төлөтөбүн диирий?
– Итини баҕас, кырдьаҕас, бэйэҥ бэркэ билэҕин: Сылгыһыт Сүөдэри ыларгар эн киниэхэ эппэкиин буолабын диэн дьыалатын барытын оҥорторбутуҥ… Онон кини дьонун баайын барытын эһиги харайбыккыт…
Дьаакыбылап кулуба көхсүн этитэн иҥиэттэр.
– Кинилэр да баайдара диэн, Сылгыһыт барытын сиэн бүтэрдэҕэ дии.
– Бүтэрдин… Ону кини баччаны сиэтэ-аһаата, тутунна диэн туох да кумааҕыта оҥоһуллубатах буоллаҕа дии… Суут кумааҕыны эрэ билинэр…
– Эн, суруксут ааттааххын дии, тоҕо ону утарытыгар оҥорон испэтэххиний? – диэн кулуба күргүйдүүр былаастаан саҥарар.
– Чэ, итинтэн хайдах эмэ куотуллуо… Куһаҕана ити «биэксэл» кумааҕылары төттөрү ылбатахпыт баар, – диир суруксут куттаммыт куолаһынан.
– Ээ, ол диэн, ити сымыйа «биэксэллэр» кимиэхэ наадалаахтар үһү!
– Суох, улахан наадалаах. Ити дьахтар: «Хамначчыт уолун сымыйанан атыыһыт уола диэн ааттаан, сымыйа «биэксэллэри» биэрэн ыытан, Харатаайап кулуба кыыһын аатын алдьаттарбыта», – диэн эйигин үҥсээри гынар буолбат дуо? Ол үҥсүүттэн дьэ хайдах гынан куотабыт?
Ити ыйытыыттан Дьаакыбылап кулуба букатын ыксыыр, туох да бокуойа суох чыпчылыйар мээнэ буолар, сотору-сотору суруксутун сирэйин көрбөхтүүр.
– Үөрэхтээх эҥиннээх киһи, эн, ону өйдүө этиҥ буоллаҕа дии… Дьэ, хайдах гынан итинтэн куотабыт? – диэн оҕонньор суруксутуттан хардары ыйытар.
– Мин санаабар, – диир суруксут Дьаакыбылап кулуба диэки уоран көрөн ыла-ыла, – ити «биэксэллэри» хайдах эмэ мүччү туттарбыт киһи…
– Билэбин ээ, билэбин!.. Эт, хайдах ону киһи төттөрү ылыан сөбүй? – Дьаакыбылап кулуба быыппастар.
– Мин санаабар, Сылгыһыт Сүөдэргэ арыгылаах-астаах тахсан, «Мин, эппэкиин буоларым быһыытынан, кэргэннэммитиҥ кэннэ дьонуҥ аах дьиэлэрин… сорох баайдарын туттарабын» диэн уонна… «эйигин туспа ыал оҥорор дьоллоннум, киһи оҥордум… мин оҕом курдук этиҥ… эҥин» диэн сымнаттаҕыҥ дии…
Дьаакыбылап кулуба хараҕа уоттанар, Сиидэр суруксут сүбэлиирин ситэ истибэккэ эрэ:
– Мин киниэхэ тугу да биэриэм суоҕа… Оччону сиэбитэ буолуо! – диэн айдаарар. Кини хайдах да Сылгыһыт Сүөдэргэ үп-баай арааран биэрэр санаата суох.
Суруксут күлэн ымайар. Кини, эккэлээн эрэр ыт курдук, тойонун сирэйин арыы ньалҕархайынан көрүтэлиир.
– Мин биэр диэбэппин ээ… «биэксэл» кумааҕыларын төннөрөн эрэ ылларбыт, тугу да биэриэхпит суоҕа, – диир Сиидэр суруксут. Ити кини истиҥ санаата буолбатах. Кини: «Мин булкуллубут дьыалабыттан эрэ куотуум… Кэнникитэ кээнчэ да буоллун, Дьаакыбылап баайыттан уолга, баҕар, бэристин, баҕар, бэрсибэтин», – дии саныыр.
Дьаакыбылап кулуба ити сүбэттэн хараҕа сырдыы, тыына кэҥии түһэр, суруксутун диэки эйэҕэс бэйэлээхтик көрөн кэбиһэр:
– Ол да иһин этэллэр эбит ээ, үөрэх киһиэхэ икки өйү биэрэр диэн… Сип-сибилигин таҕыстахха табыллар.
– Таҕыстаххына, таҕыстаххына эрэ табыллар! – Сиидэр суруксут сымыйа «биэксэллэрин»