар-суох киэн туттар үөрэнээччитэ этэ.

      Кини туйгун үөрэҕин таһынан дьаныардаах спортсмен. Ханнык да спорт көрүҥүттэн хайыһары ордорор. Хайыһардьыттар оскуола таһыгар баар ойуурга дьарыктаналлара. Уол сибиэһэй салгыҥҥа тус санаатын сааһылаан сүүрэрин сөбүлүүрэ. Петя Лизатын хайыһардыырга үөрэппитэ. Онон иккиэн араас күрэххэ кыттар буолбуттара. Хайыһар уол майгытыгар олус барсара. Манна ханнык түмүккэ кэлэрэ киниттэн бэйэтиттэн эрэ тутулуктааҕа. Үрдүкү кылааска тахсарыгар Петр өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ааттаах-суоллаах хайыһардьыт буолбута. Кини атын бөһүөлэккэ күрэхтэһиигэ тиийдэҕинэ, кыргыттар хайгыы көрөллөрө. Бэйэлэрин саастыылаахтарыттан үрдүк уҥуохтааҕа, кэтит сарыннааҕа, сырдык хааннааҕа. Хап-хара хараҕынан утары көрдөҕүнэ, кыыс оҕо хайҕахтаах быара хамсыыра, нохтолоох сүрэҕэ долгуйара. Өссө эбиитин мичээрдээтэҕинэ, үрүҥ тиистэрэ кэчигирэһэн, киһи эрэ хайгыы көрөр ыччата! Петя улахан кылааска тахсыбытын кэннэ, кыргыттар эккирэтэн сүгүннээбэт буолбуттара. Атын бөһүөлэк, оройуон сытыы бэйэлээх кыргыттара, дьиэтин аадырыһын буланнар, суруйаллара.

      – Бу, көр эрэ, эмиэ суруктар! Биһиги саҕана бу курдук кыыс уолга суруйбат буолара. Саат-суут дии саныырбыт. Оттон бу аныгы кыргыттар сытыыларын көр! – ийэтэ Варвара Федоровна уолун хоһугар киирэн суруктары остуолугар бырахта.

      Петя онно эрэ кыһаммата. Кини ол суруктары ааҕа да барбата. Хата кини оннугар балта Люда астына-астына ааҕар. Биир да суругу бырахпакка ууруна сылдьар. Саамай кыһыыта баар, суруктары оскуолаҕа илдьэн дьүөгэлэригэр аахтарар. Люда убайынан олус диэн киэн туттар. Кыргыттар бары кини убайын астыналларыгар үөрэнэн хаалбыт.

      – Арай ити кыргыттар суруктарын Лизаҕа аахтара биэрдэхпинэ, хайыа этэй? – биир киэһэ аһыы олорон кыыс сүр үөннээхтик көрөн олорон ийэтиттэн ыйытта.

      – Бу да кыыс саҥатын! Аны инньэ гына сылдьаайаҕын! Убайыҥ кыыһырыа!

      Кини уола оскуола кэнниттэн Лизаны кэргэн ылар былааннааҕын билэрэ. Атын кыыс киниэхэ төрүкү наадата суоҕа. Варвара Федоровна уолунан киэн туттара ханна барыай? Ити кими батан итиччэ өйдөөҕүн бэйэтэ да билбэтэ. Бэйэтэ оскуолаҕа ортотук үөрэммитэ. Өссө үлэһит буола охсоору, ахсыс кэнниттэн ПТУ-га иистэнньэҥ үөрэҕэр киирбитэ. Хата, эрдэ үлэһит буолан, балыстарын-бырааттарын үөрэхтээх дьон оҥорорго ийэтигэр көмө-тирэх буолбута. Кини дьылҕатыгар онтон хомойбото. Олох-дьаһах кэмбинээтигэр үлэлии сылдьан, телемаастар уоллуун билсиһэн, ыал буолбуттара. Ньукулайа, илиитигэр сатабыллаах киһи, хайа баҕарар тиэхиньикэни оҥорор «көмүс илиилээх» этэ. Дьон