Айталина Никифорова

Былдьаама, дьылҕам, тапталбын


Скачать книгу

биир путевка кэлбит. Учууталлар, оҕолор бары Петя Михайлов барара биллэр диэтилэр. Кылаастарын салайааччыта кылаас чааска Петяны «Артекка» барарынан эҕэрдэлээтэ.

      – Сэбиэскэй Сойуус бары муннугуттан уһулуччу талааннаах оҕолор мустар сирдэригэр барар улахан чиэс-бочуот! Биһиги оскуолабытыгар, мин өйдүүрбүнэн, бу маҥнайгы путевка. Бу курдук оройуоҥҥа биирдии путевка кэлэр. Быйыл биһиги оскуолабыт олимпиадаларга көрдөрүүтэ бастыҥ буолан тигистибит, – учууталлара Маргарита Дмитриевна үөрэн-көтөн эттэ. – Биһиги педсэбиэккэ Петя Михайловка путевканы биэрэр туһунан быһаарыныыны ыллыбыт. Онон, оҕолоор, Петяны эҕэрдэлиэҕиҥ!

      Бары ытыстарын тыаһа хабылла түстэ.

      – Петя, эҕэрдэлиибин! Эн саамай чулуу үөрэнээччигин! – Лиза харахтарыгар үөрүү кыыма тырымнаата. Кинилэр оскуола кэнниттэн аа-дьуо хаамсан дьиэлээтилэр. Тапталлааҕын үөрбүт хараҕын көрөн, уол сүрэҕэ минньигэстик мөҕүл гынна.

      – Лиза, бүгүн миэхэ олус дьоллоох күн үүннэ! «Артекка» барар туһунан санаан да көрбөт этим. Ханна эрэ ыраах, киин сиргэ баар оҕолор сынньаналлар дии саныырым. Оттон бүгүн миэхэ ол путевка тигистэ! Ханнык эрэ түгэх оройуон сэмэй уолугар! Дьикти дии?

      – Суох, син биир биһигиттэн туох да уратыта суох оҕолор сынньаналлар. Оттон эн курдук өйдөөх, туйгун үөрэхтээх, спортсмен барбатаҕына, ким барыай? Мин олох соһуйбатым! – кыыс уолга эрэллээхтик эттэ.

      – Эн наһаа күүстээх санаалааххын. Мин бэйэбэр эрэлим тиийбэт. Тугу эрэ гыныам иннинэ наар «сатыам дуо, миэхэ кыаллыа дуо?» дии саныыбын. Оттон эн ыллыҥ да оҥороҕун. Ол майгыгын олус астынабын. Уонна куттаммат буоларга эйигиттэн үөрэнэбин, – уол, бу иннинэ хаһан да бу курдук ис санаатын эппэт бэйэтэ, сэмээр быктарда. Онтуттан кыбыстан иэдэһэ кытарда. Хараҕынан симириктээтэ. Лиза уолун сэмэй майгытын билэр буолан, олус аһына санаата.

      – Мин наар эн аттыгар сылдьан санааҕын өрө көтөҕүөм, сөп?

      – Оо, Лиза-а, эйигинэ суох мин хайдах да бу киэҥ дойдуга олорор кыаҕым суох! – уол эрчимнээхтик күллэ. Кыыс синньигэс биилиттэн кууһан уоһуттан уураата. Кыыс соһуйан уолу түөскэ аста.

      – Бүт эрэ! Уонна хаһан даҕаны итинник быһыыланыма!

      Бу кинилэр ыраас тапталларын маҥнайгы уураһыыта этэ. Кыыс хаана оонньоон, долгуйан имэ тэтэрэ кыыста. Кинилэр эһиил оскуоланы бүтэрэллэр. Оскуола кэнниттэн иккиэн тутуспутунан университекка киирэр былааннаахтар. Петя – математическайга, Лиза – филологическайга.

* * *

      – Доҕоор, иһиттиҥ дуо? Биһиги бөһүөлэкпитигэр «Артекка» путевка кэлбит!

      – Ноо! Дьэ үчүгэй дьыала эбит! Үөрэх дьаһалтата бэркэ үлэлээбит. Сарсын Ульяна Сергеевнаны ыҥыран хайгыам этэ, – ыал аҕата аһыыр остуол иннигэр хаһыат ааҕа олорон ойоҕор хардарда.

      – Мин эйигин ол хотуну хайҕаа диэн ити сонуну кэпсээбэтим ээ. Дьиҥэр, эн итинник дьыаланы ким хайа иннинэ билэн, бэйэҥ дьаһайыахтаах этиҥ! – Нина Власьевна кыыһырбытын биллэрэн, солко халаатын уолугун күүскэ тардыалаан көннөрүммүтэ буолла. Кэргэнэ хаһыатын туора ууран, ойоҕун диэки соһуйбуттуу көрдө.

      – Бээрэ,