утуйуоҕун тыал түһэн оту-маһы аймаан уһугуннарда. Момуой үөхсүбүтүнэн ойон турда. Хантан эрэ эмискэ баар буолан хаалбыт холорук охсубут отун өрө ытыйан таһааран эрэр эбит. Момуойуҥ холоругу кытары хокуосканан киирсэр киһи буолла. Онтун быыһыгар мэлииппэлииргэ дылы, эмиэ да маатыралаан субурутар:
– Уочча наас, Иза өссө… Б..! Дь..! Бар, киэр буол! Наа немеси…
Холорук кэлэйбиттии кэхтэн хаалла, атын сир диэки халбарыйан биэрдэ.
– Уу хара накаас! Абам да эбит, оппун сөрөөн илдьэ барда дуу, хайа сах дуу? Дь.., бу ыт онно эбии-сабыы буолан оту үлтү тэпсэн кэбиспит. Дьэ, бэйикэй уус, эйиэхэ саахтаан эбэн бэрт, – ытыгар туттар саамай улахан накаастабыла ити.
Хайдаҕын да иһин от үлэтин «дьурхаана» саҕаланнаҕа. Yөхсэрэ үөхсэр, иһигэр үөрэр. Окко киирии сүпсүлгэнэ, отуу чэйин дыргыл сыта, ыһык алаадьытын минньигэһэ. Бу кэми кэтэһиинэн эрэ олорор курдуккун.
Саха сахата өтөн Момуойуҥ да иһигэр үөрэр быһыылаах – барбах киҥинэйэн киһиҥ өссө ыллыыр. Кумаар дыыгынааһына, күлүмэн саҥата, Момуой ырыата сайыҥҥы дьикти мөлүөдьүйэ буолан иһилиннэ. Хонноҕо аһыллан киһибит син үлэлээмэхтээтэ. Күн киэһэрдэ. Дьиэҕэ барыы «дьурхаана» бу кэллэ.
Сайын Халдьаайыга үчүгэй даҕаны.
-13-
Күн буоллар киирдин, дьон баҕар утуйдун – Сандал таһыгар сабараанньа. Бэҕэһээҥҥилэртэн бары кэриэтэ бааллар. Бааттаах кэм да быраканьыардыы сырыттаҕа. Уонна Мэнээктэрэ сол да суох.
– Бу от саҕана аны киһи көрдөөһүнүн дьурхаана буолуо, – Момуой саҥарыахха эрэ диэн саҥарар.
Халдьаайыга ким ханна сылдьара, тугу гыммыта тута биллээччи. Ол иһин бэҕэһээ бииргэ арыгыласпыт киһилэрэ ууга тааһы бырахпыт курдук сүппүтүттэн дьиксиннилэр.
– Һаа! Сарсын эмиэ оттуу барыллар, – Момуой кини эрэ отчут курдук биири хатылыы турда.
Эдиинистибэннэй рашеннара туох да буолбатаҕын курдук исиһэ турда.
– Ну, что, Мамай, много накосил? – төбөттөн туоһулаһар.
– Сэпсиэм сэниэ эстээрискэй, – төбө ырдьах гынар.
Киһитэ өйдөөтө эрэ, суох эрэ – күлэн сыһыгыратар.
– Наливай, – Момуой биир тылы сөпкө нууччалаата.
Онтун соболоҥор устуопкатыгар толору кутан биэрдилэр. Маҥнайгы хотуур малааһына итинник саҕаланна. Yчүгэй чалбараҥтан ким да маппата.
– Юлия, оо, Юлия! – Сандал сонун дьахтар түннүгүн анныгар сэрэнээдэлээн киирэн бараары гынна.
– Бу да киһи, хас дьахтар аайы, – Тайах хаһан да атыырҕаабатахха дылы, буойдаҕа буолла.
– Сэнэх эрдэхтэринэ сири-сибиири кэрийэн тахсаллар, атын дойду ааттаахтарыгар тиксэллэр. Уонна дьэ биһигинниктэргэ эргиллэллэр, – Мара Бааска өссө дьахтар сирэрдээх.
– Эт сиэбэтэх ыраатта. Харанан сылдьан биирин үксүн иһим моһуогурда, – Момуой өйө онно эрэ үлэлиир.
– А Юлька-то ничего, – Акулов аны дьахтарбытыгар иҥсэрэн эрэр диэн номнуо ылбыттыы санаммыт Халдьаайы холостуойдара рашеннарын диэки сөбүлээбэтэхтии көрдүлэр.
Ымсыырар икки ылар икки атын