Группа авторов

Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым


Скачать книгу

саха тылын статуһун үрдэтэргэ туруорсара. Куораттааҕы үөрэх салаатын өр сылларга салайбыт, кэлин үөрэх миниистиринэн таһаарыылаахтык үлэлээбит Евгения Исаевна Михайлова Василий Ивановичтан сахалыы саҥаҕа уонна тыл бэлиитикэтигэр, төрүт култуураҕа сыһыаным тосту уларыйбыта диэн этэн турардаах.

      Куорат оскуолатыгар үлэлиир бастакы сылларыттан саха тылын, литературатын кэбиниэтин тэрийбитэ. Бэйэтэ ойуулуур талааннаах буолан плакаттарын, көрдөрөр таблицаларын ис киирбэхтик оҥортообута, саха суруйааччыларын мэтириэттэрин ыйаталаабыта. Суруйааччылары, артыыстары, учуонайдары кытта көрсүһүүлэри тэрийтэлээбитэ. Кинилэр саҥаларын магнитофоҥҥа устан уруоктарга туhаммыта. Бу кэбиниэт 1983 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүгэ бастыҥнар ахсааннарыгар киирбитэ. Ол иһин үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтэр институт саха тылын кэбиниэтин кытта айымньылаахтык бииргэ үлэлэспитэ, саха тылын уонна литературатын учууталларын куурустарыгар лиэксийэлэри аахпыта, көрдөрүүлээх уруоктары ыыппыта. Өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ учууталларын ахсааныгар киирбитэ.

      Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ киириитэ В.И. Босиковы айымньылаах үлэҕэ кынаттаабыта, үрдүк үөрэҕи бүтэриэҕиттэн ымыы оҥостубут сахалыы үөрэтиигэ санааларын олоххо киллэриигэ суол аһыллыбыта. Куорат эйгэтигэр төрүт култуура төлкөлөөх түөрэҕин түһэрэргэ анаан, 14-с оскуола биир кылааһыгар саха балаҕанын бэйэтэ бырайыактаан, тутан-хабан туттарбыта. Ол балаҕаныгар үөрэнээччилэрин сиэргэ-туомҥа уһуйбута. Бэйэтэ ааттаах алгысчыт этэ. «Куккун куоттарыма, сүргүн сүтэримэ» диэн альбом кинигэни суруйан тарҕаппыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай оскуола кэнсиэпсийэтин олоххо киллэрсиини саха учууталларыттан биир бастакынан өйөөбүтэ, айымньылаахтык үлэлээбитэ. Ол да иһин 1993 с. СӨ үтүөлээх учууталын үрдүк аатын ылбыта. Онно мэҥэһиннэрэн, 1996 с. «Сыл бастыҥ учуутала» ааты ылан, «Саха-Азия оҕолоро» пуонда стипендиата буолбута. Эһиилигэр Дьокуускайга «Сыл бастыҥ учуутала» күрэххэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. Бу наҕараадалар Василий Иванович учуутал быһыытынан айымньылаахтык үлэлээбитин кэрэһилииллэр.

      Кини билиитин-көрүүтүн үлэтин үөрүйэҕин өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар сылдьан тарҕаппыта. «Айыы үөрэҕэ», «Оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтии», «Оҕону иитиигэ норуот үгэстэрин туһаныы», «Саха литературатын уруоктарыгар хаартыскалары, аудио-видео матырыйааллары туһаныы» диэн тиэмэлэргэ анал куурустары, сэминээрдэри аахпыта. Оскуолаларга национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ киириитигэр улахан практическай көмөнү оҥорбута.

      Ыарахан ыарыылыын туруулаһыы

      Баһылай Уйбаанабыс, ити курдук өрө көтөҕүллэн, үйэлээх сааһыгар турууласпыт санаата олоххо киирэн туолан эрэриттэн эрдийэн, айымньылаахтык үлэлии сылдьан, улууска командировкаҕа тиийэн баран, эмискэ оҕустаран ыалдьыбыта.

      Онтон санаатын күүһүнэн туруулаhан бэттэх кэлбитэ. Төһө да тайахха тэптэрэн сырыттар, учууталлыыр үлэтин тохтоппотоҕо, саха тыла уонна төрүт култуура туругурарын