Павел Харитонов, Володя Лиханов, Егор Винокуров бааллара. Егор Петрович Шестаков устудьуоннар айымньыларын ырытыытын истэ олорон, «чэ, кэбис эбит, эчи сүрүүн, дириҥник да ырыталлар эбит» диэн санаалар киирэннэр, кулук-халык буола олордоҕум дии, туга да суох киһи!
Онтон биир иккис куурус устудьуонката Маша диэн кыыс, туран, хоһоон ааҕан сыыйда, хайдах эрэ халымалыы саҥарар этэ. «Сааскы күн сандааран, хоһум иһин сырдатан дуу, сылытан дуу…», – диэбитигэр уолаттар уоттаах кириитикэни күөдьүппүттэригэр, мин отой эстэн түспүтүм. Мин иһиттэхпинэ, хайдах эрэ сырдык, үчүгэй баҕайы курдук, кинилэр этэллэринэн: «Аһара үтүктээйи, туох да конфлига суох». «Айабыын, дьоннор сайдыылаах да буолар эбиттэр», – диэн саллан, аны манна кэлиэ суохпун диэн ис санаабын бигэргэтинэ олордохпуна, биир хоодуот, холуон, хадаардыҥы сэбэрэлээх эдэр киһи сулбу ойон туран, уобарастааһын күүһүн холобурун көрдөрөрдүү бэйэтин хоһоонун ааҕан куйуһутта… Соһуйдум аҕай! Ону биир намыын соҕус куоластаах устудьуон: «Босяк наһаа дии… хоһоон барыта хайдах ньиргиэрдээх, конфликтнай ис хоһоонноох буолуой?» – диэбитигэр, мин «Босяк», аата да олох Есенин кэминээҕи поэттар псевдонимнарын курдук буолан диэн, чахчы сиппит-хоппут поэт буоллаҕа дии санаабытым… Босяк, Босой, дьикти! Гордый, непоколебимый, непобедимый босиком, но горы свернет дии санаабытым. Мин көрөн-истэн олордохпуна, чахчыта да Максим Горькай тыына киниэхэ баар курдуга. Ити дьарык кэнниттэн «Сэргэлээх уоттарыгар», сүрдээх дьоннорго, муннубун да быктарбатаҕым, суруйааччылаан бүппүтүм. Кырдьыга да, ити дьарыкка баар устудьуоннар бары да оччоттон куттара-сүрдэрэ уһуктубут, кэнэҕэски ытык суолларын туппут устудьуоннар эбиттэр. Билигин, бу олорон, сөпкө да сүр баттаппыт эбиппин диэн толкуйдуубун, суолум-ииһим атын буоллаҕа.
Салгыы ити бөлөхтөн, кырдьык, өрөспүүбүлүкэҕэ үгүс туһаны аҕалбыт дьон үүнэн-сайдан тахсыбыттара: Г.Г. Филиппов, В.И. Босиков, С.А. Попов-Тумат, Е.П. Неймохов… Дьикти дии! Устудьуон эрдэхтэриттэн дьоһун дьон!
Оттон Василий Иванович Босиков-Босяк Дьокуускай куоракка саха оҕолорун төрөөбүт тылларыгар үөрэтиини муоһаласпыт, оннун, тирэҕин булларыыга суол тэлсибит, саҥа саҕахтары арыйсыбыт үтүөкэннээх учуутал! Сайсары – саха дьоно түөлбэлээн олорор сирдэрэ, онно олорор саха оҕолорун дьоллоругар Василий Иванович Дьокуускай куорат 14-с нүөмэрдээх орто оскуолатыгар өр сылларга саха тылын, литературатын, кэлин өссө төрүт култуураны үөрэппитэ. Василий Иванович хайдах эрэ хатырыктамматах хатыылаах мастыҥы майгылаах киһи курдук өйдөнөр этэ. Ол гынан баран, билсэн, үлэ-хамнас, үөрэтии ииччэҕин-бааччаҕын ырытыһан бардахха – сымнаан, толкуйун, ньымаларын бэрт итэҕэтиилээхтик быһааран, көдьүүстээх, тыыппалаах өттүн тобулбут буолааччы.
Үөрэппит оҕолоро бэрт махталлаахтык: «Биһигини Василий Иванович үөрэппитэ», – диэн киэн тутта ахталларын үгүстүк истибитим. «Төрөөбүт тыллаахпыт диэн санаабытыгар да киллэрбэт дьону бэһис кылаастан, дьэ өрө тардан таһаарбат дуо, бары хоһоон ааҕар, айар идэлэммиппит. Билигин кылааһынан көрүстэхпитинэ,