сахалыы малтаччы эттэххэ күөгэйэр күммэр, дьэлтэйэр дьэппэр сылдьабын. Россияттан тренеринэн Александр Петрович Тимохин барсыбыта, кини көбүөргэ батыһыннаран киирэригэр тугу эрэ быһаарар да, иҥэн-тоҥон өйдүү сатаабаппын, санаабар, Бөтүрүөбүс намыын, холку сүбэлиир тылларын истэр курдукпун. Бэлэмим олус үчүгэй буолан, маҥнайгы эргиирдэргэ холкутук кыайталаан бараммын, финалга Стрельцов диэн Украинаттан сылдьар уоллуун туһуннум. Көбүөргэ халаачыктыы эргичитиһии, бырахсыы диэн кытаанаҕа манна буолла, хардары-таары уонтан тахсалыы очкону ыллыбыт, мин баалынан чорбойон чемпионнаатым. Илиибин көтөҕөллөрүн кытта тренербит, бөдөҥ баҕайы нуучча киһитэ, үөрэн-көтөн сүүрэн адаҥхастаан иһэрэ харахпар субу баар.
ССРС уолаттарга чемпионунан сахалартан аан бастаан буоллум диэн бастаан утаа улахан үөрүү суоҕа, былырыыҥҥы андаҕарбын толордум ээ диэн саныырым уонна дьиэбэр, ийэбэр тиийэ охсубут киһи диэн баҕалааҕым. Бу киһи тыына-быара ыгыллар куйаас күннэригэр ахтылҕаннаах Чурапчым кыһыҥҥытын, тула харах саатарынан эҥсиллэр, күн уотугар чаҕылыйар ып-ыраас хаары, ыаллар оһохторун буруота сэлиэнньэ үрдүнэн туруору субуһалларын саныыбын. Поезпыт лиһиргээн-лаһырҕаан айанныыра бытаана диибин диэн! Ип-итии, биһиги кытаанах долбуур ороннордоох плацкартка айаннаан иһэбит, мин тулуйбакка саҥа аллайабын:
– Ок-сиэ, туох ааттаах бытааммытый? Хаһан тиийэбит?
Онуоха Тимохин күлэр:
– Мин эн курдук Советскай Союз чемпиона буолбутум буоллар, Москваҕа диэри икки суукканы быһа атахпар тура тэбинэн айанныах этим.
Ол быыһыгар быйыл үөрэхпин бүтэрбитим быһыытынан, тренер инникибин былаанныырбар сүбэлиир уонна этэр:
– Москватааҕы государственнай университеттан ураты столица хайа баҕарар үрдүк үөрэҕэр киллэрэбин.
Мин спортан атыны тугу да санаабаппын, ол иһин физкультурнайга киириэхпин баҕарабын диэбиппэр, киһим үөрүүнү кытта сөбүлэстэ. Онон чугастааҕы кэскилим, ханна үөрэнэ киирэрим эмиэ быһаарыллыбыт курдук буолла. Москва физкультурнай институтун туһунан өйдөбүл баара, онно үөрэммит саха уолаттарыгар сылдьарым, кинилэр Казаков уулусса 18 нүөмэригэр баар уопсай дьиэлэригэр биир хоско Иван Аянитов, Анатолий Габышев, Геннадий Гребнев, Владимир Корякин, Николай Иванов олордохторуна, кэлэ-бара элбэхтэ ыалдьыттаабыт, хоммут да буолуохтаахпын.
Дьэ, киһи эрэ буоллар, поезпыт тиҥийэн-таҥыйан Москва вокзалыгар кэллэ. Мин манна хонук да тохтообокко, ахтылҕаннаах Сахам сиригэр дьулуһабын. Билиэт баар эбит, онон кэмниэ кэнэҕэс Дьокуускай буоругар үктэнним. Сарсыныгар мин күрэхтэһиигэ кэлиибин-барыыбын хааччыйар, Россияҕа да, Союзка да чиэһин көмүскүүр «Урожай» обществобар бардым, бэрэссэдээтэл Афанасий Егорович Алексеев бэркэ үөрэн-көтөн көрүстэ:
– Слава, эҕэрдэлиибит! Барытын истэн-билэн олоробут, бүгүн «Спартак» стадиоҥҥа Саха сирэ уонна Монголия дьахталларын волейболга көрсүһүүлэрэ буолар, онно кэлээр эрэ, – диир.
Итиэннэ М.П. Кочнев тэрийиитинэн,