сотору-сотору, били, хаһыакка суруйалларыныы «өргө диэри уҕараабат дохсун ытыс тыаһа» өрүтэ оргуйар. Харда тыл этэрбэр наһаа долгуйан, тугу саҥарбыппын да өйдөөбөт туруктанным, махтанным уонна инникитин өссө да үчүгэйдик тустан, Сахам сирин чиэһин ситиһиилээхтик көмүскүөм диэтим быһыылааҕа.
Чурапчыга тахсарбар өссө арыалдьыттаах буоллум – Москваҕа үрдүкү физкультурнай институту бүтэрбит, үөрэнэр кэмигэр улуу Ватанабэлыын тустубут, соторутааҕыта Россия тыатын сирин бөҕөстөрүгэр бастаабыт, ол саҕана «Урожайга» инструктордыыр Анатолий Прокопьевич Габышев барсар буолла. Чурапчыга тиийбиппитигэр, били, эргэ кулууппутугар баппат элбэх киһи мустубут, оройуон спорткомитетын бэрэссэдээтэлэ Афанасий Кирикович Софронов мунньаҕы салайан ыытта. Төрөөбүт-үөскээбит оройуонум аатыттан синньигэс көлүөһэлээх, токур урууллаах спортивнай бэлисипиэт бэлэхтээтилэр. Биир дойдулаахтарым, аҕа табаарыстарым үөрэн, кыайыыбынан киэн тутта тыл эппиттэриттэн «ок-сиэ, Сойуус чемпиона буолар үчүгэй да эбит!» дии санаатым. Тренерим Дмитрий Петрович суоҕуттан хомойбутум. Кини ыарытыйара, мин хас да куоратынан күрэхтэһэ сырыттахпына, уоппускатыгар Трускавец курордугар эмтэнэ барбыт этэ.
Сарсыныгар Афанасий Кирикович оройуоннааҕы киинэ ситимиттэн «ГАЗ» массыыналарын уларсан, Чакырдаатыбыт. Кирикович Одьулуунтан төрүттээх буолан, ытык сирдэргэ тохтоон, алҕаан ааһар буолан, өр баҕайы айаннаатыбыт. Кэмниэ кэнэҕэс Чакыр дэриэбинэтэ маһы быыһынан элэҥнээн көһүннэ, мин дьиэм аттыгар массыынабыт хорус гынар.
Ийэм эһэбиниин, эбэбиниин, кииринньэҥ аҕам Миитэрэйдиин, балыстаах бырааппыныын, таа-йым Ньукулайдыын туох да олус үөрэн-көтөн көрүстүлэр. Дьоммун, чуолаан, ийэм эрэйдээҕи, арааһа, ол иннигэр да, кэннигэр да итинник үөрдүбэтэх буолуохтаахпын. Ийэбэр өрүү иэстээх, кини иннигэр тугу эрэ ситэ оҥорботох курдук хом санаа куруук миэхэ баар. Мин таптаан ааҕар «Молодая гвардиябар» маннык тыллар баалларын мэлдьи өйдөөн кэлээччибин: «Оглянись же и ты, юноша, мой друг, оглянись, как я, и скажи, кого ты обижал в жизни больше, чем мать, – не от меня ли, не от тебя, не от него, не от наших ли неудач, ошибок и не от нашего ли горя седеют наши матери? А придет час, когда мучительным упреком сердцу обернется все это у материнской могилы. Мама, мама!.. Прости меня, потому что ты одна на свете можешь прощать, положи руку на голову, как в детстве, и прости…»
Сайыҥҥы күн төһө да киэһэрдэр, итиитин өссө да ыһыкта илигэ, онон тиритэ-хорута чэй иһэн бурулатан бүтэн таһырдьа тахсыбытым – тэлгэһэҕэ саас-тыы уолаттарбын кытта миигиттэн быдан балыс Афоня Кириллиннээх (билигин Чурапчы улууһун дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы) эҥин мус-тубуттар. Тустуум сонунун истэ охсор баҕалаахтар, кыратык сүбэлэһээт, Таатта эбэҕэ Хатыҥнаах диэн сиргэ сөтүөлүү тэбиннибит. Сөтүөлээн, уунан ыһыахтанан, ыраах умсарга куоталаһан күннүү сырыттахпытына, үөһэ мотоцикл тыаһа татыгыраата уонна:
– Слава! Оҕолоор! Мунньаххыт саҕаланна, Слава, бары эйигин