Группа авторов

Василий Босяк: кэриэспин ыһар кырыһым


Скачать книгу

үлэлээбит, үүнэр ыччаты үлэҕэ-хамнаска, сайдам-сайаҕас буолууга көҕүлээбит. 1968–1973 сылга, саха салаатыгар үөрэнэр кэмигэр, төлөннөөх араатар, артыыс, бөлүһүөк, поэт, учуутал талаана аһыллыытыгар күндү преподавателлэрбит В.Н. Протодьяконов, Е.П Шестаков-Эрчимэн, Б.Н. Попов-Барылҕан уо.д.а. улахан сабыдыалы оҥорбут буолуохтаахтар. Таарыччы аҕыннахха, тыл улахан үөрэхтээҕэ, кэлин бэрэпиэссэр буолбут Н.Д. Дьячковскай салайааччылаах саха салаата дьиҥ чахчы чиҥ билиини-көрүүнү эрэ буолбакка, олоххо-дьаһахха бэлэми, сахалыы көрүүнү, өйү-санааны, үлэҕэ эппиэтинэстээх сыһыаны иитэн- үөрэтэн таһаарбыт эбит.

      Вася үөрэнэр кэмигэр артыыс талаана аһыллыбытын бииргэ үөрэммит табаарыһа, СГУ бэрэпиэссэрэ Г.Г. Филиппов «Умайар устудьуон, бастыҥ учуутал, биллэр поэт Баһылай Босиков» диэн ааттыын да олус табыллыбыт ыстатыйатыгар бу курдук суруйбута: «В.Н. Протодьяконов ханнык эрэ казах суруйааччытын тылбаастаабыт «Ини-бии» пьесатыгар басмач уонна «Улугбек өлүүтэ» драмаҕа Улугбек уобарастарын киһи итэҕэйиэн курдук ылыннарыылаахтык оонньоон сөхтөрбүтэ».

      Университекка үөрэнэ сылдьан, факультеппыт үлэтин-хамнаһын, олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөр, хайаан да литературнай страницалаах, биэс-алта баатыманы холбоон хаһыат таһаарарбыт. Ити хаһыаты таһаарыыга араас куурус оҕолоруттан талыллыбыт редколлегия үлэлиирэ. Мин ити редколлегия састаабыгар киирэн, олус үчүгэй майгылаах, билиилээх-көрүүлээх, талба талааннаах үөһээ куурус устудьуоннарын ордук чугастык билсибитим: киэҥ-холку, өрүү сырдыгынан, сылааһынан сыдьаайа сылдьар Ф.К. Стручкову, поэт, уруһуйдьут, артист В. Босягы, үҥкүүһүт Г.Г. Борисовы уо.д.а.

      Үһүс кууруска үөрэнэ сырыттахпытына, аҕыйах оҕо Узбекистааҥҥа саха салаатын билиһиннэрэ бара сылдьыбыттара. Онно анаан дириҥ ис хоһоонноох, олус үчүгэй уруһуйдаах алта баатыман усталаах хаһыакка «Сэргэлээх уоттара» куруһуок оҕолорун хоһооннорун түмэн, литературнай альманах оҥорбуппут. Бу үлэҕэ үөһэ ааттаммыт устудьуоннар кыттыбыттара.

      Василий Иванович айылҕаттан айдарыылаах улахан учуутал, уһуйааччы, тэрийээччи, саха төрүт култуурата, итэҕэлэ тиллиитигэр сыралаһан туран үлэлээбит киһи буолар. Мин кэлин учууталлыы, завучтуу сылдьан, Василий Иванович Дьокуускайга 14-с оскуолаҕа үлэлиир кэмигэр, хас сэминээр тэрийдэҕин аайы, түбэһэ түһэн, арыт ыҥырыллан сылдьыбытым уонна куорат усулуобуйатыгар сахалыы куттаах-сүрдээх оскуоланы аһыахха сөп эбит диэн санааҕа кэлбитим. Өрүү В. Босяк айымньылаах үлэтиттэн астынан-махтанан барарым. Урукку өттүгэр куорат 2-с нүөмэрдээх эрэ оскуолата сахалыы тыллаах оҕолору үөрэтэр оскуоланан биллэрэ. Бу итэҕэс сыыйа туоратыллан, Василий Иванович үлэлиир кэмиттэн ыла саһаҕаны умаппыттыы күөдьүйэн, балачча элбэх оскуола баар буолбута.

      Итэҕэли, төрүт култуураны, сиэри-туому үөрэтии, ыытыы айылҕаттан бэриллиилээх эрэ киһи ылсар дьыалата. Василий Иванович кыра оҕо эрдэҕиттэн элбэҕи билэн улааппыта маннык үлэни кыайа тутарыгар төһүү буолбута. Идэтин утумнааччы кыыһа У.В. Заболоцкая «Поэт уонна учуутал» (Дьокуускай, 2001) тахсыбыт кинигэтигэр бу курдук суруйбута: «Тулалыыр эйгэни кыра эрдэҕиттэн тыыннааҕымсытан өйдүүр, харыстыыр өйү-санааны киниэхэ эбэтэ Мааһа – Мария