Николай Якутский

Төлкө


Скачать книгу

сылдьар эрэйдээхтэри үөрэтэн, харахтарын аһар, өйдөрүн сырдатар санаалааҕа.

      – Тойоммут бу Маайаны кытта бииргэ олорон үөрэнэрбитин сөбүлүө суоҕа, – диэбитэ Сүөкүлэ кыыс.

      – Хантан кэлбит солобутунан үөрэнэ олоруохпутуй? – Кэтириис тыл кыбыппыта.

      – Мин ийэбиттэн көҥүллэтиэм, – диэбитэ Маайа, кини доҕор кыргыттарын кытта бииргэ үөрэниэҕин олус баҕарбыта.

      Аркадий Романович өр соҕус саҥата суох олорбута. Биллэн турар, Харатаайап кыыһын бу хамначчыт кыргыттарын кытта бииргэ олордон үөрэттэриэн баҕарыа суоҕа.

      – Эһиги төһөҕө арыый соло буолааччыгытый?

      – Бу билиҥҥиттэн киэһэ, ынахтары хотонноругар киллэриэхпитигэр диэри.

      – Үчүгэй, мин баччаҕа киирэр буолуом.

      Бу күнтэн ыла Аркадий Романович, Маайаны тылбаасчыт оҥостон, сэдэх да соҕустук буоллар, хамначчыт кыргыттары кытта киирэн кэпсэтэр, кинилэри ааҕарга үөрэтэр буолбута. Сүөкүлэ кыыс биирдэ истибитин умнубат, көрбүтүн өйдүүр буолан, үөрэҕи олус ылынымтыа этэ. Оттон Кэтириис ыар үлэттэн сылайар, онуоха эбии дьалбаа буолан үөрэппитин умнан кэбиһэр идэлээҕэ.

      Аркадий Романович кыргыттары кытта кэпсэтэригэр кинилэр тугу үлэлииллэрин, хамнастарыгар тугу аахсалларын ыйыталаһан, ону кыракый киниискэтигэр бэлиэтэнэн тахсара, ол быыһыгар Сүөкүлэни остуоруйалатара, ыллатара уонна ол остуоруйалары, ырыалары эмиэ киниискэтигэр сурунан иһэрэ.

      Сүөкүлэлээх Кэтириис саҥардыы аҕыйах буукубаны билэн, олору холботолоон тыл таһаарарга үөрэнэн эрдэхтэринэ, тойонноро Харатаайап кулуба киирэн кэлбитэ. Кыргыттар, тойонноро киирэн иһэрин көрөөт, хотоҥҥо ыстаммыттара.

      Харатаайап кулуба, бөдөҥ гына быһыллыбыт буукубалар остуолга тэлгэтиллэ сыталларын атын кымньыытын уһугунан булкуйа-булкуйа:

      – Учуутал, хамначчыттары үөрэтэр эбиккин дуу? – диэн өһөхтөөхтүк утары көрөн туран Эховтан ыйыппыта:

      – Үөрэтэбин.

      – Миэхэ олоруоххун, мин оҕобун Маайаны үөрэтиэххин, миигиттэн хамнас ылыаххын баҕарар буоллаххына, манна киирбэт, сылдьыбат буол!

      Аркадий Романович, бу баай киһи бардамыттан, үлэһит-хамначчыт дьону сэниириттэн абаккаран, остуолга сытар буукубаларын хомуйа тутан ылан сиэбигэр уктаат, саҥата суох балаҕан иһиттэн тахсан барбыта.

      Ити күнтэн ыла нуучча учуутал, хамначчыт кыргыттары оҥостон олорон ааҕарга, суруйарга үөрэппэтэр даҕаны, түгэн түбэстэр эрэ кинилэри кытта бэрт өр сэһэргэһэр, кинилэргэ норуот олоҕун уонна ону хайдах гынан тупсарар туһунан кэпсиир идэлэммитэ.

      Маайа икки сыл үөрэммитэ. Уон иккитин туолан, хороччу улаатар.

      Аркадий Романович Маайаны улам таптыыр буолан барбыта. Арай били хамначчыттар балаҕаннарыгар Харатаайап кулуба айдаарбытыттан сылтаан кини бу кыыһы хайдах эрэ абааһы көрө сылдьыбыттааҕа. Ол эрээри, кырдьыга, бу батталлаах олох ис хоһоонун үчүгэйдик өйдүү, билэ илик оҕо дьоно баайыгар, аҕата кулубатыгар туох буруйдаах буолуон сөбүй? Кини билигин бу кыыс өйө-санаата тобулларыгар, сайдарыгар хайаан да көмөлөһүөхтээх. Учуутала кыыһы туохха үөрэтэрин биллэҕинэ, кулуба тойон сөбүлүүрэ биллибэт.