дьон олоҕун букатын билбэт эбит. Дьэ, кини ону саҥа билэн-көрөн эрдэҕэ. «Үлэҕэ туох улахан эрэйэ баар үһүө», – дии саныыра. Суох, үлэ эрэйдээҕин, мускуурдааҕын кини дьэ биллэ. Кыраабыл угугар ытыһын тириитэ хабыллан бүппүтэ билигин муос курдук чэрдийэн хаалла. Атах сыгынньах сылдьарыттан, икки атаҕа хатыран, хайыта баран хааллылар. Ол үрдүнэн Дьаакыбылап тойон киирэ-киирэ:
– Күөх сүрэхтэр, аһаабыт аскытын боруостуур гына үлэлээбэккит! – диэн мөҕөр.
Уһун сайын устата от бөҕөнү оттоон, бугуллаан кэбиһэн бүтэрэллэр. Ити курдук, сааллар этиҥнээх, сылаас-сырдык күннээх самаан сайын ааһан, тымныы тыаллаах, курас күннээх, өксүөннээх ардахтаах күһүҥҥү күннэр буолаллар.
Ынах-сүөһү далтан арахпат, кыбыылаах оту маныыр кэмэ, дьон балаҕан иһигэр хаайтарар, оһоҕу быыстала суох оттон иттэр күннэрэ кэлэр. Хотуннара Огдооччуйа Маайаны аны, «ынах сааҕын күртүн» диэн, хотоҥҥо үлэлииргэ анаабыта.
Күн кылгаатар кылгаан, халлаан тымныйдар тымныйан, кыһын тиийэн кэлэр. Маайа түөрт уон ынах сааҕын киэһэ хараҥа буолуута күрдьэн, эһэн бүтэрэр. Күнү күннүктээн хотон иһигэр сылдьар буолан, ыраас салгынынан тыыммат. Киэһэ хотонун үлэтин бүтэрэн дьиэтигэр киирэригэр, таһырдьа салгыҥҥа таҕыстаҕына сүрэҕэ өлөхсүйэр, мэйиитэ эргийэр буолбута.
Саас, сайын устата санныттан түһэрбэккэ кэтэ сылдьыбыт сиидэс ырбаахыта тырыттан бүтэр. Кини дьонноох сиргэ көстүөҕүн да саатар буолла. Сөдүөччүйэ эмээхсин – ону кыргыттартан истибитэ эбитэ дуу – биирдэ Маайа хотонуттан киирбитигэр:
– Тоойуом, Маайа киирдиҥ дуо? – диэн ыйыта тоһуйбута.
– Эбэ-э, мин.
– Кэл эрэ бэттэх, – эмээхсин кинини ыҥыран ылар. Кууһан олорон, туппахтаан, имэрийэн көрөр.
Маайа бу балаҕан иһигэр олорор Сүөдэриттэн ураты атын дьонтон бу эмээхсини ордук улаханнык таптыыра. Кини хайдах да санаарҕаан, ытаан-соҥоон киирбитин иһин, эмээхсин кэпсээнинэн, сэһэнинэн кини санаатын аралдьытара. Сөдүөччүйэ Маайаны бэйэтин оҕотун курдук таптыыра, аһынара, көмүскэһэрэ. Бу эмээхсин манна суоҕа эбитэ буоллар, Маайа олоҕо уон төгүлүнэн кытаанах, куһаҕан, ыарахан буолуох быһыылааҕа.
– Оҕом, Маайа, уҥуохтаах тирииҥ эрэ хаала дьүдьэйбиккин. Үчүгэйдик аһаан-сиэн иһиэххин. Аһы хото аһыыр эрэ киһи баай ыал үлэтин кыайар-хотор, – диэн баран, эмээхсин хоонньуттан биир эргэ ырбаахыны ылан, Маайаҕа туттаран кэбиһэр.
– Эбээ, маны тоҕо миэхэ биэрдиҥ?
– Тоойуом, мин өлөрүм чугаһаабыт эмээхсиммин. Бачча сааһым тухары баай ыалга үлэлээн-үлэлээн ордоруммут эрэ таҥаһым ити. Кэтэн кэбис… Эн эдэргин!..
Кырдьык, бу баайга хамначчыт буолан баай Дьаакыбылаптар хотоннорун сааҕын күрдьэн, икки хараҕын хотон ыытыгар быһа сиэтэн бу көрбөт буолбут Сөдүөччүйэ эмээхсин, үлэлээн-үлэлээн, ордоруммут эрэ таҥаһа диэн ити ырбаахы этэ. Кини урут харахтаах эрдэҕинэ саас биирдэ эмэтэ ити ырбаахытын кэтэн чугас ыалларыгар баран кэлэрэ. Билигин, көрбөт буолан баран, бу ырбаахытын кэппэт этэ.
Таҥаһынан тутаан сылдьар Маайа эмээхсиҥҥэ улаханнык баһыыбалыыр, махтанар.