Айталина Никифорова

Былдьаама, дьылҕам, тапталбын


Скачать книгу

ууран саҥата суох турда. Кинилэр симик тапталларын үргүтүмээри, симэниэҕинэн симэнэн турар хойуу лабаалардаах хатыҥ сэбирдэхтэрин биллэр-биллибэттик оонньото турда…

* * *

      Сайыҥҥы күн-дьыл түргэнник күрэннэ. От үлэтин айдааныгар Петя кэм-кэрдии олус сыыдамнык ааспытын билбэккэ да хаалла. Быһыыта, сайын аайы Лизата суох дойдутугар от-мас үлэтигэр сылдьарга үөрэммит буолан, кыыһы улаханнык суохтаабата. Эдэр дьон үлэни да, үөрүүнү-көтүүнү да көҕүлүттэн тутан, атын хос кыһалҕата суох күннээҕи түбүгү үмүрүтэн сүрдээх үчүгэйдик сайылаатылар. Отторун үлэтин бүтэрэн, кыайбыт-хоппут дьон ырыа-тойук аргыстаах дьиэлэригэр кэллилэр.

      Петя от үлэтигэр буһан-хатан, дьонун ахтан, үөрүү көтөллөөх аанын эрчимнээхтик аһан киирдэ. Уол дьиэтин салгына уратытык тыҥаабытын тута сэрэйдэ.

      – Мин кэллим! – диэбитинэн хоһу өҥөйдө. Ийэтэ оронугар сытар. – Тоҕо сыттыҥ? Ыарыйдыҥ дуо?

      – Ээ, суох… Тоойуом, эн кэлэ оҕустуҥ дуо? Мин, мин бу… – диэн баран, хараҕын уутуттан илийэн, кумаланан хаалбыт кумааҕыны уунна.

      Уол ийэтин аттыгар турар олоппоско «лах» гына олордо. Долгуйан салҕалас буолбут илиитинэн суругу ылан аахта.

      – Дьаабы да киһи! Бу аата тугуй? Саатар бэйэтэ да суруйбатах! Куттас! – Петя ис-иһиттэн аҕатыгар кыйаханан, ойон туран төттөрү-таары хаамыталаата. – Ийэ-э, эн тоҕо ытыыгын? Ытаама! Биһиги онто да суох аҕабытын сүтэрбиппит ыраатта буолбат дуо? Кини туһуттан хараҕыҥ уутунан суунума. Биһиги аҕата суох улааттыбыт. Билигин кэлэн кини туохха нааданый?! Арыгылаан эйигин эрэйдиэ эрэ этэ. Хата, кэргэннэммитэ биһиэхэ өссө ордук. Олордун бэйэтин олоҕунан!

      – Петя, эн ити ис сүрэххиттэн этэҕин дуо? Мин буоллаҕына эһигини хайдах ылыныахтарай диэн санаарҕаабытым… Быйыл «поселениеҕа» таһаарбыттар. Онно олорон ити булсубуттар. Ол да иһин суруга мэлийбит эбит. Олоҕун оҥосто сырыттаҕа… – дьахтар ыараханнык өрө тыынна.

      – Мин эйигин кимиэхэ да атаҕастатыам суоҕа. Наар бииргэ сылдьыахпыт. Оскуолабын бүтэрэн баран үөрэххэ барыам, үлэһит буолуом. Лизабын кэргэн ылыам! Уонна бары бииргэ олоруохпут!

      – Ии, оҕом барахсан кэлбитиҥ тугун үчүгэйэй! Тута санаам көннө. Хата оҕобор билигин бэрэски астыам.

      – Суох, ийэ, түбүгүрүмэ. Ол оннугар мин соркуой буһарыам. Оттон Люда кэлэ илик эбит дии. Быйыл хойутаабыттар.

      – Эс, чыычааҕыам, бэрэским таһаарыыта бэлэм. Бэҕэһээ көөнньөрө уурбутум. Онон астыам.

      Петя бу күннэргэ ийэтин санаатын көтөҕөөрү, барбакка-кэлбэккэ дьиэтигэр олордо. Хата ол олорон Лизаттан кэлбит суруктары хат-хат аахта, сылайбакка күннээҕи олоҕун туһунан тапталлааҕар суруйда. Лиза олус үчүгэйдик «Артекка» сынньаммыт. Саҥа сири-дойдуну көрөн, муораҕа дуоһуйа сөтүөлээн абыраммыт. Элбэх доҕордоммут. Бэл диэтэр, Венгрия, Чехословакия кыргыттарын кытта билсибитин, хайыы сахха суруйсан эрэллэрин астына кэпсээбит.

      «…Мин эйигин наһаа суохтуубун. Арахсыбыппыт баара-суоҕа үс ый эрэ буолла. Ахтан аҥаарым эрэ хаалла. Өссө бүтүн биир сылы хайдах тулуйабын? Эн суруктаргын