Вячеслав Карпов

Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы


Скачать книгу

бэйэбит салайабыт», – диэн оскуола уопсай мунньаҕар тыл этэн хабылыннарда. Учууталлар истэллэригэр соһуччу буолуо да, кылаас оҕолорун санаата барыбыт киэнэ биир, ону көрөн буолуо, директорбыт Г.Д. Ефимов биһигини өйөөтө. Онон онуһу кылаас салайааччыта суох бүтэрбиппит. Эмиэ кылааһынньыкпыт Филипп Кронников сахалартан көмүс промышленноһын биир биллэр-көстөр үлэһитэ буолбута, «Бочуот знага» орденынан наҕараадаламмыта. Араас салааҕа Саха Республикатын үтүөлээх үлэһитэ буолбут хас да киһилээхпит. Оттон Юра Баягантаев сааһын тухары дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба боппуруостарынан сыралаахтык дьарыктанан, Российскай Федерация үтүөлээх үлэһитин аатын ылар чиэстэммитэ.

      Мин бэйэм кылааспар махтанарым, сүгүрүйэрим диэн буолар – билиини-көрүүнү, үтүө доҕоттору биэрбитин таһынан, миигин киһи-хара оҥорбут, олоҕум хайа да уустук-ыарахан түгэнигэр күүстээх санаатынан бигэтик өйөөбүт, инникигэ уостубат итэҕэлинэн кынаттаабыт олоҕум эрэллээх доҕоро Таняны көрүһүннэрбитин иһин. Кырдьыгынан эттэххэ, оскуолаҕа сылдьан, бэйэ-бэйэбитин бэлиэтии көрбөтөх быһыылаахпыт, кини – кылаас солбуллубат ыстаарыһата, активистка бастыҥа, оттон мин спортан, тустууттан атыны билбэт буолан, кэрэхсиирбит да атын-атын курдуктара. Үөрэхпитин бүтэрбиппит кэннэ Таня Москваҕа культура институтугар киирбитэ. Мин кэлэ-бара киниэхэ таарыйарым, дьэ итиннэ истиҥ доҕордоһуу сыыйа уматар уоттаах тапталга кубулуйбута, икки оҕом күн сирин көрөр дьоллоругар бэйэ-бэйэтэ суох сатаммат буолбуппут, бэйи, ону хойутуу сиһилии кэпсиэм.

      Оскуолабар төнүннэххэ, учууталларбыт да сахаларга биллэр-көстөр дьон этилэрэ. Холобура, саха тылыгар Алексей Бродников, Феоктист Софронов, историяҕа В.С. Яковлев-Далан, ахсааҥҥа кини кэргэнэ Яна Викторовна Алехина үөрэппиттэрэ. Далан оччоттон дьонтон уратылааҕа биллэрэ, өрүү соҕотоҕун сылдьар, кими да кытта билсэ, доҕордоһо сатаабат, дьиэтиттэн тахсыбат да курдук өйдүүбүн. Физиканы сөбүлүүр буоларбытыгар Алексей Петрович Ермолаев үтүөлээх, араас уопут оҥорон, соһуйуу-өмүрүү буоларбыт. Мин сүүрэрбин-көтөрбүн таптыыр буолан, физкультура уруогун тулуйбакка-тэһийбэккэ күүтэрим. Манна эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр диэбиккэ дылы эрчимнээх имигэс уоланнар бааллара. Василий Петрович Захаров уҥуоҕунан намыһах эрээри, брусьяҕа, «акка» таҕыстаҕына, эбэтэр икки быаҕа ыйаммыт биһилэхтэри харбаан ыллаҕына, тутум үрдээбиккэ дылы буолан, араас гимнастическай көрүҥнэри элэҥнэччи оҥороро, аны теннистээн бардаҕына, остуол ньууруттан тэйиэлиир мээчигин кытта тэҥҥэ көтүөккэлииргэ дылы буолара. Хабаровскайга физкультура институтугар үөрэнэр, бэйэбит биир дойдулаахпыт Василий Николаевич Оконешников практикатыгар кэлэ сылдьара. Уулуссаҕа биһигини көрүстэҕинэ, дьээбэлэнэн түҥнэритэ тэбиэлээн кэбистэҕинэ, күлсэ-күлсэ хаартан оронуу буолара. Бэйэтэ бэртээхэй волейболист этэ. Хайа да кыыс көрдөр эрэ нохтолоох сүрэҕэ мөхсүбүтүнэн барар номоҕон мөссүөннээх, кэрэ дьүһүннээх Иван Иванович Ефремов (кэлин биллэххэ, бииргэ