Николай Якутский

Төлкө


Скачать книгу

буолара. Онон кини Дьаакыбылап тугу эрэ албыннаары тыла минньийбитин өтө сэрэйэр. Оттон Сүөдэр, урут тойонуттун итинник сиэрдээх, итинник киһилии тылы истибэтэх буолан, барытын бэркэ диэн кырдьыктанар.

      – Чэ, тоойуом, эһиги ыал буолан эрэргит аатыгар… Оҕом, Сүөдэр, бүгүн биһиги быйылгы бурдукпут ыһыытын бүтэрбитиҥ үөрүүтүгэр, биирдии чааскыта амсайыаҕыҥ! – Дьаакыбылап арыгытын аһар.

      Маайа истибэтэх курдук олорор. Сүөдэр, тойонун тылын итэҕэйэн, арыгы иһээри, долбуурдарыттан үс чааскыны аҕалан туруорар. Маайа кэргэнин улаханнык сэмэлээбит хараҕынан көрүтэлээн кэбиһэр.

      Дьаакыбылап бытыылка түгэҕин ытыһынан охсон аһар. Арыгы, өр соҕус кыынньан эрэрдии кырылаан баран, ырааһынан дьэҥкэрэр. Оҕонньор аргыый аҕай ыстакааннарга кутуталаан бычалытар.

      – Чэ, оҕолорум, кэлиҥ, олоруҥ. Туох-ханнык иннинэ, эһиги инники дьолгут иһин маны иһиэҕиҥ! – Дьаакыбылап ыстакааны өрө тутар.

      Сүөдэр биир ыстакааннаах арыгыны Маайа диэки ылан уунар. Маайа саҥата суох баһын быһа илгистэр.

      – Тоойуом, эһиги дьолгут иһин иһэбит, истэҕиҥ дии! – диэн Дьаакыбылап Маайаттан көрдөһөр.

      Маайа ыстакааннаах арыгыны ылар уонна Сөдүөччүйэ эмээхсиҥҥэ аҕалан биэрэр. «Тугу аҕаллыҥ?» – диэбиттии эмээхсин маҥнай сытырҕаан көрөр уонна арыгытын билэн, иһэн кэбиһэр.

      – Бу аска кимиэхэ баһыыбалыыбыный? – диэн кини ыйытар.

      – Оҕолоргор, Сүөдэрдээххэ, соххор! – диэн Дьаакыбылап хобдьоорор. Ону Сөдүөччүйэ эмээхсин саҥата суох истэн эрэ кэбиһэр.

      Сотору иһит арыгы тобоҕолонор. Дьаакыбылап уонна Сүөдэр биллэр буола холуочуйаллар.

      – Чэ, оҕолорум, биһиэхэ барыаҕыҥ… Дьонноргутун-сэргэлэргитин кытта билсиһиэххит, – диэн Дьаакыбылап оҕонньор ыҥыртыыр.

      Сүөдэр сип-сибилигин барсаары таҥнар. Маайа саҥата суох оһох аттыгар баран турар.

      – Чэ, тоойуом, тахсыаҕыҥ! – дии-дии Дьаакыбылап Маайаҕа тиийэр.

      – Суох, мин тахсыбаппын! – Маайа киэр хайыһар.

      Дьаакыбылап кулуба, сирэйгэ сырбаттарбыт курдук, курус гына түһэр:

      – Тоҕо тахсыбаккыный?

      – Эһиэхэ тахсан, билсиһэр киһим суох, барыларын бэрт үчүгэйдик билитэлиибин… Хотунум Огдооччуйа ынах сааҕын тылбынан ыраастатыах буолан саанар, оттон эһиги уолгут Сүөдэркэ «хамначчыт эргин бырах, миэхэ кэл» диэн сордообута… Суох! Тахсыбаппын!

      – Ээ, ити барыта ааспыт суол… Ол мин ойоҕум, ол акаары уол лахсыйбыттарын аахсыма!.. Мин бэйэм эһигини ыал оҥортуубун диибин буолбат дуо?! Чэйиҥ, хата, тахсан дьонноргутун кытта эйэлэһиҥ, иллэһиҥ, – диэн Дьаакыбылап көрдөһөр.

      – Чэ, тахсыах, Маайа! – дии-дии Сүөдэр Маайаны тоҥоноҕуттан тардыалыыр.

      – Тахсыһыма, албыныгар үктэтээри гынар, – Маайа кэргэнигэр Сүөдэргэ сибигинэйэн этэр.

      Маайа тахсыбатын көрөн, Дьаакыбылап аан аттыттан төннөн уҥа ороҥҥо баран олорор.

      – Чэ сөп, тахсыһыма даҕаны… Билигин Сүөдэр миигин кытта тахсан дьиэтин, малын тутан киириэ… Сүөдэри миигин кытта ыытар