этэ, – диирэ аҕата. Кини билигин уруккута буолбатах, лаппа кырдьан эрэр этэ. Көмөр хара баттаҕа икки чанчыгынан, кырыарбыт курдук, маҥхайан эрэрэ. Дьабадьыларынан, хараҕын муннуктарынан сирэйин тириитэ мырчыстан, хатан, уостан барбыттара.
Ылдьаана, бэйэтэ эргэ тахсан эрэйдэммитин, атаҕас-таммытын курдук, оҕом эмиэ эрэйгэ түбэһиэ дии санаатаҕына, сүрэҕэ ытырбахтыыра.
– Туора дьоҥҥо биэрэн атаҕастатыам кэриэтэ…
– Бэрт дьахтар, кыыскын ырбаахыҥ байбаратын анныгар саба баттаан олорор инигин, – диэн оҕонньоро Ылдьаанаҕа кыыһыран силбиэтэнэн турара. – Бэйи уус, сөбүлүүр эрэ дьонум оҕолоро ыйыттардын, үөс-батааска биэриэм суоҕа!..
Төрөппүт ийэҕэ оҕото, төһө да улааппытын иһин, мэлдьи кыра курдук буоларын ким билбэтэ баарай! Ылдьаана, кыыһа эргэ тахсар сааһын сиппитин төһө да биллэр, хайа да бэйэлээх ыалга кийиит биэрэн ыытыан куттанара.
Ол да буоллар, сүүрбэ сааһын туолуоҕуттан ыла Маайаны кэлэр-барар, хонор-сүктэр дьонтон саһыарбат, хаппахчытын иһигэр хаайбат буолбуттара. Кулуба кыыһын үчүгэй аата Бүлүү өрүһүн үс улууһун үрдүнэн киэҥник сураҕырбыта. Эдэр уолаттардаах баай ыаллар: «Орто Бүлүү бастыҥ баайа – Харатаайап кулуба оҕотун курдук кырасыабай кыыс чугас эргининэн суох», – диэн кэпсэтэр үгэстэммиттэрэ. Онтон ыла Харатаайап кулуба саҥа туттарбыт хоруобуйалаах улахан дьиэтигэр сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо хойдубута.
Маҥнай утаа чугас эргиннээҕи улуустар баайдарын уолаттара, атыыһыттар ыччаттара, бэйэ-бэйэлэрин куоталаспыт курдук, киэргэнэ-киэргэнэ кэлэн, Маайаны ыйыттарар үгэстэммиттэрэ.
– Ити оҕо бэрт баай, төрүт-уус, сытыары-сымнаҕас ыал оҕолоро. Тукаам, эн киниэхэ барарыҥ буоллар, биһиги ис сүрэхпититтэн үөрүө этибит.
Маайа ийэлээх аҕатын диэки, ааттаспыт курдук, кэҥэс соҕус хара харахтарынан көрүтэлиирэ, мичилийэ сылдьар бэйэтэ дьэбин уостара.
– Сүрэҕим сөбүлүүр киһитэ түбэстэҕинэ… тахсыам буоллаҕа дии. Тоҕо олус тиэтэтэҕит?..
Кэлин, кыыһа бэрт элбэх киһини сирбитин кэннэ, Сэмэн Уйбаанабыс Маайаҕа кыыһырар буолан барбыта. Оччоҕуна Ылдьаана, оҕотун аһынан, уу-хаар тахсыбыт хараҕынан кэргэнин диэки көрбөхтүүрэ, сүрэҕэ тулутумуна, оҕотун кууһан ылара уонна, төбөтүттэн сыллыы-сыллыы, өйдөтөн көрөрө:
– Маайа, эн киһи сирбэт да дьонун сиритэлээн эрэҕин. Били «Сирэн-сирэн, сиргидэххэ түбэһиэҥ» диэн өс хоһооно баарыгар дылы, киһи үөйбэтэх киһитин булан эргэ тахса сылдьаайаҕыный. Бу кэлэн олорор оҕо бэрт өйдөөх, үтүө төрүттээх киһи. Баай ыал ыччата. Киниэхэ таҕыстаргын биһиги, оҕобут үчүгэй уйаны булла диэн, үөрүө этибит.
Маайа ийэтин кууһан ылара. Ийэтин түөһүгэр, кыра оҕо курдук, төбөтүн анньан олорон:
– Мин кинилэр баайдарыгар, төрүттэригэр соччо ымсыырбакка олоробун. Кини элбэх баайдаах киһи буоллаҕына, ити биһиги хамначчыт кыргыттарбытыттан ылыан тоҕо сатамматый? Кинилэр миигиттэн итэҕэһэ суохтар, – диэн ийэтигэр үҥсэн дуу, көрдөһөн дуу эрэрдии этэрэ.
Сэмэн Уйбаанабыс ону истэн кыыһыран, хаана дьэбин уоста түһэрэ уонна абатыйан:
– Тугу