үлэлиигит дуу, суох дуу? – тойоно ыгар.
Сылгыһыт Сүөдэр ханна да барбытын иһин үлэлээн эрэ аһыыр кыахтаах. Бачча улаатыар диэри кини Дьаакыбылаптаахха үлэлээтэ да, биир да харчыны аахсан ылбатаҕа. Сайын сыгынньах сылдьыбатын диэн, кыһын тоҥон өлбөтүн диэн таҥыннараллара, хоргуйан өлбөтүн диэн аһаталлара. Онтон атын олоҕу кини көрө, билэ илик.
Сүөдэр, өр соҕус санаарҕаан туран баран, аат эрэ харата хардарар:
– Үлэлиэхпит…
– Өйдөөн кэбис, биэс сыл иккиэн үлэлиигит… Чэ, итиэннэ, икки харахпар көстүмэ, киэр буол! – Дьаакыбылап кулуба хамнаһа суох икки хамначчыттаммытыттан иһигэр бэркэ үөрэ саныыр.
Сүөдэр саҥата суох тойонун аах дьиэлэриттэн тахсар. Ыксаабытыттан, ыгылыйбытыттан эбитэ дуу, кини хараҕар халлаан хайдах эрэ кып-кыһыл хаан өҥнөнөн көһүннэ. «Биэс сыл үлэлээн!» – диэн Дьаакыбылап эппит тыла уол кулгааҕын чуҥкунатарга дылы. Ол курдук баран иһэн Маайаны утары көрсө түһэр.
– Сүөдээр, тойонуҥ аахха олордоҕуҥ тугун өрөй! Кэтэһэ да сатаан кэбистим ээ.
Сүөдэр тугу да саҥарбат.
– Тоҕо саҥарбаккыный?.. Тойонуҥ тоҕо ыҥыртарбытый? – диэн ыйыта-ыйыта, Маайа Сүөдэри тоҥоноҕуттан тутан тохтотор. Кини тойоно «мөхпүт» буоллаҕына, ону дьон истэр сиригэр кэпсэттэриэҕин саатан, кыбыстан, бу утары тахсыбыта.
– Биэс сыл устата эн биһикки кинилэргэ хамнаһа суох үлэлиир үһүбүт, – диэн Сүөдэр кэргэнигэр кэпсиир.
– Ол тоҕо? – Маайа кыайан өйдөөмүнэ ыйытар.
– Тоҕо диэн… Мин кинилэр көлөлөрүн көлүммүтүм, таҥастарын таҥныбытым, астарын аһаабытым иһин.
– Санаарҕаама, үлэлиэхпит буоллаҕа дии, бииргэ эрэ сылдьыах, – Маайа кыһамматах курдук этэр.
Кырдьыга, Маайа, ыал хамначчытын сордоох-муҥнаах олоҕун билбэт буолан, бу сураҕы ити курдук чэпчэкитик иһиттэ. Кини санаатыгар, үлэ диэн көр, оонньуу курдук. Үлэ ыараханын, кытаанаҕын урут хаһан үлэлээн билбитэ баарай, дьэ билэригэр тиийдэҕэ…
IV
Аҕыйах хонон баран Бөтүрүөп таҥара кэлэр. Ол күнтэн ыла от үлэтэ саҕаланар: сорохтор Бөтүрүөп таҥара күн, сорохтор ол ааспыта үһүс күнүгэр маҥнайгы хотуур суолун таһаараллар.
Маайа Дьаакыбылап кулубалаахха кэллэҕин нөҥүө күнүгэр хотуна Огдооччуйа: «Ынахтары ыатын!» – диэн илдьиттээбит этэ. Маайа хамначчыт кыргыттары кытта ынах ыаһа барсыбыта. Ол да буоллар кини билигин даҕаны бэйэтин «ыал хамначчытабын» дии санаммат. Кини быйыл саас дьиэтигэр, Сүөдэри көһүтэ сатаан тэһийиминэ, ынах ыы үөрэммитэ манна улаханнык туһалаата. Хамначчыт кыргыттар Маайа ынах ыырын көрө-көрө:
– Биһиги эйигин ынаҕы сатаан ыабата буолуо дии саныырбыт, – дэһэллэр.
– Быйыл саас үөрэммитим.
– Биһиги хотуммут эппитэ: «Сатаан ыабат буоллаҕына, миэхэ этээриҥ», – диэн.
– Ол тоҕо кини мин сатыырбар-сатаабаппар кыһанна? – Маайа кыргыттартан ыйытар.
– «Үөрэтээри», – дэһэллэр кыргыттар. Кинилэр үгүстэрэ билэллэрэ Огдооччуйа хайдах «үөрэтэрин»: сатаан ынаҕы ыабат кыыһы кини илиитигэр туох түбэһэринэн быһыта сынньара.
Малаанньыйа