хоһооҥҥо тардыһыылаах буолан, маҥнайгы куурустан саҕалаан, биллиилээх литературовед Е.П. Шестаков-Эрчимэн салайар «Сэргэлээх уоттара» куруһуокка дьарыктанан барбыта. Егор Петрович, Москубаҕа Максим Горькай аатынан литературнай институкка үөрэммит буолан, литература теориятын, устуоруйатын, литературнай кириитикэни лиэксийэлэригэр даҕаны, куруһуокка сылдьааччыларга даҕаны өйдөрүгэр-санааларыгар киирэр гына үүттээн-ааннаан кэпсиирэ, такайара даҕаны.
Биһиги үөрэнэр кэммитигэр «Сэргэлээх уоттарыгар» Варвара Потапова, Уйбаан Ороһуунускай, Николай Уйгуров, Иннокентий Сыроватскай, Иннокентий Левин, Николай Урсун, биһиги куурустан Сэмэн Тумат, Гаврил Филиппов, алын куурустартан Ойуку, Харысхал, Бүөтүp Хоро уо.д.а. сылдьаллара. Билигин бары да саха литературатыгар биллэр ааттар буоллулар. Кинилэр суруйааччы буолан, үүнэн-сайдан тахсалларыгар Эрчимэн оруола бэрт улахан. Кини саха литературатын устуоруйатын үөрэтэригэр устудьуоннар бэйэлэрин санааларын этэллэрин, мөккүһэллэрин сатаан тэрийэрэ. Онуоха Баһылай Босяк, бэйэтэ айылҕаттан араатар дьоҕурдаах уонна литература устуоруйатыгар аахпыта-билбитэ үгүс буолан, мөккүөрдэргэ көхтөөхтүк кыттара, санаатын хотоойутук этэрэ. Ордук Эллэй, Уйбаан Гоголев-Кындыл поэзияларын туһунан ураты санаалаах буолара, кинилэр талааннаах поэт буолалларын дакаастаан тахсара.
Баһылай Босяк хоһоонноругар эдэр саас, инникигэ эрэл, уоттаах таптал, төрөөбүт дойдуга, аар айылҕаҕа сүгүрүйүү истиҥ иэйиитэ этиллэрэ. Куурус оҕолоро бары да кинини поэт быһыытынан хара маҥнайгыттан билбиппит. Бэл, сорохтор төрөөбүт күҥҥэ анаан хоһоон үлэһэллэрэ. Факультекка эркин хаһыатын оҥорсоро, онно хоһооннорун таһаарара. Лиэксийэ, сэминээр быыһыгар хоһоон суруйан тахсара, көрдөөх-күлүүлээх түгэннэри хоһоонунан хоһуйбут буолара.
Хоhооҥҥо тардыһыылаах буолан, маҥнайгы куурустан поэттары кытта алтыһара. Ол туһунан оччолорго да, кэлин да сэһэргэһэ олорон сэһэн-ыаһах оҥосторо. Ордук таайа Николай Босиковы кытта САССӨ норуодунай поэта Эллэйдиин бииргэ алтыһан ааспытын киэн тутта кэпсиирэ. «Эдэр коммунист» хаһыат иһинэн суруйааччы Анастасия Сыромятникова салайар «Хомус» түмсүүгэ сылдьыбыта. Онно сылдьан, Вениамин Мироновы, Альберт Бүлүүйүскэйи, Николай Дьяконовы, Василий Титову кытта билсибитэ. Кинилэр эдэр поэт үүнэн-сайдан тахсарыгар сүбэ-ама буолбуттара, айымньылаах үлэҕэ көҕүлээбиттэрэ.
Баһылай Босяк «Угуйар саҕах» (1988), «Барыта эйиэхэ ананар» (1992), «Эн мичээриҥ» (1995), «Ыра санаам кыната» (2008) диэн хоһоон уонна «Суруллубут суоруллубат: ыстатыйалар, этиилэр, ахтыылар» (2002) диэн кинигэлэрдээх. Кини бу кинигэлэригэр бэйэтэ сүрэҕэр сөҥөрдүбүт, өйүгэр-санаатыгар иитиэхтээбит саныыр санаатын, истиҥ иэйиитин уран тыл ууһунан дьүһүннээн-дьүһүйэн бэргэнник хоһуйан таһаарбыт хоһоонноро, анаарыылара киирбиттэр. Ол иһин ааҕааччыга тиийимтиэлэр уонна өйдөнүмтүөлэр.
Оттон кини айар үлэтин туһунан чинчийии, анаарыы суоҕун кэриэтэ. Арай литературовед Николай Николаевич Тобуроков,