Айталина Никифорова

Былдьаама, дьылҕам, тапталбын


Скачать книгу

аҕатын курдук киэҥ хара харахтаах, сырдык хааннаах, кыратык сынтаҕар муруннаах, толлойбут улахан уоһун атаахтаан эбии толлоппут. Андаатар өрөҕөтүттэн тигиллибит мааны саҕынньаҕын устан кыыһырбыт уоҕар ыйаабакка дьыбааҥҥа элээртэ. Уһун сыҥаахтаах тииҥ бэргэһэтин уһулбутугар, уһун хойуу баттаҕа, сарсыарда ыксаан үчүгэйдик өрүммэккэ барбыта, ыһыллыбыт.

      – Чэ, чыычаах, уоскуй. Ол Светаҕын кытта күн сарсын эйэлэһиэххит.

      – Суох, кини дьиҥ иһин көрдөрдө! Уонна мин киниэхэ нуучча тылыгар көмөлөһөн бэрт ини!

      – Хата, ол принцесса былаачыйатын толкуйдуохха эрэ. Уһун үрүҥ өҥнөөх, солко былаачыйаны оҕобор тигиэм. Оттон төбөҕө кэтэргэр аҕаҥ олус үчүгэй хоруона оҥоруоҕа. Кини илиитигэр бэрт талааннаах дии!

      – Ээ, ол кини хантан оҥоруой! Наар итирик сылдьар буолбат дуо?! Мин киниттэн саатан маҕаһыыҥҥа да барбаппын! Онно арыгыһыттары кытта турар буолааччы. Тоҕо, тоҕо кини ону өйдөөбөтүй?! Истиэххин баҕардаххына, ааспыкка Гаанньа миигин арыгыһыт оҕото диэн үөхпүтэ. Ону биһиги Светалыын кинини үчүгэйдик кэһэппиппит ээ!

      – Ол баар дии! Света хайдах курдук бэриниилээх дьүөгэний? – Балбаара дууһата төһө да ытаатар, күлбүтэ буолла. Кини бу курдук олорбута ыраатта. Дууһата киниттэн туспа эттик курдуга. Муҥатыйара, ытыыра-ыллыыра, сүрэҕэ хам ылара, мөхсөрө-нүөлүйэрэ. Онтон кини бэйэтэ күннээҕи түбүгүнэн олороро. Дууһата суох, хаҕа эрэ. Кыыһа аҕатын туһунан эппитин истибэтэҕэ буолла да, иһигэр олус ыарыылаахтык ылынна. Төһө да Ньукулайын аһыннар, тугу да гынар кыаҕа суоҕа. Төһөлөөх кинини сэрэтэ сатаабытай? Хайыай, хас биирдии киһи тус олоҕор бэйэтэ эрэ эппиэттиир. Кини баҕарбытын да иһин, кэргэнин оннугар олорор кыаҕа суоҕа.

      Сотору Саҥа Дьыл сүпсүлгэнэ бу тиийэн кэлбитэ. Балбаара бу күннэргэ үлэтэ ордук элбэҕэ. Кини олох утуйар уутун умнан туран иистэммитэ. Сакааһын быыһыгар кыыһыгар ыраахтааҕылар кэтэр ырбаахыларын курдук уһун, синньигэс бииллээх былаачыйа тикпитэ. Аллараа өттүнэн сарайан түһэрин курдук иһинэн боробулуоханан уобуруччу иилбитэ. Убайа Петя кытаанах кумааҕыны фольганан бүрүйэн, төбөтүгэр сүрдээх үчүгэй хоруонаны оҥорбута.

      Люда онон киинэҕэ көстөр сарыабына курдук оҥостон, үөрэн-көтөн оскуолатыгар тэбиннэ. Петя эмиэ киэһэ оскуолатын биэчэригэр барардыы тэриннэ. Кини уол уол курдук судургу. Наар кэтэр көстүүмүн бэйэтэ ыраастанна, өтүүктэннэ.

      – Ийэ-э, эн иискин тохтот. Тугу да астаама, биһиги оскуолаҕа аһыахпыт. Сыт, сынньан, – диэн баран ийэтин сымнаҕастык кууһан ылла. Ийэ уолун диэки махтаммыттыы имэрийэ көрдө.

      – Сөп, сөп. Сынньаныам. Ол эрээри, хайдах аһа суох олоруомуй. Баҕар, аҕаҕыт кэлиэ дии.

      Уола ийэтин диэки аһыммыттыы көрөн баран, саҥата суох тахсан барда. Дьахтар дьиэтигэр биирдэ чуумпу сатыылаата. Кулгааҕа куугунаан ылла. Туран эрэллээх доҕорун, араадьыйатын, холбоото. Киэһээҥҥи сонуннары кэпсээн эрэллэр. Биэс сыллаах былаан туолуутун туһунан сылайбакка биэрэллэр. Сытан ылыан саныы-саныы киэһээҥҥи аһын өрбүтүнэн барда.