Группа авторов

Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым


Скачать книгу

матырыйаалы Василий Иванович бэйэтэ оҥосторо. Кэнсиэпсийэ киллэрбит «Төрүт култуура» диэн саҥа биридимиэтин куорат оҕолоругар үөрэтиини бастакынан саҕалаабыта. Үөрэнэр кинигэтэ да суох биридимиэккэ «Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ» диэн көмө босуобуйаны оҥорбута. Бу олох саҥа сүүрээн этэ. Оччолорго «Айыы үөрэҕэ» диэн өйдөбүл киирэ илигэ, оскуолаҕа үөрэтиллиэхтээх диэн өйгө да суоҕуна, Лазарь Афанасьевтыын итинник бырайыагы олоххо киллэрэн барбыттара. Кинилэри батыһааччы үксээбитэ. Учуутал өбүгэлэрбит олохторун, үгэстэрин, оҕону, ыччаты иитэр холобурдарын, норуот педагогикатын билэринэн сөхтөрбүтэ. Араас публика иннигэр ону элбэхтик быһаарбыта.

      Онон Василий Иванович биир идэлээхтэриттэн инники хардыылаабыт учуутал, иитээччи быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ биллибитэ-көстүбүтэ. Биһиги Институппут общественнай лектора этэ, улуустарга ыҥырыыга сылдьан, бэйэтин уопутун кэпсиирэ, тарҕатара. Куорат, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах мунньахтарга уоттаах-төлөннөөх тылы этэн, хайаан да туруорсубутун толортороро. Итинник чаҕылхай, сытыы-хотуу, ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх буолан, куорат учууталларыгар өрүү дурда-хахха буолара.

      Оччолорго Лысенкова, Шаталов, Дъяченко, о.д.а. курдук Арассыыйа новатор-учууталларын уопуттарын күүскэ тарҕата сатыыр этибит. Оччоттон баччааҥҥа диэри саҥаны, сонуну учууталларга тиэрдэ охсоору методистар тиэтэйэрбит. Онуоха Василий Иванович этэр буолара: «Олох бэйэбит методикабытын оҥоруохха, айыахха наада», – диэн. Ити санаатын кини эдэр учууталларга тиэрдэ сатыыра. Оччолорго общественнай лектордарбытын илдьэ уруоктарга элбэхтэ сылдьарбыт, ырытарбыт. Сорохтор кини сытыы тылыттан саллаллар этэ да, Василий Иванович кими да хомуруйбат буолара, биир идэлээхтэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһара. Мин уопуппунан киниэхэ тэҥэ суоҕум, сааспынан да сабырыйтарарым, ол гынан баран Василий Иванович сэнээбэт этэ, тэҥнээҕин курдук тутара.

      Саха оскуолатын сайыннарыы кэнсиэпсийэтин идиэйэлэрин олоххо киллэриигэ дьоһун кылааты киллэрбитэ. Ол СӨ үтүөлээх учуутала, Василий Иванович Босиков, бүтүн оскуоланы сахалыы саҥардыбытыгар, ийэ тылга, төрүт култуураҕа тапталы, бэриниилээх буолуу холобурун бэйэтинэн көрдөрөн, үөрэнээччи, учуутал, төрөппүт кэлэктииптэригэр иҥэрбитигэр, поэт быһыытынан уруоктарыгар уран тыл кистэлэҥин арыйбытыгар, ол барыта күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри үлэлээбит оскуолатыгар үгэс быһыытынан салҕанан бара турарыгар көстөр. Василий Иванович биир хоһоонугар этиллибитин курдук:

      «Мин күүстээхпин Ийэ тылбынан!

      Аалы көтөҕөр алгыспынан,

      Өбүгэлэртэн силис тардынан

      Тыыннаах кэлбит үгэспитинэн», —

      диэн толору этэр бырааптаах этэ диэн сыаналыыбын. В.И. Босиков – бэйэтин кэмин төлөннөөх патриота, ийэ тылын эрэллээх көмүскээччитэ, сытыы тыллаах поэта, дьиҥ норуот учуутала этэ.

2021 сыл, балаҕан ыйа

      Александр Адамович Тарасов, учуутал, поэт, суруналыыс

      Улахан