Айталина Никифорова

Былдьаама, дьылҕам, тапталбын


Скачать книгу

сылаас сатыылаата. Кыстык кэнниттэн дьон олбуордарын ыраастаналлар, сайыҥҥа оргууй үктэнэллэр. Киэһэтин бөһүөлэк түптэ буруотун минньигэс сытынан туолар.

      Киинэҕэ сылдьан баран, Петя Лизатын дьиэтигэр атаарда. Дууһатыгар чэпчэки, ыраас, эгди. Кини этигэр-хааныгар күнтэн күн күүс эбиллэргэ дылы. Сүрэҕэ үөрүүнэн туолан, уол хааман иһэн кылыйталыыр. Эдэр киһи эрчимэ батарбакка, аанын тэлэччи аһан дьиэтигэр киирдэ. Тута алаадьы ураты алыптаах сытын ылан, өссө үөрдэ.

      – Ийэ-э, алаадьылаабытыҥ олбуортан биллэр! – диэбитинэн куукунаҕа ойон киирбитэ, ыалдьыт баар эбит. Таня ийэтин кытта чэйдии олороллор. Уол соһуйан тылыттан матта.

      – Ээ, бу Таня кэлэн алаадьылаан абыраата. Мин ииспин бүтэрэ сатаан олох бокуой булбаппын. Эдэр оҕо диэтэххэ, асчыта диибин диэн! Олорон чэйдэ ис.

      Ийэтэ үөрбүт ахан, сыыдам сыыдамнык уолугар хортуоппуйдаах эти кутта.

      – Бу хортуоппуйу Таня хаҕылаан, аспыт түргэнник буста. Ыл, аһаа!

      – Ээ, суох. Мин ыалга аһаан кэллим.

      Петя сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, саҥата суох хоһугар киирэн хаалла.

      – Варвара Федоровна, мин ис санаабын эйиэхэ аһыахпын баҕарабын, – кыыс эмискэ сибигинэйэн саҥарда. – Мин… Мин Петяны таптыыбын… Сэттис кылаастан быһа. Кинини кытта бииргэ сылдьаары хайыһарынан дьарыктанабын. Саатар көрөөрү… Оттон кини… Кини миэхэ олох наадыйбат… – Таня хараҕа уунан туолла.

      – Миигин сэрэйбэтэ, билбэтэ буолуо диигин дуу? Маҥнайгы таптал – саамай истиҥ иэйии. Ол эрээри оҕо сылдьан таптаабытыҥ сотору умнуллуо. Атын уолу көрсүөҥ. Оскуоланы бүтэрээри сылдьар дьон, олоххут иннигэр. Оттон Петя анала атын. Билэҕин дии… – ийэ кыыһы аһынан сымнаҕастык саҥарда.

      – Мин санаабар, кини Лизаны аҥаардастыы таптыыр. Оттон Лиза бэйэтин эрэ билинэр. Наһаа мааны, атаах кыыс! Сайын биһигини кытта биирдэ эмит окко сырытта дуо? Суох! Биһиги сайыны быһа наар үлэлээн тахсабыт, оттон кини дьонун кытта соҕуруу сынньанар. Тойон оҕото буоллаҕа! Петя хараҕа сабылла сылдьар! – били сибигинэйэ олорбут кыыс аны кыыһыран-тымтан туран кэллэ.

      – Оргууй саҥар! Петя истиэ! Эн кыыс оҕо кыыс курдук намыын, наҕыл соҕус буолуоххун. Таҥаскын-сапкын да көрүнүөҥ этэ. Быйылгы ыһыахха тугу кэтээри сылдьаҕын?

      – Ээ, мин онно эрэ наада буолбаппын!

      – Суох, инньэ диэмэ. Уолаттар мааны кыргыттары көрөллөр! Эн миэхэ таҥас ылан биэрдэххинэ, мин эйиэхэ наһаа үчүгэй сайыҥҥы былаачыйа тигиэм. Ыһыахха уһун солко былаачыйа кэтиэҥ этэ. Кыыс да кыыс буолуоҥ!

      – Суох, мин таҥас атыылаһар харчым суох. Эдьиийим биэнсийэтигэр олоробут дии, – кыыс умса көрөн саҥата суох барда.

      – Чэ, буоллун, миэхэ таҥас көстүөҕэ. Ыһыахха дьахталлар сакаас бөҕө биэрэн эрэллэр. Мин эйиэхэ тигиэҕим! – дьахтар кыыһы аһынна.

      Аһынымына даҕаны. Тулаайах хаалбыт кыыһы ырааҕынан аймаҕа дьахтар иитэ ылбыта. Кини уончалаах кыыс атын оройуонтан кэлбитэ. Кырдьаҕас эдьиийин кытта иккиэн олороллор. Балбаара кыыһы наар маҕаһыыҥҥа килиэп, үүт ылаары уочараттыы турарын көрөр. Мөлтөх таҥастаах-саптаах