барыта киһи куйахатын күүрдэр ынырык, илэ хаама сылдьар үөрдэр, ааттаах абааһылаах өтөхтөр тустарынан буолара. Ардыгар кыргыттар сымыйарҕаан:
– Итини барытын эн кимтэн истибиккиний? – диэн Сүөкүлэттэн ыйыталлара.
Оччоҕо Сүөкүлэ, хороонуттан быкпыт күтэр курдук, хап-хара кыараҕас хараҕынан оҥоччу көрө-көрө:
– Мин оҕо эрдэхпинэ Ньалбарытта эмээхсин кэпсиирэ. Итэҕэйбэтэххитинэ, баран сэһэргэттэриҥ ээ.
Ньалбарытта эмээхсин Хампа быраабатын аттыгар олорор сураҕын кыргыттар истэллэрэ. Ол эмээхсин бэрт үгүс сэһэннээх, эҥин араас былыргы үһүйээннэри билэр сурахтааҕа.
Кыргыттар, хамначчыт уолаттар, оҕонньоттор, дьахталлар бары абааһыны-айыыны итэҕэйэр этилэр. Маайа, кинилэр курдук, эмиэ итэҕэйэрэ. Ол иһин биирдэ, абааһы туһунан учуутала туох диирин истээри, ыйыппыта:
– Аркадий Романович, абааһы баар диэн кэпсииллэрэ кырдьык дуо?
Аркадий Романович толкуйдуу да барбакка эрэ:
– Сымыйа! Отой сымыйа! Абааһы суох! – диэн Маайаны соһуппута.
– Оттон таҥара баар дуу?
– Таҥара диэн эмиэ суох! Оннооҕор ити аҕабыыттар, дьоҥҥо таҥара итэҕэлин тарҕатар дьон, бэйэлэрэ даҕаны таҥара баарын итэҕэйбэттэр.
Маайа баччааҥҥа диэри таҥараны да, абааһыны да олус итэҕэйэр этэ. Онон Аркадий Романович тылыттан кини улаханнык соһуйбута.
Кыыс итэҕэйбэтэх курдук көрөрүн өйдөөн, Аркадий Романович кини санныгар илиитин уурбута уонна бэйэтин олоҕуттан биир түбэлтэни кэпсээбитэ:
– Аҕабыыттар бэйэлэрэ да таҥараны итэҕэйбэттэрин мин маннык түбэлтэҕэ билбитим: Петропавловскай кириэппэскэ хаайыыга олорон, тугу даҕаны гыныахпын булумуна, туора киһини кытта кэпсэтэн аралдьыйа түһээри, аҕабыыты ыҥыттарбытым. Онуоха Петропавловскай кириэппэс собуорун благочиннайа, кырдьаҕас протоиерей, кэлбитэ. Кини миигин көрөөт: «Тугунан эйиэхэ көмөлөһөр кыахтаахпыный?» – диэн ыйыппыта. Мин, дьылҕам хайа сахха уурааҕынан быһаарыллыбыт, ыраахтааҕынан бигэргэтиллибит киһи, киниттэн туох көмөлтөтүн көрдөһүөмүй. Онон дьээбэрэммин: «Баачыка, мин олорор камерабар бөөлүүн таҥара илэ бэйэтинэн киирэ сырытта!» – диибин. Кырдьаҕас протоиерей мин диэки хатыылаах баҕайытык көрүтэлээн баран: «Ол киирэн туох диэтэ?» – диэн ыйытар. «Таҥараны итэҕэйэр православнай киһини олус куһаҕаннык туталлар эбит… Итини духовнай аҕаҕар эт диэтэ», – диэн мин адьас сымыйаны этэбин. Аҕабыыт сирэйэ кубулуйа түстэ: «Сымыйалаама, ким даҕаны итини итэҕэйиэ суоҕа», – диэт мин камерабыттан тахсан барда, – Аркадий Романович өрдөөҕүтэ олорбут хаайыытын камератын өйдөөн үөһэ тыынан ылла: – Үөрэх төһө күүскэ сайдар да, таҥара, абааһы баар диэн этии сымыйата соччо түргэнник биллэн, дакаастанан иһэр, – диэн Аркадий Романович, Маайаҕа үчүгэйдик быһааран, өйдөтөн, өр кэпсээбитэ. Ити курдук кини, кинигэнэн эрэ муҥурдаммакка, олох быһыытын-майгытын эмиэ биллэрэргэ кыһанара. Онтон сирдэтэн Маайа баттал, албын, сымыйа диэн баарын өйдүүр буолан барбыта.
Аркадий Романович