Уля ыалдьытымсах ыал этилэр диэххэ сөп. Гоша ол туһунан маннык суруйбут: «Баһылай… быыкаайык хоско ийэтиниин, кэргэниниин, оҕолорунуун симиллэн олороллоро. Сөҕөрүм диэн баар – ол хос сыыһыгар куурус оҕолоро бары субу-субу мустарбыт, хайдах батан эрэрбитин билигин сатаан санаабаппын. Баһылай ийэтэ Дьэбдьиэй, кэргэнэ Уля куруук үөрэ-көтө көрсөллөрө, арааһа, хайа да дьиэ киэҥиттэн, кыараҕаһыттан буолбакка, ыалдьыттары хайдах көрсөрүттэн сылааһа-тымныыта тутулуктанар быһыылаах».
Баһылай үөрэнэ киириэҕиттэн сүрүн дьарыга хоһоон этэ. Кууруспутугар икки поэттаахпыт: Баһылай Босяк уонна Сэмэн Попов. Иккиэн «Сэргэлээх уоттарыгар» сылдьаллара. Көхтөөхтөрө. Оччолорго куруһуогу Эрчимэн салайара. Биһиги үөрэнэ киирэрбитигэр «Сэргэлээх уоттара» хаһыат хас да миэтэрэ усталаах бүтүн истиэнэни ылар балаһанан тахсара. Сүрүн таһаарааччылар Н. Винокуров, И. Левин, о.д.а. уолаттар быһыылааҕа. Биһиги кэммитигэр элбэх дьоҕурдаах ыччат сылдьара: В. Дедюкин, В. Потапова, В. Хон, В. Иванов, П. Харитонов, А. Тарасов, В. Пермяков, М. Михайлова, Т. Алексеева, С. Попов, В. Босиков, о.д.а. Эрчимэн дьарыга үксүгэр айымньыны ааҕыы уонна ырытыы буолара. Биир-икки киһи айымньытын ырытыыга анаан ааҕаллара эбэтэр истиэнэ хаһыатыгар тахсыбыты сыаналыыллара. Эрчимэн биир эмэ устудьуону соруйан ырыттарара. Ол кэннэ атыттар «табыллыбыт, табыллыбатах», «үчүгэй, мөлтөх» диэбит санааларын тоҕотун дакаастыыллара. Егор Петрович бэйэтэ хаһан да быһаччы сыана быспат үгэстээҕэ. Туох эрэ санаа, уобарас баарын көрдөрө сатыыра. Ол гынан баран маннык гыннар тупсуох эбит диэбэтэ.
Куруһуокка сылдьыы булгуччута суоҕа, онон ким кэлэр – кэлэр, кыттар – кыттар буолара. Баһылай Босяк сырыттаҕына, көхтөөх буолара: сирэрэ, хайгыыра чопчу этэ. «Чэчиргэ» киириэн баҕарара да, кыайан баппатаҕа эбэтэр киирэн баран сыыйыллыбыта быһыылааҕа. Кууруска Баһылайдаах Сэмэн хоһооннорун Гошаҕа уонна миэхэ көрдөрөр эбиттэр. Мин сыаналыырым, оттон Гоша өйүгэр тутан, түмсүүлэргэ ааҕар буолара. Онон кууруска биллэллэрэ, кэрэхсэнэллэрэ. Баһылай хоһоону Сэмэнтэн ордук суруйабын диэн ааҕынара уонна ону аһаҕастык этэрэ. Кырдьык, Баһылай суруйуута ордук «минньигэс» буолара. Ол кини истиилин уратыта этэ. Уолаттар «Хомус» түмсүүгэ, суруйааччылар «чэппиэрдэригэр» сылдьаллара, Эрчимэн этиитинэн, устудьуоннарга суруйааччылары, ускуустуба үлэһиттэрин уонна тыйаатыр артыыстарын ыҥыран көрүһүннэрэллэрэ.
Устудьуоннуур кэмигэр Баһылай артыыс дьоҕура арыллыбыта. Учууталбыт В.Н. Протодьяконов бакылтыат уус-уран самодеятельноһын салайара. Онно хаста да пьеса туруорбуттара. Мин өйдүүрбүнэн, хайа эрэ казах суруйаачытын «Ини-бии» пьесатын тылбаастаан туруорбуттарыгар Баһылай сүрүн оруолу толорон биһирэммитэ. Аны «Улукбек» драмаҕа Улукбек оруолун оонньоон бэстибээл лауреата буолбута. Уопсайынан, Баһылай Босиков кыбыстан турбат майгылаах, туттарыгар-хаптарыгар артыыстыы маньыаралаах, үчүгэй тыллаах-өстөөх буолан, дьон иннигэр бэркэ көстөрө. Кини бу устудьуон кэмигэр ылбыт үөрүйэҕэ кэлин