Николай Якутский

Төлкө


Скачать книгу

аан сабыллан «лап» гына түһэр. Маайа, соҕотох хаалан, кэри-куру буолан олорор. Кыргыттар хаҥас диэкиттэн дьэ тахсаллар, Маайаттан харахтарын араарбаттар.

      – Сүөдэри… кулуба мөҕөрө буолуо.

      – Ол тоҕо мөҕөрүй?

      – Атын илдьэ бара сылдьыбытын иһин, – диир Балбаара кыыс.

      – Э-э, баҕар, мөҕүө суоҕа. Кэргэн аҕала барбыт киһи ыраах сиргэ сатыы барыа дуо?! – диир Малаанньыйа кыыс.

      Балбаара чаанньыгы уоттан таһааран, остуолга уурар, долбууртан биир үрүҥ чааскыны аҕалар, хаппыт лэппиэскэни, тоһута тутан баран, ылтаһын тэриэлкэҕэ уурар.

      – Чэ, Маайа, чэйдээ!

      Маайа, аччык буолан, аһыан баҕарар да, хайдах Сүөдэрэ суох соҕотоҕун аһыы олоруой?

      – Бэйи тохтооҥ, Сүөдэр киирдин, бииргэ чэйдиэхпит.

      Маайа кэргэнин Сүөдэри көһүтэ сатыы олорор. Оо, көһүттэххэ, өр да буоллаҕа!

* * *

      Сылгыһыт Сүөдэр тойонун аах дьиэлэригэр киирбитэ – Дьаакыбылап оҕонньор аан хоско кинини көһүтэн соҕотоҕун олорор.

      Сүөдэр киирэн, «тойонум туох диир» диэн, саҥата суох көһүтэн турбахтыыр. Дьаакыбылап, күрдьүөттээбит оҕус курдук, кыыһыран богдойбут, тугу да саҥарбат.

      Сүөдэр өр тулуйан саҥата суох турбат. Тэпсэҥнээмэхтээн баран:

      – Кэллим… Туохха ыҥыртардыҥ? – диир.

      – Ноко-о, ойох сүгүннэрэн кэллэ дэһэллэр, ол кырдьык дуо?

      Сүөдэр эмискэ көлөһүн алла түһэр, сирэйэ, чоххо баттаабыт курдук, кытарар.

      – Кырдьык, – диир аат эрэ харата.

      – Ол ким диэн бэйэлээҕи сүгүннэрэн аҕаллыҥ? – Дьаакыбылап ыараан, иҥиэттэн ыйытар.

      – Харатаайаптаах кыыстарын, – Сүөдэр иһиллэр-иһиллибэттик хардарар.

      – Туох да-а?!. Хара түөкүн, тугу эппиккиний «кэпсэппэтим» диэн? Ол аата, сымыйалаабыт буоллаҕыҥ дии?! – Дьаакыбылап өрө баргыйан турар.

      Сүөдэр тугу да саҥарбат, кэннинэн чугуруҥнуур.

      Дьаакыбылап кинини тула хаамар, абааһы баҕайытык көрүтэлиир. Сүөдэр тойонун хас хамсааһынын кэтэһэр.

      – Аҕа кынныҥ, Харатаайап кулуба, суос-соҕотох кыыһыгар тугу энньэлээн-сэтиилээн ыытта? – Дьаакыбылап кулуба күлүү гыммыт курдук ыйытар.

      – Суох…

      – Ол хайдах? Кини киһи, баай муҥутаан дуу, тот муҥутаан дуу, соҕотох оҕотугар тоҕо тугу да биэрбэтэ?

      – Мин кинилэргэ сылдьыбатым.

      – Ол аата – кыыстарын уоран аҕаллаҕыҥ дии?!. Ыал кыыһын уорбуккар сибииккэҕэ олороргун билэҕиэн?

      – Мин уорбатаҕым, бэргэһэлээх сокуоннай кэргэммин аҕаллым, – диир Сүөдэр хайдах эрэ тойонун утарсар курдук тэтимнээх соҕустук.

      Дьаакыбылап кулуба сип-сибилигин кэлэн сутуругунан сырбатыах курдук көрүтэлиир:

      – Түөкүн, мааны таҥаспын таҥна сылдьыбытыҥ, билигин миинэр миҥэбин уоран илдьэ сырыттыҥ!

      Сылгыһыт Сүөдэр чахчы кырдьыгы эттэрэн, тылыттан матан, буруйдаах киһи быһыытынан умса көрөн турар.

      – Түөкүн, тугу да үлэлээбэккэ олорон мааны аспын аһаабыккын, мааны таҥаспын элэппиккин, бастыҥ көлөбүн көлүнэн сылаппыккын тугунан толуйаҕын? Аахсар кэм-кэрдии дьэ кэллэ.