да ылар. Кини Сүөдэри, кыра эрдэҕиттэн бэйэтин оҕотун курдук көрөн, дьон атаҕастыырыттан-баттыырыттан көмүскэһэн-харыстаһан баччатыгар тиэрдибитэ. Сөдүөччүйэ эмээхсин бэйэтэ ыал буолар, кэргэннэнэн, оҕо төрөтөн олорор дьолун билбэтэҕэ. Былыр кыра кыысчаан эрдэҕинэ бу Дьаакыбылап кулуба аҕата баай Баһыкка оҕонньор хамначчытынан ылбыта. Онтон ыла икки хараҕынан көрбөт буолан хаалыар диэри хараҥа хотон иһиттэн тахсыбакка хамначчытынан сырытта. Кини маҥнай утаа Сүөдэри мин курдук тулаайах сордоох диэн аһынара, көмүскэһэрэ. Онтон хойут кинини бэйэтин оҕотун курдук таптыыр буолбута.
Түүн ортото ааһыыта, дьон кытаанахтык утуйа сытар кэмнэригэр, Сөдүөччүйэ эмээхсин аргыый аҕай туран, Сүөдэрдээх оронноругар кэлэн сибигинэйэр:
– Сүөдэ-эр… Маайа-а!.. Туруҥ!
VIII
Сөдүөччүйэ эмээхсин туруортаары ыҥырар саҥатыттан уһуктан, Маайа оронугар олоро түһэр. Сүөдэр сылайбытыттан, кыыһырбытыттан, охсуспутуттан, куттаммытыттан – барытыттан, өлбүт киһи курдук, кытаанахтык утуйа сытар. Маайа Сүөдэр хара баттаҕын имэрийэ-имэрийэ:
– Турабыт… – диэн эмээхсиҥҥэ сибигинэйэр.
Сөдүөччүйэ эмээхсин саҥата суох оннугар барар.
Балаҕан иһэ им-ньим. Малаанньыйа хабырынан кычыгыратара Маайа кулгааҕар хайдах эрэ: «Абатыан!.. Абатыан!» – диэх курдук иһиллэр.
Ити кыыс сордоох, кыһын ынах сааҕын күрдьэ сылдьан, Маайаҕа бэрт кистэлэҥинэн бу курдук кэпсээн турар:
– Сүөдэркэ күүһүлээн оҕо оҥорон кэбиспитэ. Мин, саатаммын, кимиэхэ да биллэрбэккэ сылдьыбытым. Сотору иһим биллэр буолбута. «Кыыһынан сылдьан хат буолбут», – диэн кыргыттар сиилээн-сэмэлээн барбыттара. Арай биирдэ хотунум Огдооччуйа миигин көрөн:
– Хат буолан ырҕайан, үлэттэн куота сатыыгын… Хайа ыттан оһоҕоһуҥ соноото? – диэн ыххайбыта. Саатан хааламмын, ытыы эрэ турбутум.
– Саҥалаах, тыллаах буолан, оҕо оҥорторбутуҥ буолуо?.. – диэн кини миигин ыкпыта-түүрбүтэ. Быстыам дуо, төһө да куттаммытым, сааппытым иһин, кини уола оҕо оҥорбутун эппитим.
– Бу си… көрбөккүн дуо? Аны баайсан, биһиэхэ кийиит буолаары оҥостор эбит дии?! – диэн баран, Огдооччуйа атырдьах угунан иһим түгэҕэр аспыта. Онтон ыалдьан, хас да хонукка тэллэххэ-суорҕаҥҥа сыппытым. Оҕом түспүтэ.
«Кэбис, бу дойдуттан түргэнник куоппут ордук буолсу», – дии санаан, Маайа кэргэнин Сүөдэри уһугуннараары тардыалыыр:
– Сүөдэр, тур!.. Чэ, түргэнник барыах!
– Ханна?.. – Сүөдэр, уутугар аҥаарыйан, Маайа диэки көрүтэлиир.
– Уһугун! Тур!
Сүөдэр дьэ уһуктар. Дьааһыйа-дьааһыйа туран, этэрбэһин кэтэр. Маайа утуйар таҥастарын сыыһын суулаан, ынах быатынан баайар. Ол туран, уйадыйан кэлэр. Бачча тухары дьиэ оҥостон олорбут балаҕаннарыттан арахсаллара хайдах эрэ ыарахаҥҥа дылы. Маайа хараҕын уута тахсыбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалар. «Саатар, чопчу, онно баран олоруохпут диир сирдээх буолларбыт, эмиэ да ама буолуо этэ», – дии санаахтыыр.
Сүөдэр хагдаҥ отунан көрө сытар оронугар ытыһынан сирэйин