Николай Якутский

Төлкө


Скачать книгу

ыраас кумааҕы, харандаас биэрэн, кинигэлэрин ойуутун уһултарара. Кинилэр ол курдук улам бодоруһан, доҕордоһон бараллар.

      – Маайа биһикки бэйэ-бэйэбитин үөрэтиһэбит, – дии-дии Аркадий Романович күлэрэ. Кырдьыга да оннук этэ. Аркадий Романович Маайаны нууччалыы ааҕарга, суруйарга уонна суоттуурга үөрэтэрэ, оттон Маайа учууталын сахалыы кэпсэтэргэ үөрэтэрэ.

      Сааһыгар тиийэн Маайа учууталын олус таптыыр, убаастыыр буолбута. Аркадий Романович бу сытыы өйдөөх, үөрэҕи ылынымтыа, көрсүө бэйэлээх кыыһы эмиэ төрөппүт оҕотун курдук таптаабыта. Кинилэр күнү быһа бииргэ сылдьаллара, бэрт үгүһү кэпсэтэллэрэ.

      Маайа хайдах эрэ эмискэ улааппыкка, дуоспуруннаммыкка дылы буолбута. Кини уруккутун курдук дьонугар наһаа атаахтыыра уурайбыта, үөрэҕэр тартаран, урут арахпат туруорбах балаҕаныттан тэйэн хаалбыта. Хамначчыт кыргыттар, кулуба тойон кыыһын кытта хаһан тэҥнэһээри, Маайаны кытта эмиэ көрсө, кэпсэтэ сатаабат этилэр.

      Маайаны хамначчыт кыргыттартан ордук Сүөкүлэ кыыс суохтуура, ахтара. Кини, тулаайах буолан, манна хамначчыттар олорор балаҕаннарыгар кэлиэҕиттэн ыла куруутун атаҕастабылга сылдьара. Урут Маайа эрэ киирдэҕинэ Сүөкүлэ күнэ тахсар буолара. Маайа бу саастыы кыыһын кытта куруутун оонньуура, кинини мөҥөөрү-этээри гыннахтарына көмүскэһэр, атаҕастаппат этэ. Ол иһин Сүөкүлэ кыыс ким эмэ атаҕастаатаҕына:

      – Бэйи уус, Маайа киирдэҕинэ үҥсүөм, – диир идэлээҕэ.

      «Үөрэх да сылаалаах» диэн өс хоһооно баар. Маайа сааһыары арай биирдэ, үөрэнэриттэн сылайан, учууталыттан ыйыппыта:

      – Мин хамначчыт кыргыттары кытта оонньуу тахса сылдьарым син дуо?

      Аркадий Романович итини соһуйа истибитэ:

      – Тоҕо миигиттэн оонньуу тахсаргын ыйытаҕыный?

      – Аҕам, хамначчыттары кытта оонньуурбун көрдөҕүнэ, мөҕөөччү… Сырытыннарааччыта суох.

      Аркадий Романович, сирэйгэ сырбаттарбыт курдук, курус гына түспүтэ. Бу баай саха, хара суор оҕотун уһуйарын курдук, кыыһын үлэһит-хамначчыт дьону сэнии, атаҕастыы көрөргө үөрэтэр эбит. Оттон кини, нуучча революционера, баччааҥҥа диэри онуоха букатын кыһаллыбакка сылдьар, саатыан иһин, баччааҥҥа диэри кулуба хамначчыттарын да кытта билсиһэ илик, тылларын билбэппин диэн…

      – Маайа, тахсыах… Кимнээҕи кытта оонньуургун миэхэ көрдөр, билиһиннэр.

      Маайа үөрэн хап-хара төгүрүк харахтара чаҕылыспыттара: билигин, баҕар, учуутала баарына, учууталын кытта сырыттаҕына, аҕата хамначчыттары кытта оонньуугун диэн мөҥүө суоҕа. Аркадий Романович буоллаҕына бэйэтэ биир туспа санаалааҕа: «Кулуба тойон, бэйи хайабыт үөрэтиитэ кыыс өйүгэр ордук хатанар эбит!»

      Маайа үөрүүтүн кытта учууталын илиититтэн сиэтэн хамначчыттар туруорбах балаҕаннарыгар таһаарбыта. Саадьаҕай тирии бүрүөһүннээх чэҥнээх ааны аһан балаҕан иһигэр киирбиттэрэ. Сүөдэйбит көмүлүөк оһох умайан күөдүпчүлэнэ турара. Илдьирийэн хаалбыт нэк сонноох, эргэ даба ырбаахылаах, тараах таарыйбатах иилистибит баттахтаах хас да кыыс оһох иннигэр иттэ тураллара. Маайа нуучча