эбэлээх эһэҕэ, уруу-аймах дьоҥҥо, төрөөбүт дойдуга, норуокка уонна кыыс аймахха ананар. Поэттарга тапталы биллэрэр ньымалара үгүс уонна араас көрүҥнээхтэр. Хайаан да сөбүлүүбүн, таптыыбын диэн буолбат. Үгүстэр умсугуйар, сөбүлүүр уобарастарын араас кэрэ быһаарыылаан (эпиитэттээн), туохха эрэ холоон, тэҥнээн, ханыылаан хоһуйаллар. Сорохтор уйулҕаларын араас хамсааһынын: ахтылҕаннарын, күүтүүлэрин, суохтааһыннарын, үөрүүлэрин, өрөгөйдөрүн уо.д.а. көрдөрөн истиҥ иэйиилэрин этэллэр.
В.И. Босиков бу күн сиригэр сүгүрүйэр күүстэрэ Таптал уонна Тыл буоларын билинэр:
Таптал уонна Тыл
Хатат кыымнара.
Таптал уонна Тыл
Өлбөт мэҥэ уута.
Кыттыстарбын ол кыымнарга,
Умустарбын ол улуу ууга.
Төрөөбүт тыла бэйиэккэ «сытыы кылыһа», туттар матырыйаала, «көмөлөһөөччүтэ», «быстыбат быйаҥа», «кэриэс ыһар кырыһа». Ол иһин В. Босяк этэр:
Мин күүстээхпин Ийэ тылбынан,
Аалы көтөҕөр алгыспынан,
Өбүгэлэртэн силис тардынан
Тыыннаах кэлбит үгэспитинэн.
Дьэ бу төрөөбүт тылын көмөтүнэн эрэ поэт сырдык иэйиитин, уоттаах тапталын бар дьонугар этэр, тиэрдэр кыахтанар. Тыла суох хайдахтаах да дириҥ иэйии сүрэхтэн сүүдүйэн тахсан сүрэхтэри долгутар кыаҕа суох.
«Сүгүрүйэбин тылга уонна тапталга» диэбитин арыйар тосхолбун тутуһан, аҕыйах тылы таптал туһунан хоһоонноругар аныырга быһаарынным.
Вася Босиков оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, аналын Уля кыыһы кытта олоҕун биир дьылҕалыырга анаабыта диэбиппит. Ити кэмнээҕи тапталга анаабыт хоһоонноро буолуохтарын сөп диэбиппитин көрүөҕүҥ. Идеала: «хара харахтаах хара суһуохтаах хара бараан кыыс», «арыы саһыл хааннааҕым, хара саһыл хаастааҕым», «эн кэрэ түүлүм Айыы Куота… чоҕу хайа туппуттуу чоҕулуччу көрөҥҥүн абылаатыҥ дууһабын; көтөр-дайар көҥүл лыахтыы сэгэлдьийэ хаамаргын… угуйбахтыы долгуһуйар толбоннурар суһуоххун имэрийэн ылларбыан, сир симэҕэ уоскуттан уҥа-таала уураатарбыан», «эн биһиги көрсөн билсибиппит ыраатта, харахпытынан кэпсэтэбит, мичээрдэһэн ааһабыт. Чугасыһыахпытын – икки ардыбытыгар көстүбэт мэһэй турар. Ол – бэйэ иэйиитигэр саарбахтааһын», «сүрэҕим тэбиитин сүрэххинэн, хараҕым кэпсэлин хараххынан таайдыҥ ини, биллиҥ ини. Кэбис, миигин муҥнаама, бэйэҥ этиий биир тылла», «кырдал устун дайан иһэр тапталлаахпын саната, куба маҥан хатыҥ турар лабаатынан дайбана», «мин эйигин билэр курдукпун өртүүн-өртөн. Ийэм эмиийин үүтүн сылааһа эйигин көрсүөхпүн эрдэттэн санаттаҕа».
«Өлүөнэ үрдүгэр… түллэҥнии оргуйар долгуну одуулуу турбуппут… долгуҥҥа дыгыйан киирэр күн сарыала кылыйта. Олортон биир көмүс сардаҥа биһиэхэ дьол суолун ыйбыта. Ол суолу тутуһан, сиэттиһэн, аһыыны-ньулууну да иһэн, инники дьулуһан иһэбит. Олоххо дьоллоохпут дэһэбит.» «Үрүмэччи кыната чараас солко ырбаахыҥ тэллэҕэ тэлээрэн, сэгэйэ дыгыйан, сэгэриэм кэллиҥ эн миигинниин көрсүһэ… Эн курдук атастаах, ахтылҕан аргыстаах сылдьартан үөрэбин, дьоллоохпун