курдук. Эппитин эмэһэ курдук этэ турар Момуой мээритин ылбатаҕар махтал. Саҥата барыта күрүчүөк, төттөрү, түктэри. Дьиибэҕэ-дьээбэҕэ өйө, дьэ, тиллэр. Момуойу аһара барыах ыччат. Стивен Кинг кинигэлэрин эрэ батыһа сылдьан ааҕар, өлөрсүүлээх-өһөрүүлээх кинигэлэринэн бэркэ үлүһүйэр.
Туохтан мөккүөр тахсыбыта буолла. Сир-дойду ууга баран от үлэтэ харгыстаммытыгар Момуой эмиэ тугун буруйай. Сатамматын этэн айдааны саҕалаатаҕа.
– Ээ, хантан оттуохпутуй. Сир үйэтигэр кууруо суоҕа, – Момуой куолутунан тиэрэ хайыһан туран саҥарар.
Кэннигэр киһилээх дуу диэххэ айылаах. Остуолга буоллаҕына айаҕар аһы толору симнэн эрэ баран саҥарар идэлээх. Ол да буоллар Момуойуҥ култуурнайа дьикти. Эйигин «Эһиги» диэнинэн эрэ ааттыаҕа.
– Абааһы сүөһүтүн сүүстээн кэбиһиэххэ баара. Сылы быһа үүт да үүт, от да от айдаана. Сылаата дьикти, – уонна кыһалҕата суохтук дьааһыйан кэбиһэр.
– Хайыы, туох диэн эттэҥий, тугу сиэн-аһаан олороору гынаҕын? – таах туруохтааҕар ким эрэ буойдаҕа буолар.
– Ээ, эт сиэбит суох. Тииһим да ыстаппат, – сыҥааҕын туора-маары хамнатан көрөр. – Хойуулаабатаҕым хас да хонно. Биир кэм тот курдук сылдьабын.
– Оттон, дьэ, үүтү иһэн биэриэххин. Дьэ көҥү барыа этиҥ буоллаҕа.
Онуоха Момуой туох да диэн хардарбат. Па даҕаны, туох улуу хамсааһына буолаары гынна диэн өрө сүүрэн тахсыбыта, баара-суоҕа саах айдаана эбит дуу.
Сотору дьон биир дьыаланы түргэнник быһаардылар. Хантан эрэ биир иһити ойутан аҕалан истилэр. Yүлүйэ ол иһит, онтон өссө биир кураанахтаныар диэри иһийэн тура сатаан көһүйэ сыста. Дьиэтигэр киирэн хаалыаҕын интэриэһинэйэ дьэ саҕаланыах курдук.
Төбө көрө сатаан баран:
– Ээ, миэхэ эмиэ кутуҥутууй, – уонна салбаммахтаан ылла.
– Момуойга, кырдьаҕаска, кутан биэриҥ эрэ, – бу иннинэ дьону үөрэтэрдии иһийэн турбут Мара Бааска көөҕүнээтэ.
Төбөҥ бэлэм устуопкалаах сылдьар эбит. Онтун тоһуйан биэрдэ. Толору куппуттарын хантас гыннаран кэбистэ уонна испитин мэлдьэһэн мэндээриччи көрөн турда. Бороскуой ытын үрүүкэтэ дьикти.
– Чоот эрэ, б… ыта! Баһын хампы тэппит киһи баар ини, – Сандал ыалын ытыгар суоһурҕаннаҕа буолла. – Миигин баҕас үрүө да суохха баара. Хайа муҥун.
Күндү астан ким да маппата. Бэл, Бааттаах балайда турса түстэ. Ыттара кыһалҕата суох сыталлар. Бороскуой ытын үрүүтүгэр кымаардаан да көрбөттөр.
Ньуу-ньаа буолан барыыларын саҕана биир оҕонньор тиийэн кэллэ.
– Оҕолоор! Прасковья Ивановна манна олорор дуо? – бачча киэһэ хайалара балайданан кэллэҕэй.
– Ким, ким?
– Прасковья…
– Аа, Бороскуой дуо?
– Во, во, кини.
– Оттон эн ким буолаҕын?
– Ээ, эһиги миигин билбэккит. Маппый диэммин. Бу дойдуттан барбытым түөрт уонча сыл буолла. Огдооботуйан, олоҕум огдолуйан бу диэки кэлэн хааллым. Бороскуой эмиэ соҕотох дии? – оҕонньор эргэлээх