Тумарча

Биһиги Аан Дархаммыт


Скачать книгу

ис сыһыаннарын биллибэт быыһын сэгэтэ тардар кэриэтэ сэрэхэдийэ быһыылаахтык ыйыппытыгар Дора Никитична, сүр истиҥник күлэн кэбиһээт, көнөтүнэн улгумнук салгыы кэпсээн барда:

      – Мин алталаахпыттан үөрэммитим. Инньэ гынан Ньурба оскуолатын уон алтабар бүтэрбитим. Үөрэххэ киирээри Дьокуускайтан Лена баһыгар диэри борохуотунан 19 күн устата куттал бөҕөнөн хаайыылаахтары кытта бииргэ айаннаатыбыт ээ.

      – Оо, били амнистия саҕана буоллаҕа дии?

      – Ким билэр, арыый эрдэ эбитэ дуу…

      – Ээ, сөп. Били «Холодное лето 53-го» диэн киинэни буккуйбуппун.

      – Кырдьык, оннук эбит. Ол да буоллар хаайыылаахтары чаастатык илдьэр-аҕалар кэмнэрэ быһыылааҕа. 16–17 саастаах кыргыттары ол «аргыстарбыт» олох кэтии сылдьаллара. Ону хата аармыйа кэнниттэн үөрэммит уолаттардаах буоламмыт олорбут абыраабыттара. Түүн биһигини харабыллааннар олорон эрэ айанныыллар, күнүс утуйаллар этэ.

      Түөрт сайын устата дойдубар биирдэ да кэлбэтэҕим, харчы суох буолан. Инньэ гынан сайын колхозтарга баран ыалга олорон бурдук тогар үлэлээн айахпытын булунарбыт, кырыс сир хампаанньатын кэмэ этэ. Хортуоппуй, помидор, хаппыыста биэрэллэр, хамнас суох. Михаил куруусчуттаан харчы өлөрүнэр быһыылааҕа. Кини үөрэҕин бүтэриэр диэри Бороҕоҥҥо ананан, үс сыл ветвраһынан үлэлээбитим. Өссө, иккис сылбар этэ дуу, райкомол иккис секретарынан тала сылдьыбыттарын аҕыйах ый үлэлээн баран сөбүлээбэккэ уурайан, бэйэм идэбэр көспүтүм.

      – Арба, Михаил Ефимович Бороҕоҥҥо кэлэ сылдьан паарка тутуутугар үлэлэспитин туһунан биир оҕонньор биһиги хаһыаппытыгар суруйан турардаах ээ. Ол хаһааҥҥыта этэй?

      – Төрдүс курс кэнниттэн производственнай практикаты-гар кэлэ сылдьыбыта. Онно, кырдьык, мас кэрдиитигэр үлэлэспитэ. Түөрт мөһөөххө иистэнэр массыына ылан бэлэхтээн турар ээ. Оччолорго сыаналаах бэлэх этэ.

      – Тыый, оннук буолумуна. Студент киһи холугар улахан бэлэх эбит.

      – Оннук ээ, – хаһаайка ыалдьыта сахалыы сиэринэн кыра кэһии аҕалбыт дьэдьэниттэн ньуоска төбөтүнэн ылан амсайан көрдө. – Бөдөҥ баҕайы эбит ээ. Бу Амма эҥээрин киэнэ буолан маннык дуу?

      – Кырдьык, Амма дьэдьэнэ бөдөҥ буолааччы. Онуоха эбии бу икки кэнники сылга Амма хаҥас эҥээр тыатын киэҥ баҕайы сиринэн маһын түүлээх үөн, шелкопряд, сиэн кэбиһэн, сииктээх почваҕа дьэдьэн наһаа үүннэ, – ыалдьыт сонунун ирэ-хоро кэпсээн барда. – Мин аймахтарбар тахса сылдьан хас да күн сылдьыһан, син балай да тииһинним. Дьон биэдэрэнэн, үүт кутар улахан бөтүөнүнэн коммерсаннарга, соҕотуопкаҕа туттараннар, харчы бөҕө өлөрүммүттэр үһү.

      – Ноо, сүрдээҕин да үүммүт эбит. Дьон туһаммыта үчүгэй. Ол үөн төһө киэҥ сири сиэбитий?

      – Тыый, баһаам киэҥ буоллаҕа дии. Таатта сириттэн Мындаҕаайыга диэри, кэтитэ Чурапчы үөһээ нэһилиэктэригэр тиийэ дииллэр. Наар тиит мас мутукчатын сиир эбит, инньэ гынан хара тыа маһа барыта хатан, хатырыгын тоҥсоҕой суллаан, көрөргө дьулаан хартыына диэтэҕиҥ.

      – Дьиибэ да буолар эбит, киһи истибэтэх суола, –